Амма Абаҕатыгар «Сылгыһыт күнүн» сыл аайы ыытыахтара

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ улуустарга Сылгыһыт күнүгэр аналлаах тэрээһиннэр буола тураллар.

edersaas.ru

Биир оннук суолталаах тэрээһин Амма улууһун Абаҕатыгар буолла.

Сылгыны үөрдээн иитиигэ туһуламмыт «төгүрүк остуолга» нэһилиэктэртэн кэлбит сылгыһыттар санааларын хото этиннилэр. Кинилэр толкуйдарын, этиилэрин истэн баран, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын эппиэттээх үлэһиттэрэ, уопуттаах сылгыһыттар бэйэлэрин санааларын үллэстэллэригэр көрдөстүм, — диэн кэпсиир «Амма олоҕо» улуустааҕы хаһыат кэрэспэдьиэнэ Алтаана Артемьева.

СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сүөһү иитиитин племенной кэтээн көрүү кэпэрээссийэтин  уонна дьоҕус хаһаайыстыбатын дэпэртээмэнин салайааччыта Артем Александров сылгыһыттары кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтэн, кинилэр кыһалҕаларын истэн баран,  маннык толкуйга кэлбит:

—  Ассоциация тэриллибитэ үчүгэй. Уопсастыбаннай тэрилтэ бириэмэни уһаппакка саҥа хайысхалары тобулан, сокуоннарга уларытыылары киллэрэн үлэлиирин ситиһэр инниттэн, тыа сиригэр үлэни бииргэ ситимнээхтик ыытыахпыт. Бүддьүөттэн тыа хаһаайыстыбатыгар 2%-на тиксэр, ону 10% тириэрдэр соруктаахпыт. Тыа сирэ кэлимсэ сайдыытын бырагырааматыгар үбү ботуччу көрөр туһунан кэпсэтиини ыыта сылдьабыт. Тиийинэн олоруу кээмэйэ билигин 28 тыһ. солк., оттон тыа сирин дьонун хамнаһа 24 тыһ.солк.  тэҥнэһэр. Нэһилиэнньэ 20%-на — кыаммат араҥа. Ыччаты тыа хаһаайыстыбатыгар хайдах сыһыарар туһунан толкуйу эмиэ тобула сатыыбыт.

СӨ тыа  хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Алексей Филиппов «төгүрүк остуолга» этиллибит санааларга маннык кыттыһар:

— Бастакы бэрэсидьиэн Михаил Николаев тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар  улахан болҕомтону ууран, нэһилиэктэргэ сылгы иитиитин исписэлииһин анаан тутан хамнастыыр этэ. Сылгыһыттары анал таҥаһынан, ат тэриллэринэн хааччыйыы баара, субсидия көрүллэрэ. Сылгыһыттар олорор баазаларын тутуу саҕаламмыта. Бырабыыталыстыба 100 баазаны туттарар уурааҕа тахсан, Аммаҕа 6 бааза баар буолбута. Үрэхтэр кытыыларыгар оттууллара, сааскы өртөөһүн баара. Саха боруодатыгар улахан болҕомто ууруллубута. 80-с сылларга генопуонданы тупсарыыга түөрт хаһаайыстыбаҕа  кэлимсэ сыаналааһыны (сылгыны мээрэйдээһин, ыйааһыннааһын, удьуорун быһаарыы) оҥорон кылааһын быһаарарбыт. Ол курдук билиҥҥи кэмҥэ эмиэ боруоданы тупсарыыга үлэ өссө күүскэ барыахтаах. Сылгыны иитии  тэйиччи баазалары, күрүөнү-хаһааны тутууттан саҕаланыахтаах.

Өртөөһүнү хаһаайыстыбалар бэйэлэрин көҕүлээһиннэринэн, ойуур хаһаайыстыбатын тэрилтэтин хонтуруолунан, олохтоох дьаһалта көмөтүнэн ыытыахтарын сөп.

Амма улууһунааҕы тыа хаһаайыстыбатын салаатын салайааччыта Ион Кононов сылгыһыттар санааларын кытта толору сөбүлэһэр:

— Бу тэрээһини сыл аайы ыытыахпыт. Бастакы холонуубутун сылгыһыт ылынна. Үлэни тупсарыыга барыларын түмэр ассоциация баара сөптөөх. Хаһаайыстыбалар, сылгыһыттар икки ардыларыгар сыл аайы күрэхтэһиилэри ыытар, чулуу сылгыһыттар ааттарынан бириэмийэлэри олохтоон, бастыҥнары наҕараадалыыр баҕа баар. Бүгүҥҥү кыайыылаахтар Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһиҥҥэ кыттыахтара, араас күрэхтэһиилэргэ  улууспут чиэһин көмүскүөхтэрэ.

РФ үтүөлээх фермерэ, саҥа талыллыбыт ассоциация бэрэссэдээтэлэ Лев Старостин уопсастыбаннай тэрилтэ туһунан санаатын үллэһиннэ:

—  Ассоциация сылгыһыттары, салалтаны, дьокутааттары кытта уопсай тылы булан, кыһалҕалары туруорсан, сылгы иитиитин сайдыытыгар үлэлэһиэхтээх диэн өйдүүбүн. Сылгыны  дьиэ аттыттан араарар хайысханы тобулуохпут. Өртөөһүнү ыытыыны туруорсуохпут. Сылгы баазаларын тэрийии, тиэхиньикэнэн хааччыллыы, ыччаты сылгы иитиитигэр сыһыарыы курдук боппуруостар сытыытык тураллар. Оҕону тыа хаһаайыстыбатыгар үөрэтии дьиэ кэргэнтэн саҕаланыахтаах. Уопуттаах сылгыһыттарга эдэр дьону сыһыартыахпыт. Сылгыны иитиигэ тыа сирин оскуолата болҕомто ууран былааннаах үлэни ыытыахтаах. Билигин саҥа ирдэбилинэн бобууттан атын оскуолаҕа суох курдук. Үлэлии турар бырагыраамалары төрдүттэн уларытан, саҥа сүүрээннэри тобулуохха наада.

«Сэргэ» бааһынай хаһаайыстыба баһылыга Алексей Караканов сылгы төрүөҕэр болҕомтотун уурда:

Сылгы доруобай, үчүгэй төрүөхтээх буоларыгар хаанын уларытыыга көмө баара буоллар диэн баҕалаахпын.

Уматыкпыт үрдүү турар. Ыччат сылгы иитиитигэр сыстыбат. «Эдэр фермер» диэн бырагыраама баара да, тохтоон хаалла. Ол ыччаты тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыарар биир үтүө ньыма этэ. Уопсайынан, сокуонунан оҕону үлэттэн күүскэ тэйитии барда. Биһиги бүттүбүт да, сылгы иитиитэ эстэр туруктаах. Кадрдары бэлэмнээһиҥҥэ үлэ күүскэ барыан наада.

Амма Абаҕатыгар сүрэхтэммит «Сылгыһыт күнэ» тэрээһин кыттыылаахтара бэйэ-бэйэлэриттэн уопут атастаһан, санааларын атастаһан, бэрт элбэҕи билэн-көрөн астынан тарҕастылар. Тэрээһин сыл аайы ыытыллар буоллаҕына, үгүс кыһалҕа кэмигэр быһаарыллан, сылгыны үөрдээн иитиигэ сайдыы саҥа тосхоло торумнанара чахчы. 

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — интернеттэн уонна  Алтаана Артемьева түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0