Балаҕан ыйын 15 күнүгэр, Амма Солобуодата тэриллибитэ 366 сылыгар саҥа спорт саалата уонна 3 тыһыынча миэстэлээх, сүүрэргэ ичигэс манежтаах стадион үөрүүлээх аһыллыыта буолла.
Стадион болдьоҕор үлэҕэ киириитигэр улуус баһылыга Николай Архипов үчүгэй дьаһаллаах салайааччы буолара көһүннэ. Аһыллыыга Саха сирин салалтатын аатыттан СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы э.т., Саха сирин норуоттарын 7-с спортивнай оонньуулара ыытыллалларыгар тэрийэр кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Ольга Балабкина кытынна. Саха сирин баһылыгын э.т. Айсен Николаев аатыттан Балабкина Амма улууһун олохтоохторун спорт тутуулара үлэҕэ киирбиттэринэн эҕэрдэлээтэ.
“Киһи төһө да олоҕор былааннааҕын үрдүнэн айылҕа содулун хайдах да гыммаккын. Ону ол диэбэккэ, аммалар саҥа эбийиэктэри тутан, Амманы кылгас кэм иһигэр чөлүгэр түһэрдилэр. Эһиил Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларын Амма улууһугар дьоһуннаахтык ыытыахпыт диэн эрэллээхпин”, — диэн Ольга Балабкина эттэ. Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы э.т. СӨ салалтатын аатыттан улуус олохтоохторо быыбарга көхтөөхтүк кыттыбыттарын иһин махтанна. Аммалар бу көрдөрүүгэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 2-с сылдьаллар. Маны таһынан, үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Амма улууһун төрүттээҕэ, чулуу тустуук Николай Захаров – Сахаачча пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
Улуус олохтоохторугар өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай наҕараадаларын туттардылар. Амма нэһилиэгэр тутуллубут спорт саалата федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи бүддьүөттэн үбүлэннэ. Эбийиэккэ тустуу, спорт араас көрүҥүнэн дьарыктанар саалалар бааллар. Стадион тутуута 436 мөлүйүөн 499 тыһыынча солкуобайга тэҥнэстэ. Стадион иһэ-таһа сахалыы истииллээх.
Эһиил от ыйыгар манна Саха сирин норуоттарын 7-с спортивнай оонньуулара ыытыллыахтара.
edersaas.ru