Амма Абаҕатыгар Сылгыһыт күнүн бэлиэтээтилэр

Ааптар: 
21.03.2019
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи Сылгыһыт күнүн  чэрчитинэн  Амма Абаҕатыгар «Сылгыһыт күнэ» тэрээһин буолан ааста.

edersaas.ru

Улууска 11 тэрээһиннээх хаһаайыстыбаҕа (ол иһигэр 4 үөрдээн иитии хаһ.), 37 бааһынай, 1 көмө хаһаайыстыбаҕа 90 сылгыһыт үлэлиир.

Улуус историятыгар аан бастаан ыытыллыбыт суолталаах тэрээһиҥҥэ «Күн Дьөһөгөй оҕото» уонна  икки Кыһыл Знамя уордьан кавалера, СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, РСФСР тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Гаврил Семенов олоҕун,

баай уопутун сырдатар, кини  суруйбут  кинигэлэрин, туттубут малларын,

араас тэриллэрин, ыҥыырдарын,  таҥастарын

быыстапкатын СӨ култууратын туйгуна, бибилэтиэкэр Клара Карманова ыалдьыттарга сиһилии билиһиннэрбитэ үгүс киһи болҕомтотун тарта.

Амма сылгыһыттарыгар Өймөкөөн улууһун Сордоҥнооҕун сылгыһыттара Владислав Аммосов уонна Николай Скрыбыкин «Сылгыһыт ырыата» диэн ырыаны айан бэлэх уунан ыыппыттарын Роберт Захаров толордо.

Сылгы иитиитинэн дьарыктанар тыа сирин үлэһит дьоно сүрүн кыһалҕаларын уонна баҕа санааларын эттилэр. Ол курдук, фермер Ньургун Гольдеров сылгыһыт хамнаһа быстар кыратын,  үүт харчыта үрдээбэтин, ыччаты сылгыны иитииигэ  сыһыарар уустугун, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үөрэҕи ылбат эрэ киһи барар диэн 90-с сыллар алҕастарын көннөрөргө, бүддьүөтү тыырыыга тыа хаһаайыстыбатыгар көрүллэр харчыны үрдэтэргэ Ил Түмэн дьокутааттара үлэлэһэллэригэр эттэ.

Мээндиги олохтооҕо  Лев Старостин   үлэ барыта уматыктан тутулуктааҕын бэлиэтээтэ. Сатаҕай  сылгыһыта Владимир Онуфриев тэйиччи баазалаах хаһаайыстыбаларга, табаһыттарга курдук, чуум үлэһитэ көрүллэригэр, дотация эбэтэр субсидия бэриллэригэр, элбэх үлэһити фермер хамнастыыр кыаҕа суоҕун, социальнай бакыатын кыайбатын, сылгыһыттары үөрэтии наадалааҕын, онуоха үлэ кэмин учуоттаан ыытыллара сөптөөҕүн эттэ.

Болугуртан Николай Кожуров өртөөһүн 90-с сылларга диэри ыытылла сылдьыбытын, сылгылар мэччийэр сирдэрэ суох буолан, бааһыналарга сылдьалларын эттэ.  Ыраах сытар биригээдэ сылгыһыттарыгар кыылы бултуулларыгар, урукку сылларга курдук,  «котловойу» көҥүллүүргэ этии киллэрдэ.

Учууталлаан биэнсийэҕэ тахсыбыт,  бэһис сылын сылгы иитиитинэн дьарыктанар Соморсун олохтооҕо Василий Нестерев биэнсийэ харчыта үрдээбэтин, ыраах нэһилиэктэн Аммаҕа сотору-сотору киирэн докумуону толоруу бириэмэни ыларын, тэйиччи баазаны тутуу уустугун, өртөөһүн ыытыллыбатынан үрэхтэр оттоммотторун, хаһаайыстыбаларга хамнас көрүллэрэ, сылгылаахтар бары кыттыһан кооперация буолаллара наадалааҕын эттэ.

Юрий Прокопьев саҥа министиэристибэ тэриллэригэр 1 миллиард 200 мөлүйүөн көрүллүбүтүн, ол суумма  тыа хаһаайыстыбатыгар тоҕо угуллубатаҕын ыйытта. Уматык сыаната олус ыараабытын, оҥорон таһаарар бородууксуйа туһаныллыбатын ыйда. Сылгы, ынах тириитэ, туйаҕа, муоһа быраҕылларын, маны барытын туһаҕа таһаарар урбаанньыттар наадаларын, ыччаты төрүт дьарыкка сыһыарыыга салалта үлэлэһэригэр, сир алдьаныыта тахса турарын, өр өртөммөтөх сиргэ төттөрүтүн улахан уот барарын эттэ.

Бөтүҥтэн сылдьар кырдьаҕас сылгыһыт Петр Самсонов өртөөһүн хайаан да ыытыллыахтааҕын, баазаны дьиэ аттыгар туттууну олохтоох дьаһалта хонтуруоллуохтааҕын, күрүө-хаһаа оҥоһуллуохтааҕын, бородууксуйаны батарыы эмиэ эрэйдээҕин, олус чэпчэки сыанаҕа биэрэллэрин бэлиэтээтэ.

«Төгүрүк остуолу» Ион Кононов сылгыһыттар улуустааҕы  ассоциацияларын тэрийэр туһунан этии киллэрбитин, тэрээһин кыттыылаахтара өйөөтүлэр. Уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлинэн Мээндигиттэн РФ үтүөлээх фермерэ Лев Старостин биир санаанан талылынна.

Ат сүүрдүүтэ суох сылгыһыт тэрээһинэ ыытыллыбат буоллаҕа.  «Алаас» ипподромҥа улууска аан бастакытын ыытыллар түөрт түһүмэхтээх эстафета үгүс  көрөөччүнү түмтэ.

Тыҥааһыннаах киирсии түмүгүнэн Абаҕа нэһилиэгин Строд аатынан хаһаайыстыба иккис хамаандата инники күөҥҥэ тахсан 1-кы миэстэни ылла. 2-с миэстэни Покровка, 3-һү Сулҕаччы нэһилиэктэрин сылгыһыттара ыллылар. Амма, Болугур, Абаҕа — 1-кы, Бөтүҥ хамаандалара эмиэ хамаандаларын чиэһин кыах баарынан көмүскээтилэр.

Боруода сылгылар быыстапкаларыгар иккиттэн алталарыгар диэри саастаах атыырдар турдулар. Тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ эксперт быһыытынан үлэлээн,  Болугур хаһаайыстыбата үһүс, «Үрүйэ» Соморсун хаһаайыстыбата иккис, оттон Иван Строд аатынан хаһаайыстыба кыайыылааҕынан таҕыстылар. Саха аттарын 800, 1200, 1600 миэтэрэҕэ сүүрдүүгэ Сахалла (А.А.Караканов, Соморсун нэһилиэгэ), Казбек  уонна Самныбат («Давидофф» ХЭТ, Амма нэһилиэгэ) кыайыылаахтарынан тахсан үөрүү өрөгөйүн биллилэр.

Ити курдук, Амма сылгыһыттара санааларын хото атастаһан, ат сүүрүүтүн астына көрөн, сылгыһыттарга анаммыт суолталаах күнү бэрткэ астынан тарҕастылар.

Алтаана АРТЕМЬЕВА, 

Амма улууһа,

Абаҕа нэһилиэгэ.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0