Кэлиҥҥи кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ суолларыгар саҥа муосталары тутан үлэҕэ киллэрии үксээтэ. Ол курдук, нэдиэлэ саҥатыгар «Аммаавтодор» тэрилтэҕэ «Мосты Севера» ХЭУо бэдэрээт быһыытынан үлэлээн, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах Амма – Уус Маайа суолугар Хотуйа уонна Нуотара үрэхтэргэ 33 м уһуннаах, 8 м кэтиттээх уонна 115 м уһуннаах, 8 м кэтиттээх саҥа муосталары тутан үлэҕэ киллэрдэ.
Эбийиэктэр тимир матырыйаалларын Улан Үдэ куораттан аҕалан таҥнылар, сыбаайа атахтарын Тындатааҕы бетон собуотугар оҥорторбуттар. Амма улууһун Бөтүҥ нэһилиэгин олохтоохторо Хотуйа үрэххэ тутуллубут саҥа муоста баар буолан, эһиил сайын Амма өрүс өҥ хочотугар, арыыларыгар оттуу киирэллэригэр аны эрэйдэниэхтэрэ суоҕа.
«Мосты Севера» ХЭУо толорооччу дириэктэрэ Прокопий Николаев:
— Ити икки муостаны сэргэ, быйыл саас Хаандыга – Тополинай суолугар баар Мэҥкүлэ үрэх муостата сууллубутугар, ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллэн, сайыҥҥыттан саҕалаан барытын саҥардан оҥорон, бу күннэргэ үмүрүтэн эрэбит. САРМ диэн 60 т уйуктаах муостаны таҥныбыт. Амма – Уус Майа суолугар икки муостаны оҥорууга 14 анал үөрэхтээх исписэлиис уонна учаастак начаалынньыга Александр Борисов, кылаабынай инженер Валерий Ефимов үтүө суобастаахтык үлэлээтилэр.