Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» романын киинэҕэ хаһан көрүөхпүтүй?

Бөлөххө киир:

Ааспыт сыл бүтүүтэ Литература сылын түмүктээн уонна Киинэ сылын көрсө саха норуодунай суруйааччыта Николай Мординов – Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» романынан киинэ уһуллуохтаах диэн «Сахафильм» дириэктэрэ Дмитрий Шадрин уонна Таатта улууһун баһылыга Михаил Соров кыттыһан үлэлиир туһунан илии баттаспыттара. Киинэ «Сахафильм» уонна «Таатта улууһа» муниципальнай оройуон дьаһалтатын кыттыгас үбүлээһиннэринэн муус устар ыйга уһуллан саҕаламмыта. 

Саҥа киинэ үлэтэ төһөлөстө? Киинэ сылын биир бастыҥ үлэтин түмүгүн хаһан көрүөхпүтүй? «Сааскы кэми» сахалартан бастакынан киинэ идэтийбит режиссера буолбут Алексей Романов уһулла. Кини бу туһунан маннык кэпсээтэ:

– Хаар халыҥнык түстэҕинэ киинэбит бүтэһик сыанатын устуохтаахпыт. Онон киинэ устуута бүтэр, таҥыллыы, тыас-уус үлэтэ саҕаланар. Үгүс сыананы Таатта улууһугар уһуллубут, онон улуус олохтоохторо көхтөөх кыттыыны ыллылар, харбалаахтар маассабай сыаналарга оонньоотулар. Дьокуускайга уонна Хаҥаласка кыратык эмиэ устубуппут. Сүрүн оруолларга Саха, Нуучча уонна Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыстара уһулуннулар: Федот Львов – Дьөгүөр, Сардаана Вырдылина – Сөдүөччүйэ, Степанида Борисова – Даарыйа эмээхсин, Айаал Аммосов – учуутал. Оттон Микиитэ Лэглээрин оруола Ытык-Күөл 1-кы №-дээх оскуолатын үөрэнээччитигэр Алеша Поповка сүктэриллибитэ. Киинэ «Сааскы кэм» роман сүрүн ис хоһоонугар олоҕуран уһуллар. Режиссер быһыытынан бэйэм көрүүлэрбин эбэн-киллэрэн биэрдим. Арамааҥҥа баар дьоруойдары сэргэ сонун уобарастар эмиэ баар буолуохтара. Аныгы дьон ромаҥҥа суруллубут кэми биһиги киинэбит нөҥүө сөптүк ылыналларын туһуттан күүстээх үлэ барда. Ол курдук, интерьер мала-сала, иһит-хомуос, таҥас-сап барыта ааспыт кэм тыынын биэриэхтэрэ. Маны буларга, тигэргэ ыарахаттары көрүстүбүт. Улахан дьон таҥаһын тыйаатырдартан уларсыбыппыт, оттон оҕолор таҥастарын анаан тиктэрбиппит. Киинэни көрөн баран дьон ыарахан оҕо саас, революция биһиэхэ тугу аҕалбытын билиэхтэрэ уонна өйдүөхтэрэ дии саныыбын. Устар састааппыт күүстээх уонна бары биир санаалаах дьон түмсүбүт буоламмыт, устуу чааһыгар ыарахатары көрсүбэтибит. Онон үп-харчы дьыалата барыта кэмигэр быһаарылыннаҕына, кэлэр сыл кулун тутар ыйыгар киинэбит сүрэхтэниитэ буолоуҕа. Билиҥҥи туругунан киинэ уопсай бүддьүөтэ 7 мөл. солкуобайга тэҥнэһэр.
Манна даҕатан эттэххэ, Амма Аччыгыйа 110 сыллаах үбүлүөйүнэн «Сахафильм» киинэ хампаанньата «Сааскы кэм» романы киинэ гынан оҥороллорун таһынан, өссө норуодунай суруйааччы олорон ааспыт олоҕун чахчыларыгар олоҕуран, документальнай киинэни усталлара былааннанар.

Айтана АММОСОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0