Бу күннэргэ Дьокуускайга Былатыан Ойуунускай аатынан литературнай мусуойга Улуу Кыайыыга туһуламмыт Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Америкаттан самолетунан кэлэр таһаҕаһы тиэйиигэ 1942 сыллаахха арыллыбыт «Өймөкөөн» диэн байыаннай аэродромҥа үлэлээбит дьон аатын үйэтитиигэ чуолкайдыырга анаммыт хаартыска быыстапката аһылынна.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Фроҥҥа анаан “Аляска-Сибиир” диэн байыаннай сөмөлүөттэри көтүтүү 75 сылыгар анаммыт быыстапка балаҕан ыйыгар диэри ыытыллар АЛСИБ үбүлүөйүгэр анаммыт суолталаах тэрээһиннэри саҕалаата. “Тымныы полюһуттан – фроҥҥа” быыстапкаҕа «Өймөкөөн улууһа» МТ баһылыга Михаил Захаров Дьокуускай куоракка олорор тыыл бэтэрээннэрин, Ил Түмэн дьокутааттарын, улуустан төрүттээх уонна өр сылларга оройуон социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кылааттарын бэйэлэрин киллэрбит, олохторун саамай күөгэйэр күннэрин Өймөкөөҥҥө анаабыт үлэ бэтэрээннэрин, улуус бары нэһилиэктэриттэн уопсастыбынньыктары ыҥыран, сылаас үүттээх чэйи иһэ олорон анаан сэһэргэстэ, санаа атастаста. Тэрээһиҥҥэ “Мэҥэ өйдөбүл” федеральнай партийнай бырайыагы сүрүннүүр Ил Түмэн дьокутаата Дмитрий Семенов, бу бырайыак салайааччыта Саргылаана Неустроева, Өймөкөөн улууһун сайдыытыгар туһаайыллар суолталаах боппуруостарга өрүү өйөбүл буолар «Сахамедиа» холдинг генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Афанасий Ноев, биллиилээх общественнай деятель, Өлүөхүмэ улууһун бэрэстэбиитэлэ Альбина Черепанова кыттыыны ыллылар.
Суолталаах тэрээһин бочуоттаах ыалдьытынан историческай наука кандидата, публицист, АЛСИБ историятын чинчийээччи Иван Негенбля буолла.
— Кэрэхсэбиллээҕэ баар, быыстапка экспозициялара бииртэн биир суолталаах докумуонунан байытыллан иһэр. Сэрии кэмигэр “Өймөкөөн” аэропордугар 13 төрүт олохтоох дьон байыаннай сулууспаны барбыттар. Кинилэр аэропорт ыскылааттарын харабыллаан, көтөн кэлэр курууһу бэрэбиэркэлээн, бэрт эппиэтинэстээх эбээһинэһи толороллоро. Бу дьон туһунан кыраайы үөрэтээччилэр көрдүүр-чинчийэр үлэни салгыы ыыталлар. Онон АЛСИБ 80 сылыгар саҥа ааттары эбии буолуохпут диэн эрэнэбин. Бу күннэргэ Үчүгэй нэһилиэгин орто оскуолатыгар нэһилиэк сайдыытыгар улахан оруоллаах дьон аатын иҥэрэргэ улахан кылаас үөрэнээччилэрэ кыттыылаах референдум буолан ааста. Онно элбэх куолас быһаарыытынан, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, буойун-суруналыыс Павел Заболоцкай аата иҥэриллэр буолла. Уус-Ньараҕа Улуу Кыайыы – ыам ыйын 9 күнүгэр “Тымныы полюһугар Кыайыы болуоссата” иккис уочаратын үөрүүлээхтик аһыы-сиэрэ-туома ыытыллыаҕа, — диэн бэлиэтээтэ улуустааҕы дьаһалта баһылыга Михаил Захаров быыстапканы аһар үөрүүлээх түгэҥҥэ.
— 1942 сылтан ыла 8 тыһ. тахса сөмөлүөт көтүүтэ оҥоһуллубута. Онуоха “Өймөкөөн” аэропорда улахан суолталаах эбийиэк быһыытынан биллибитэ, биһиэхэ, Тымныы полюһун олохтоохторугар, киэн туттууну саҕар, — диэн туран, Ил Түмэн народнай дьокутаата Василий Местников АЛСИБ Улуу Кыайыыны уһансыыга улахан суолтатын арыйда.
