Ньурба уола Аман Одун былырыын Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр, муус устар 27 күнүгэр, Дьокуускайтан түүр-монгуол омуктары түмэр, чөл олоҕу пропагандалыыр сыаллаах бэлисипиэтинэн уһун айаҥҥа туруммута. Кини бу айанын “Тропа Тенгри” диэн ааттаан, Амур уобалаһынан, Забайкальскай кыраайынан, Бурятиянан, Иркутскай уобалаһынан, Красноярскай кыраайынан, Хакасиянан, Тыванан, Алтайынан, Казахстанынан, Узбекистанынан, Кыргызстанынан, Монголиянан сылдьан ааспыт ый ортото Саха сиригэр кэллэ.
Омуктары ситимниир санаа
Аман Одун Ньурбаттан сылдьар. Кини М. К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка үөрэнэн, геофизик идэтин ылбыта. Үөрэммит идэтинэн кылгас кэмҥэ үлэлии сылдьыбыт. Былырыын саас “Тенгри ыллыгынан” (“Тропа Тенгри”) диэн бырайыак толкуйдаан, номнуо уонча хонугунан уһун айаҥҥа туруммут.
“Олохпор туһалааҕы оҥорор санааттан, төрүт үгэһи сөргүтэр, сахаҕа чугас түүр-монгуол омуктары кытта ситиммитин күүһүрдэр соруктаахпын. Онон чөл олоххо дьону угуйар баҕабыттан уонна бэйэбин тургутан көрөөрү айаҥҥа туруммутум. Бу иннинэ Соҕуруу Илиҥҥи Азия дойдуларынан сылдьыбытым. Оччолорго Арассыыйаттан бастакы тахсыым этэ. Ол айаҥҥа атын дойдулары, дьон олоҕун-дьаһаҕын көрөн бэйэм олохпор тэҥнээн, «маннык айантан, хата, киһи бэйэтин ордук билэр эбит» диэн санааҕа кэлбитим”, — диэн Аман сэһэргэһиибитин саҕалыыр.
Биир сыллаах айан
Аман сылтан ордук кэм айаҥҥа сырытта, араас дьону кытта алтыста. Бу кэм устата тугу билбитин-көрбүтүн, туох сыаллаах сылдьарын туһунан ааҕаач чыларбытыгар кэпсиир:
— Түүр-монгуол омуктар тылларын, итэҕэллэрин, култуураларын өттүгэр мин билиим кыра, анал үөрэҕэ суох киһибин. Ол эрээри маны бэйэм кэрэхсиибин, үөрэтэбин. Тенгри диэн түүр-монгуол омуктары ситимниир бары өбүгэлэрбит итэҕэллэрэ буолар. Былырыын саас «Тенгри ыллыгынан» диэни толкуйдаан, уонча хонугунан бэлисипиэтинэн айаҥҥа туруммутум. Биир төрүттээх омуктар тэҥҥэ алтыһар буолуохпутун, бэйэ-бэйэҕэ билиибитин үллэстэн төрүт үгэспитин, итэҕэлбитин, тылбытын бары өрө тутуохпутун, сүтэрбэккэ илдьэ сылдьыахпытын баҕарабын.
— Тиийбит сириҥ аайы бэйэҥ курдук санаалаах дьону кытта билсэн, доҕордоһон истиҥ. Кинилэри кытта хайдах булустуҥ?
— Айаным туһунан социальнай ситимҥэ кэпсээбитим. Ону интэриэһиргээбит дьон ааҕан-көрөн суруйар этэ. Ардыгар алҕас көрсө түспүт да дьоммун кытта бодоруһан сырыттым. Ол дьонум үксэ төрүт үгэстэри илдьэ сылдьар аулга олорор, сүөһү, хой иитиитинэн дьарыктанар дьон буоллулар. Аны дойду аайы туспа эйгэ киһи өйүгэр атын-атыннык хатанар. Холобура, Монголияҕа олус ураты көҥүл санаалаах омуктар олороллор эбит диэн өйдөөн хааллым.
— Ханнык омук тыла, култуурата, итэҕэлэ сахаларга ордук майгынныыр эбитий?
