Батсаап обургу тугу-тугу тилийэ көтүппэтэҕэй? Амма улууһун киинигэр таһа профлииһинэн бүрүллүбүт дьиэ умайа турарын хаартыската сарсыарда тарҕанан саҕалаабыта.
Прокопий БУБЯКИН, https://edersaas.ru
Туох-ханнык буолбутун билээри, улуус киин балыыһатыгар эрийдибит. Дьолго, сиэртибэ да, улахан материальнай хоромньу да суох.
Кылаабынай быраас комментарийа
Софья Александрова, Амма улууһун киин балыыһатын кылаабынай бырааһа:
- Балыыһабыт олбуоругар эргэ эбийиэк баара, уруккута сэллиги эмтиир балыыһа дьиэтэ. Таһын урут профлииһинэн бүрүйбүттэр этэ. Бөөлүүн онтубут умайда.
- Баһаар төрүөтэ биллэр дуо?
- Боруобата хатыста быһыылаах. Чуолкайа биллэ илик. ЫБМ үлэһиттэрэ көрө сылдьаллар. Эргэ дьиэ буолан, туһалыыра кыра этэ. Ол да буоллар, син биир хоромньу буоллаҕа.
Прокопий БУБЯКИН, https://edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1