Амма Болугурун дьаһалтатын бачыымынан, хотоҥҥо үлэлии тахсыҥ!

10.01.2018
Бөлөххө киир:

Аммаҕа Болугур нэһилиэгэр Ороһуоспа күн нэһилиэк дьаһалтатын, арыы сыаҕын уонна оҕо саадын үлэһиттэрэ, барыта 20-чэ киһи, олохтоох хаһаайыстыбаҕа – “Болугур” производственнай кэпэрэтиип ферматыгар тахсан, ыанньыксыттары, бороон көрөөччүлэри, сүөһү үлэһиттэрин сынньатаары субуотунньуктаатылар.

edersaas.ru


—Биһиги пиардана сатаан, хотоҥҥо үлэлии тахсыбыт буолбатахпыт, — диэтэ тута нэһилиэк баһылыга Степан Кузьмин “Саха сирэ” хаһыат аатыттан эрийэрбин билэн. – Онто суох батсаабынан, фейсбугунан дэлби тарҕатаннар, кыбыстыыга киллэрдилэр. Чэ, оттон официальнай таһаарыы буоллаҕына, туох баарынан суруйар инигит?.. Биһиги былырыыҥҥыттан тыа хаһаайыстыбатыгар уһулуччу суолта биэрэн, инники күөҥҥэ тутан үлэлэһэ сылдьабыт (С.Н.Кузьмин 1,5 сыллааҕыта талыллыбыт саҥа, эдэр салайааччы. – В.Н.). Хаһаайыстыба хайдахтаах уустук усулуобуйаҕа үлэлиирин билэ-көрө сылдьабыт. Манна ыал ийэлэрэ, аҕалара сылы эргиччи биир күн өрөөбөккө үлэлииллэр. Дьиҥнээх үлэ дьоруойдара – кинилэр. Онон сүбэлэһэн баран, бырааһынньыкка дьиэлэригэр-уоттарыгар киһилии сынньанныннар диэн, биир күн солбуйарга быһаарбыппыт.

Степан Николаевич өссө эрдэ субуотунньуктуохтарын Болугур оскуолатын 110 сыллаах үбүлүөйүн тэрээһинэ, түбүгэ үтүрүйбүтүн эттэ. Тохсунньу 6 күнүгэр ылаат, ити тахсыбыттар. Дьэ, онон сүүрбэччэ киһи түөрт хотонунан хайдыһан күнү быһа үлэлээбиттэр. Дьахталлар ынах ыабыттар. “Биһиги, үс эр киһи, биир сүөсүһүт күннээҕи үлэтин тиритэ-хорута толордубут”, — диир баһылык. Манна биир да механизациялаах хотон суох, үлэ барыта – хары күүһүнэн. Хаһаайыстыба Яков Барабанов салайар сылларыгар хотоннорун бэйэтин кыаҕынан туттубута. Кэлин өссө бэһис хотон эбиллибит.

Болугур нэһилиэгэр быйылгы кыстыкка кэтэхтиин-кэпэрэтииптиин 2 тыһ. тахса ынах сүөһү уонна биир итиччэ сылгы иитиллэн турар. Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэктэриттэн биир саамай элбэх сүөһүлээх-сылгылаах нэһилиэк баһылыга ол иһин үйэҕэ биирдэ аныгы технологиянан механизациялаах улахан хотон Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бырагырааматыгар киллэриллэн тутуллуохтааҕын туруорсара сиэрдээх. “Биһиэхэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы-тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Петр Алексеев кэлэ сылдьан, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин өйүүрбүтүгэр эппитэ. Биһиги бачыыммытын атыттар батыһалларыгар ыҥырабын”, — диир Степан Кузьмин.

“Болугур” тыа хаһаайыстыбатын производственнай кэпэрэтиибэ быйылгы кыстыкка 676 ынах сүөһүнү, ол иһигэр 258 ыанньыгы уонна 680 сылгыны көрөн-иитэн туруорарын туһунан хаһаайыстыбаны төрдүс сылын салайар Михаил Ксенофонтов иһитиннэрдэ. Кэпэрэтиип 69 үлэһиттээх, мантан ыанньыксыта – көмөлөһөөччүлэрдиин 16 киһи. Сайын 50 тыһ. солк. диэри хамнас аахсар ыанньыксыттар аҕыйаҕа суохтар. Кыһын ыанньыксыт  ортотунан 25-тии тыһ. солкуобайы ылар. Сүөсүһүт 25 тыһ., бороон көрөөччү 24 тыһ., аппараат үлэһитэ 18 тыһ. солк. хамнастаахтар. Эдэр салайааччы үлэтин саҕалыырыгар үлэһиттэр орто саастара 61 буоллаҕына, билигин 48 сааска тэҥнэспит. Михаил Петрович: “Лаппа эдэримсийдибит. Биһиэхэ улууспут кииниттэн уонна тастан кэлэн кытта үлэлииллэр”, — диэтэр даҕаны, үлэһит илии син-биир тиийбэт эбит. Эрэллэрэ – Амма Абаҕатыгар “Илгэ” хаһаайыстыбаҕа “Туймаада” хампаанньа бырайыагынан тутуллубут 250-ча ыанньык ынах турар комплексын курдук аныгы, кэскиллээх эбийиэк түргэнник олоххо киирэригэр.

Манна сыһыаран эттэххэ, “Болугур” ТХПК аппараатын үлэһиттэрэ – 8 киһи былырыын Дьахтар күнүгэр хотон-ферма үлэһиттэрин солбуйан сынньаппыттар. Быйыл саас ол үгэстэрин эмиэ салгыыр санаалаахтар. “Оччолорго сибээспит мөлтөх буолан, хата, биллибэккэ-көстүбэккэ хаалбыта”, — диэн күлэр кэпэрэтиип бэрэссэдээтэлэ.

Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0