Саха киинэтэ ыччат бэстибээлин куонкуруһугар кыттар

19.10.2017
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Сочи куоракка буола турар XIX аан дойдутааҕы ыччаттар уонна устудьуоннар бэстибээллэригэр Алексей Амбросьев режиссердаах «Семь дней надежд» киинэ «KINO LAB» куонкурус сүүмэдиир түһүмэҕин ааста. edersaas.ru

Куонкуруска Саха сирин делегацията икки киинэни билиһиннэрдэ, мантан «Семь дней надежд» киинэ сүүмэрдээһини ааста. Киинэни алтынньы 21 күнүгэр Film screening CINEMALAB хайысха бырагырааматыгар киирэн көстүөҕэ. Бу киинэни Алексей Амбросьев Дьокуускай куорат төрүттэммитэ 385 сылыгар анаан устубута.

Ыспыраапка

«Семь дней надежд» кылгас кээмэйдээх 18:30 мүнүүтэ уһуннаах киинэ.

Оруолларга: Федот Львов, Филипп Кассетари 

Звукорежиссер: Иннокентий Сивцев

Композитор: Моисей Кобяков

Тылбаасчыт: Наталья Пинигина

Иккис режиссер: Анастасия Питель

Туруорааччы оператор: Семен Аманатов

Оператор көмөлөһөөччүтэ: Ариан Колодезников

Режиссер уонна сценарист: Алексей Амбросьев

Киинэҕэ Виталий диэн Саха сирин биир кыра куоратын таксиһын  туһунан көстөр. Кини күннэрэ барыта биирдик ааһаллар. Арай биир күн массыынатыгар Парижтан субу көтөн кэлбит француз олорсор. Таксист кинилиин кэпсэтэн биир тылы булалларын туһунан киинэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0