Аммаҕа учууталга үөрэнээччилэрэ дьиэтин өрөмүөннээн биэрдилэр

16.07.2020
Бөлөххө киир:

Амма 2 №-дээх орто оскуолатын 1991 сыллаахха бүтэрбиттэр биир иллээх дьиэ кэргэн курдук күн бүгүнүгэр диэри бииргэ сылдьаллар. Соторутааҕыта үөрэнээччилэр тапталлаах учууталларыгар Марианна Ивановна Трифоноваҕа дьиэтин акылаатын көтөхтөрөн, толору өрөмүөннээн биэрдилэр.

edersaas.ru

Үөрэппит оҕолоро учууталларын хаһан да умнубаттар, куруутун билсэ, кэпсэтиһэ, сонуннарын, үөрүүлэрин үллэстэ тураллар. Кэлэр сылга оскуоланы бүтэрбиттэрэ 30 сыла туолар. Икки кы­­лаас олохторугар чиҥник үктэнэн, бэйэлэрин суолларын булбут дьон. Кинилэр ортолоругар өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэҕэ миниистирэ Майя Данилова, Ил Түмэн дьокутаатынан талыллан таһаарыылаахтык үлэлээбит “Олимпийскай эрэллэр” училище директора Алексей Филиппов бааллар.

“Дьиэм олох түһэн, хайдах өрөмүөннүүбүн диэн санаа бөҕөҕө түспүтүм. Онтон тутууга сыһыаннаах диэн үөрэнээччибин Анатолий Федоровы ыҥыран сү­­бэлэппитим. Онуоха кини сирийэн көрбүтэ. “Биир эрэ суол баар, хара муосталаан көтөхтөрдөххө сатанар”, – диэн эппитэ.

Дьэ, мин ону хайдах оҥорторорум буолла диэн толкуйга түспүтүм. Ону Анатолий икки кылааһы түмэ тардан, икки нэдиэлэнэн оҥорон бүтэрэн кэбиһэн туох да махталым муҥура суох. Оҕолорум барахсаттар Анатолий Федоров, Аполлон Захаров улахан тустуу маастардара буолбуттар, үлэ­лииллэрин, сатаан тутталларын-хапталларын киһи эрэ астына көрөр. Куоракка олорор оҕолор Иван Максимов, Стас Захаров тутуу матырыйаалын буллулар. Ону барытын Алена Егорова тиэйтэрэн аҕалла. Ону таһынан Алена Алексеевна күн аайы туох наадатын, итэҕэһин сөрү-сөпкө суоттаан ааҕан баар оҥорон истэ. Аллараа Бэстээххэ олорор Татьяна Тастыгинабыт тутуу, электроматырыйаал атыылаһан ыытта уонна бэйэтэ икки күн кэлэн субуотунньуктаата. Анна Григорьева диэн үөрэнээччим түөрт “Камаз” массыына буор аҕалтарда. Олег Александров электрик буолан уоппун олох да саҥаттан тардан биэрдэ. Оҕолорум буор үлэтигэр бэйэлэрин оҕолорун, бырааттарын көмөлөһүннэрдилэр. Үлэ хаамыытын барытын Анатолий Георгиевич Федоров тэрийэн, салайан ыытта. Үлэни олус үчүгэйдик былааннаан, дьон күүһүн бэрт сөптөөхтүк туһанар эбит. Ол эмиэ улахан туспа талаан буоллаҕа. Үөрэппит оҕолорум бары бу курдук дьоһун дьон буолбуттарыттан наһаа киэн тутуннум уонна дьоллоннум”, – диэн Марианна Ивановна киэн тутта кэпсиир.

Бу үтүө дьыалаҕа анаан-минээн Дьокуускай куораттан куораттан бииргэ үөрэммиттэр Сергей Антипин, Алексей Филиппов, Николай Яковлев, Иван Максимов, Сергей Щабельскай, Покровкаттан Роман Спасьев, Амматтан Семен Атласов, Стас Бессонов, Егор Михайлов, Олег Александров, Яна Григорьева, Сусанна Леонтьева, Вероника Чекальдина, Анна Григорьева, Валентина Батурина, бэл, Бүлүү улууһун Кыһыл Сыырыгар олорор Иван Крылов кытта кэллилэр. Онон солбуһа сылдьан учууталларын дьиэтин көтөхтөрөн эрэ буолбакка, ис бараанын кытта аныгылыы уларытан, толору хааччыллыытын, оһоҕун барытын оҥорон биэрдилэр. Дьиэ үрдүн аныгы матыры­йаалынан бүрүйэн биэрдилэр. Күн аайы хамаанда уларыйа сылдьан, ким төһө сололооҕунан кэлэн үлэҕэ кыттыстылар. Күҥҥэ 5-10 киһи буолан түмсүүлээхтик үлэлээн улахан өрөмүөнү икки нэдиэлэ иһинэн үмүрүтэн кэбистилэр.

“Үөрэнээччилэрим бу курдук олус көхтөөхтүк кэлэн көмөлөспүттэрэ ханнык да наҕараадатааҕар үрдүк. Дьиҥнээх учуутал дьоло – кини үөрэппит оҕолоругар! Мин кинилэри кэнники икки сыл илдьэ сылдьыбыт буоллаҕым. Кэргэним Ананий Дмитриевич кылааһа этэ. Кини кылааһын оҕолорун олус үчүгэйдик илдьэ сылдьара. Соҕотох ийэлээх уолаттары түмэн сайын аайы от биригээдэтэ тэрийэн үлэлэтэрэ. Онно балыктаан, бултаан да көрөллөрө. Оҕолорбор Орто дойду бары үтүөтүн, кэрэтин баҕарабын! Үлэлэрэ-хамнастара сити­һиилээх буоллун, дьиэ кэргэттэригэр дьолу-­соргуну, чэгиэн доруобуйаны. Бу курдук инникитин да тутуспутунан иллээхтик сылдьыҥ диэн алгыыбын! Оҕолорум төрөппүттэригэр, дьиэ кэргэннэригэр эмиэ тулуйан-тэһийэн сылдьыбыккытыгар махтанабын”, – диэн учуутал киһи долгуйан, үөрэн туран баҕа санаатын этэр.

Билигин кини саҥалыы тыыны ылбыт дьиэтин көрө-көрө сүрэҕэ сы­­лаас ­иэйиинэн туолар, үөрэнээччилэригэр махтала күн-түүн улаатар.

“Амма олоҕо” хаһыат

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0