Аммаҕа сэргэх тэрээһиннэр

Ааптар: 
15.02.2021
Бөлөххө киир:

Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр анаммыт тэрээһиннэр Амма улууһугар сэргэхтик, өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытыллыбыттар.

Бу туһунан улуус дьаһалтатын саайтыгар бэлиэтээн суруйаллар. Ол курдук,  элбэхтэн биири холобурдаатахха, Амма нэһилиэгэр Айыы дьиэтигэр «Күрүө туттар» алгыс бэртээхэйэ ыытыллыбыт. Тэрээһини Айыы дьиэтин салайааччыта Петр Неустроев-Эрэл Эркин ыыппыт, «Алгыс» түмсүү салайааччыта Людмила Ноговицына- Аммачаана мустубут дьоҥҥо алгыһын анаабыт. Эдэр ыччакка туһаайан алгысчыт Петр Неустроев бу киһи бэйэтигэр, чугас дьонугар, дьиэтигэр-уотугар куһаҕан санааны, араас мөкү тылы-өһү, дьаҥы-дьаһаҕы киллэрбэт гына күрүөлэнэрэ — Күрүө туттуута диэн ааттанарын сиһилии быһаарбыт. Тэрээһиҥҥэ мустубут дьон-сэргэ ыраастанан, алгыс ылан улаханнык үөрбүттэр. Түмүккэ оһуохайдаабыттар, ирэ-хоро сэһэргэспиттэр, санааларын үллэстибиттэр, маннык тэрээһин туһалааҕын бэлиэтээбиттэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0