«Амма», «Бороҕон» уонна «Нам» суоллар учаастактара өрөмүөннэннилэр

03.11.2020
Бөлөххө киир:

«Амма», «Бороҕон» уонна «Нам» эрэгийиэннээҕи суоллар учаастактара өрөмүөннэннилэр. Бу үлэлэр «Куттала суох  уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытылыннылар диэн СӨ Суолга управлениета иһитиннэрэр.

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥаласка «Амма» суол биэс килэмиэтирдээх учаастага өрөмүөннэннэ. Манна суол оҥорооччулар аспаал тэлгээтилэр. Оттон Уус Алдаҥҥа Кангалас-Бороҕон хайысханан 3,73 км уһуннаах сиргэ сиэмэн-бетон уурбуттар.

Нам улууһугар «Нам» хампаанньа үлэлээтэ. Манна 11,12 км сиргэ аспаал тэлгэннэ. Оттон хаалбыт 7,38 км суол 2021 сыл күһүнүгэр диэри оҥоһуллуохтаах.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0