— Алтай, Тыва, Хакас омуктара майгынныыллар. Тылбыт, итэҕэлбит ордук майгынныыр. Алтайдарга биһиги Байанайбыт курдук Алтай ээзи, аны Айыыһыт курдук Умай диэн баар эбит. Ити курдук, киһи соһуйара, үөрэрэ, бэлиэтии көрөрө олус элбэх.
Дьон батыһар киһитэ
— Аман, билигин дьон харчылаах эрэ киһи айанныыр, араас дойдуну кэрийэр диэн саныыр. Сынньана, күүлэйдии бараары дьон харчы мунньунар, бэл, кирэдьиит ылан барар да түбэлтэлэрэ бааллар. Эн уон күн иһигэр толкуйданан биир сыллаах айаҥҥа туруммут киһи туох үбүгэр-харчытыгар сырыттыҥ?
— Мин айаҥҥа турунуом иннинэ эрдэттэн муспут харчылааҕым. Онтум аҕыйаатаҕына, тиийбит сирбэр үлэ булунан харчылаһан сырыттым. Саҥа айаннаан истэхпинэ дьон миигин өйүөхтэрин баҕаран, көмөлөһө сатыыр этэ. Ону кыбыстан ылыммат этим, аккаастанааччыбын. Онтон кэлин дьон мин хамсааһыммар кыттыгастаах, онно ис сүрэхтэриттэн көмөлөһөр баҕаттан утары ууна сатыыллар эбит диэн өйдөөммүн, сөбүлэһэр буолбутум.
— Айаныҥ тухары тугу өйдөөтүҥ, бу айан эйиэхэ тугу биэрдэй?
— Киһи өбүгэтиттэн кэлбити өрө тутар, үгэстэр, итэҕэл, тыл олоҕор туох суолталааҕын билэр уонна өйдүүр буоллаҕына, санаата күүстээх, мындыр, дьон киниэхэ талаһар, кинини батыһар киһитэ буолуон сөп эбит.
— Айаннаабыккын биир эмит түгэҥҥэ кэмсиммитиҥ дуо?
— Суох. Туохтааҕар да ыарахан күҥҥэ, түгэҥҥэ оннук толкуй киирбэтэҕэ.
Сотору — аан дойдуну эргийэ
Эдэр киһи аны сотору кэминэн бэлисипиэтинэн аан дойдуну эргийэ барар былааннаах. Билигин айанын хайысхаларын, ымпыгын-чымпыгын толкуйдуур. Аман көҕүлээһинин дойдутун дьоно, ньурбалар өйөөрү сылдьаллар. Онно туох, хайдах быһыылаах айан буоларын сүбэлэһэллэр. Кини бу биир сылтан ордук кэм устата бэлисипиэтинэн айаныгар соҕотох сылдьан кэллэ. Соҕотох сылдьаргын куттаммаккын дуо, аан дойдуну эргийэ бараргар аргыстанаҕын дуо диэн ыйыппыппар, Аман маннык хоруйдуур:
— Үгүс киһи тоҕо соҕотох айанныырбын ыйытар. Мин аргыһа суохпун, соҕотох сылдьабын. Куттаммаппын. Үчүгэйи, табыллары эрэ саныы сырыттахха айан чэпчэкитик табыллар дии саныыбын.
— Бэлисипиэтинэн сылдьар атын айанньыттары кытта билсэҕин дуо?
— Бүрээт уонна ньиэмэс айанньыттарын кытта билсибитим, сибээспитин тутабыт.
— Ханнык дойдуну саамай көрүөххүн баҕараҕын?
— Дойду аайы киһи кэрэхсиирэ, көрөрө-истэрэ элбэх буоллаҕа. Онон биир чопчу бэлиэтиир дойдум суох.
Дьону түмэр аналлаах айанньыт биир дойдулаахпыт Аман Одун көрүүтэ-истиитэ кэҥииригэр, толкуйдаабыта олоххо киирэригэр баҕарабыт.
Айтана Аммосова.
Хаартыскалары Аман Одун тиксэрдэ.