Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн СӨ ОДьКХ ГУП 28 саҥа хочуолунайы үлэҕэ киллэриэхтээх. Ол курдук, бүгүн Амма сэлиэнньэтигэр 12,5 МВт кыамталаах автоматизированнай хочуолунайы үлэҕэ киллэрии үөрүүлээх быһыыга-майгыга буолан ааста. Бүгүн биэс хочуолтан үһэ үлэлии турар. Икки хочуолу халлаан лаппа тымныйдаҕына, үлэлэтиэхпит дииллэр үлэһиттэр.
Амма улууһун баһылыга Александр Архипов: «Бүгүн Амма сэлиэнньэтин Арҕаа микро-оройуонун олохтоохторугар икки бүк үөрүүлээх түгэн тосхойдо. Бастакытынан, саҥа хочуолунай үлэҕэ киирдэ. Иккиһинэн, микро-оройуоҥҥа баар чааһынай дьиэлэр киин ититэр ситимҥэ холбонон, саҥа эбийиэк итиинэн хааччыйан эрэр. Саҥа хочуолунайы тутуу 2014 сылтан саҕаламмыта эрээри, араас мэһэйдэртэн тохтотулла сылдьан баран, быйыл күүскэ ылсыбыппыт түмүгэр, барыта этэҥҥэ буолла. Түгэнинэн туһанан, Ил Дархан Егор Борисовка, СӨ бырабыыталыстыбатыгар, СӨ ОДьКХ ГУП генеральнай дириэктэрэ Александр Ноговицыҥҥа махталбын тиэрдэбин», – диэн хочуолунайы аһар үөрүүлээх түгэҥҥэ эттэ.
Саҥа хочуолунай билиҥҥи кыамтатынан 350 чааһынай дьиэни итиинэн хааччыйар кыахтаах. Бүгүн 150-тан ыал дьиэтэ холбоммут буоллаҕына, эһиил былаан быһыытынан итиччэ дьиэ киин ититэр ситимтэн итиинэн хааччыллара ситиһиллиэҕэ.
«Саҥа эбийиэк сүрүн уратытынан – манна күрдьэҕинэн таас чоҕу кутуу аны суох. Анал транспортер көмөтүнэн таас чох хочуолга төһө сөп буоларынан кутулла турар. Сууккаҕа, ол эбэтэр биир сменаҕа алта киһи үлэлиир. Үс смена баар. Таас чоҕу Томпо улууһун Дьабаракы Хайатыттан аҕалаллар. Бүгүн үс хочуол сууккаҕа 12 т таас чоҕу туһанар, мантан инньэ халлаан тымныйдаҕына өссө элбиэҕэ», – диэн Амматааҕы ОДьКХ ГУП филиалын маастара Николай Баттахов кэпсээтэ.