«Амма», «Бороҕон», «Умнас» уонна «Эдьигээн» суолларыгар хааччахтааһын олохтонуоҕа

Бөлөххө киир:

Массыына суолларын управлениета муус устар 5 күнүттэн  «Амма», «Бороҕон», «Умнас» уонна «Эдьигээн» суолларыгар хааччахтааһын олохтонорун туһунан иһитиннэрдэ.

Ол курдук Кангаласс — Суотту хайысхатынан Өлүөнэ өрүһү туорааһыҥҥа айан-сырыы 30 туоннаҕа диэри уйуктаах массыыналарга эрэ көҥүллэнэр. 

Оттон 20 туоннаҕа диэри хааччахтааһын маннык хайысхаларынан олохтонуоҕа:

— «Амма» суолугар  Уус Маайа —  Элдьикээн хайысхатынан,  Амма уонна Алдан өрүстэри туорааһыҥҥа 198 км итиэннэ  423 км.

«Умнас» суолугар  Улахан Аан — Сиинэ уонна Сиинэ  — Өлүөхүмэ улууһун кыраныыссата.

«Эдьигээн» суолугар Бүлүү куорат  —  Эдьигээн бөһ. уонна Бүлүү өрүһэ  —  Бүлүү к.

edersaas.ru
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0