“Тымныы полюһуттан – фроҥҥа” быыстапка бочуоттаах ыалдьыта, учуонай Иван Негенбля Өймөкөөн улууһун олохтоохторугар АЛСИБ үбүлүөйүн ураты тутан чиэстээбиттэригэр ис сүрэҕиттэн махтанна:
— Байыаннай лүөччүктэр: “Халлааҥҥа этэҥҥэ буолуу сиртэн тутулуктаах”, — диэн аэродром үлэһиттэрин үлэтин ураты тутан сыаналыыллара. 90-с сылларга диэри АЛСИБ докумуоннара кытаанах кистэлэҥҥэ тутуллаллара. Ол да иһин Аҕа дойду сэриитин историятыгар олус улахан кылааттаах АЛСИБ сүрүн чахчылара күн бүгүнүгэр диэри саҥа арыллан эрэллэр. Былырыын миэхэ Спиридон Слепцов бу “үрүҥ бээтинэ” буолбут чахчылары чинчийиитин саҕалыырыгар сүбэ-ама көрдөөн анаан кэлэ сылдьыбыта. Эдэр киһи дьыалатын тиһэҕэр тиэрдэригэр соччо эрэммэтэҕим. Үгүс киһи ылсан иһэн, кыайбакка, тохтообут түбэлтэлэрэ баар. Үөрүөм иннигэр, кыраайы үөрэтээччи биир сыл иһигэр бэрт элбэх докумуону хасыһан, буолаары буолан, төрөөбүт Өймөкөөнүттэн АЛСИБ аэропордугар үлэлээбит дьон аймахтарын булан, мэтириэттэрин бэчээккэ бэлээмнээн, биир дойдулаахтарын билиитигэр таһаарбыта – олус бэрт! Эдэр дьон бу курдук бэриниилээхтик үлэлиир, көрдүүр-чинчийэр буоллахтарына, Аҕа дойду Улуу сэриитин төһөлөөх үгүс “үрүҥ бээтинэтэ” арыллыай?! Онон Өлүөхүмэ, Хаандыга уонна Зырянка кыраайы үөрэтээччилэрэ, Спиридон Слепцов үтүө холобурун батыһаргыт уолдьаста, — диэн этиитин түмүктээтэ АЛСИБы 30 сыл устата үөрэтэ сылдьар историк Иван Негенбля. Публицист Өймөкөөн кэскиллээх кыраайы үөрэтээччитигэр “История воздушного транспорта Якутии” диэн бу соторутааҕыта типографияттан кэлбит “буруолуу” сылдьар монографиятын иккис томун бэлэх уунна. Уопсайа түөрт кинигэ тахсыахтаах эбит.
Быыстапка ааптара, биологическай наука кандидата, кыраайы үөрэтээччи, Томтор нэһилиэгиттэн төрүттээх Спиридон Слепцов быыстапка матырыйаалларын хомуйан, таҥан бүгүҥҥү күҥҥэ бэлэмнэниитин быйылгы сыл саҥатыттан саҕалаабытын иһитиннэрдэ.
— Бу быыстапка Өймөкөөн улууһа АЛСИБ историятыгар сыһыанын туһунан бастакы чааһа. Көрдүүр-чинчийэр үлэ үгүс. Аны Киренскэйгэ байыаннай аэропорт тутуллуутугар Өймөкөөн оройуонун олохтоохторун оруола арыллыахтаах. 280 үлэ армыайыһыттан 50-тан тахса киһи – Өймөкөөн дьоно эбит. Кинилэр ааттарын булан үйэтитии – бүгүҥҥү күн сүрүн соруга, — диэн бэлиэтээтэ кыраайы үөрэтээччи Спиридон Слепцов.
Быыстапкаҕа сылдьыбыт дьонтон бэрт үгүс киһи санаатын эттэ. Кинилэр бары улуус дьаһалтатын баһылыгар Михаил Захаровка өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах бырайыагы оҥорон, АЛСИБ суолтатын арыйбытыгар барҕа махталларын тиэртилэр. Оттон улуус баһылыга тыыл бэтэрээннэригэр тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн туттарда.
Кэрэхсэбиллээҕэ баар, быыстапка аһылларын истээт, атын улуустартан эмиэ кэлэн кытыннылар. Ол курдук, Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлүтүттэн үлэ бэтэрээнэ Варвара Яковлева кыра сиэнин илдьэ кэлбит.
— Улахан сиэним Ньургун Яковлев, ХИФУ 1-кы кууруһун устудьуона, АЛСИБ тиэмэтигэр дакылаат ааҕан биһирэммитэ. Төҥүлүгэ эмиэ байыаннай аэродром баара. Онно тырахтарыыстарыгар курустарыгар үөрэнэ сылдьан үлэлээбит кыргыттар, кырдьан баран, фроҥҥа баран иһэр сөмөлүөттэр тустарынан кэпсиир этилэр. Мин Иван Негенбляны сирэй көрсөн, кини кинигэтигэр автограф суруйтаран баран, сиэммэр Ньургуҥҥа бэлэхтээри кэллим, — диир Варвара Яковлева.
“Тымныы полюһуттан – фроҥҥа” АЛСИБ 75 сылыгар анаммыт быыстапка ыам ыйын 14 күнүгэр диэри Дьокуускай к., Октябрьскай уул. 10 аадырыһыгар үлэлиэҕэ. Бэрт интэриэһинэй ис хоһоонноох Аҕа дойду Улуу сэриитин биир бэлиэ историятыгар — АЛСИБ 75 сылыгар анаммыт быыстапканы кэлэн көрөргүтүгэр ыҥырабыт.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru