Аммаҕа стадион хайаан да тутуллан бүтүөҕэ

Бөлөххө киир:

Быйыл Аммаҕа буолуохтаах Саха сирин норуоттарын VII спортивнай оонньуулара аны эһиилги сылга көстө. Төһө да халаан уута суолу-ииһи, социальнай эбийиэктэри, дьон дьиэтин тоҕо солоон ааспытын иһин, нэһилиэктэри чөлүгэр түһэрии үлэтэ күннэтэ ыытыллар. Олохтоох дьаһалта салалтата: «Өссө күүскэ бэлэмнэнэн, спортивнай күрэхтэһиини үрдүк таһымҥа ыытыахпыт, стадион быйыл тутуллан, үлэҕэ киириэ», — диэн этэр.  

edersaas.ru

“Ыам ыйын 28 күнүгэр улахан тыал түһэн, 8 нэһилиэк уота быста сырытта, ону РЭС-­тэр түргэнник холбоотулар. Эһиилги спортивнай оонньууларбытыгар стадион быйыл тутуллан бүтүөҕэ, ону таһынан, элбэх функцияны толорор киин (МФЦ) үлэҕэ киириэҕэ, сквердэрбитин, уулуссаларбытын оҥоруохпут, сибэкки олордуохпут, хас бээтинсэ аайы субуотунньукка тахсабыт. Сотору СӨ ыччат министиэристибэтин нөҥүө 90 киһилээх устудьуоннар тутар этэрээттэрэ кэлэн олбуор, оһох оҥоруутугар, бөх ыраастааһыныгар үлэлиэхтэрэ”, — диэн улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Иннокентий Климентов балаһыанньаны билиһиннэрдэ.

Онон, 2019 с. кыыс Амма күөх кырсыгар спорду таптааччылар киэҥ түһүлгэҕэ мустуохтара.

Марианна ТЫРТЫКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0