Аммаҕа тахсан субуотунньуктаатылар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Экономика министиэристибэтин үлэһиттэрэ ааспыт өрөбүлгэ Амма Покровкатыгар саҥа быһыллыбыт бурдугу кууллааһыҥҥа көмөлөстүлэр.

Амма улууһугар сиртэн үүнээйини ылыыга биэс хаһаайыстыба («Амма» АУо, «Болугур», «Бөтүҥ», «Соморсун» кэпэрэтииптэр уонна «Абага» ХЭТ) дьарыктанар. Кинилэр саас бурдугу (сэлиэһинэйи, ньэчимиэни уонна эбиэһи) холбоон 3 тыһыынча 550 гектар бааһынаҕа ыспыттара.

Төһө да кураан буоллар, үүнүү наһаа куһаҕана суох. Билигин хомуур үгэнэ. Саамай элбэх ыһыылаах «Амма» АУо 1000 гектар бааһына бурдугун быһан, 1 тыһыынча 788 туонна бурдугу хомуйда. Улуус киинин тэрилтэлэрэ итиэннэ үтүө сүрэхтээх дьон куораттан тиийэ кэлэн, бурдугу кууллааһыҥҥа көмөлөһөллөр. Экономика министиэристибэтин үлэһиттэрэ быйыл эмиэ тахсан субуотунньуктаатылар диэн бу биэдэмистибэ пресс-киинэ иһитиннэрэр.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ»,  edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0