Аммаҕа ыал тиэргэнигэр тайах киирэн соһутта (видео)

Бөлөххө киир:

Бүгүн сарсыарда Амма улууһун Амма Наахара нэһилиэгин ыалыгар күүтүллүбэтэх ыалдьыт «кэлэн» соһутта. Ол курдук ыал олбуоругар аарыма улахан тайах киирдэ.

edersaas.ru

Маннык сонун сарсыардаттан батсаабынан тарҕанна. Ulus.media саайтка «Амма олоҕо» хаһыат суруналыыстарыгар дьиэлээх хаһаайка маннык кэпсээбит: «Сарсыарда 5 чааска туох ааттаах аймалҕан буоллаҕай диэн түннүгүнэн туран көрбүтүм 5-6 ыт кыылы хаайан үрэ сылдьаллар эбит. Хараҕын үрдүнэн бааһырбыта хаана сүүрэ сылдьар. Баҕар булчут ыттар хайа тарпыттара дуу, эбэтэр сүүрэн иһэн ханна эрэ иҥнэн бааһырдыан сөп“.

Арааһа, ойуур баһаарыттан куотан дьонноох сиргэ кэллэҕэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0