Алыһардаах Аана

Ааптар: 
02.10.2022
Бөлөххө киир:

Колтовской П.С. этэринэн Алыһардаах удаҕан-Анна Дмитриевна Иванова эргэ истиилинэн кулун тутар 3 күнүгэр 1848 сыллаахха төрөөбүтэ. Эһэтэ Тугун Уйбаан 1785 сыллаахха, аҕата Миитэрэй 1815 сыллаахха төрөөбүттэр. (2016 сыллаахха Дьокуускайга тахсыбыт Василий Николаев, Марк Григорьев «Кырыкыйдар» диэн кинигэлэриттэн ылылынна).
Лүүчүҥҥэ чаччыыналаабыт, (эдэр сааһыгар өлбүт) удаҕан дьахтар ойохтоох Колтовской Дмитрий Иванович диэн киһи олоро сылдьыбыт, кини эдэр сааһыгар өлбүт. Аана эһэтин Тугун Уйбаан аатынан араспаанньата Иванова буолбут.

Бастакы түһүмэх.

Аана бэйэтэ маннык кэпсээбиттээх эбит: «Тоҕустаахпар тулаайах хаалан баран, аймахтарбытыгар Кукаайык Ньукулайдаахха иитилинним. Кукаайык улахан кыыһа буккуллан ыалдьар. Ол сылдьан көрдөхпүнэ, ыалдьа сытар дьахтар оронун инниттэн хамсалаах табах буруотун курдук күөх өҥнөөх буруо унаарыс гынан хаалар этэ», — диэн.
Бу Кукаайык Ньукулай, Жирков Николай Никифорович, туох төрүттээх-уустаах киһи этэй? Төрүт эһэтэ Туоҕа Боотур быраатын уола Дардаҕар (Дагдаҕар) Боотур. Туоҕа сааһыран баран кэлбит. Дардаҕар саҥа сиппит киһи кэлсибитэ үһү.
Дардаҕар уола Мэлтэгэр Боотур. Мэлтэгэртэн Болуоһунньук (үскэл, модьу диэн тыл) төрүүр. Болуоһунньук үйэтигэр нуучча миэрэтэ кэлбит. Болуоһунньук сүрэхтэнэн Силиип диэн ааты ылбыт, Мукучу нэһилиэгин маҥнайгы кинээһэ буолар.
Болуоһунньук улахан уола Күүстээх Көстөкүүн-Жирков Константин Филиппович уһуннук Мукучу нэһилиэгэр кинээстээбит. Күүстээх икки олоххо олорбут киһи. Маҥнайгы кэргэнэ Олена — Лүүчүн маҥнайгы кинээһэ Николай Жирков кыыһа. Николай аҕата Дьолуодай ойуун Петр I ыраахтааҕы ыалдьан өлөөрү сыттаҕына, Саха сириттэн Петербурга айаннаан испит түөрт ойууннартан биирдэстэрэ буолар. Көстөкүүн маҥнайгы кэргэнэ Олена өлбүтүн кэннэ Үөһээ Бүлүү улууһуттан Хаҥалас буолаһын кинээһэ Еким Тарагаев уола Бытыгый кыыһын Марфа Игнатьеваны ойох ылбыт. 1782 с. сэтинньи 7 күнүгэр бэргэһэлэммиттэр (2012 сыллаахха Дьокуускайга тахсыбыт Петр Максимов, Марк Григорьев «Лүүчүннэр» диэн кинигэлэриттэн ылылынна).
Көстөкүүн икки дьахтартан уон оҕолоох: алта уол, түөрт кыыс. Көстөкүүн алта уолуттан кыралара Ботоох Микииппэр диэн эбит. Бу уол Көстөкүүн иккис кэргэниттэн Марфа Игнатьеваттан төрөөбүт. Ботоох-Жирков Никифор Константинович, Орто Бүлүү улууһугар биир болдьоххо кулубалаабыт, нэһилиэгэр уһуннук кинээстээбит киһинэн биллэр.
Ботоох түөрт уоллаах, олортон аччыгыйдара ити Аананы ииппит Кукаайык-Жирков Николай Никифорович буолар. Кукаайык Ньукулай Мукучу нэһилиэгэр биэс болдьоххо кинээстээбит. Орто Бүлүү улууһугар биир болдьоххо кыра кулубанан үлэлээбит киһи эбит.
Аана олох кыһалҕатын билбэккэ улаатан дьон хараҕар быраҕыллар кыыс буола улааппыта. Аҕата эрдэ өлбүтэ. Кыыс уон биир сааһын туолуута дьону кытта аһаспат, киһини кытта кэпсэппэт, кыраттан да киҥнэнэр, доҕордоспот, бэйэтин көрүммэт, сууммат-тарааммат буолбута. Дьүһүнэ-бодото, майгыта куһаҕан өттүгэр уларыйбыта (А.Е. Пахомова). Бэйэтэ биллибэт ыарыынан ыалдьан ийэтин улаханнык куттаабыта. Уһуйтараары Өөккөөчөөн ойуунтан көрдөспүттэригэр:
«Ити мин кыайан уһуйбат удаҕаным буолар аналлаах, кини 23 мутугунан үрдүк олорор. Санааҕытыгар Басхырдаан эбэтэр Маҥаас кырдьаҕастарыттан көрдөһүҥ, баҕар ол дьон кыайан уһуйуохтара буолуо», — диэбит. Ийэтэ Евдокия чугас аймаҕыттан, кинээһиттэн Никифор Николаевтан кыыһын эмтэтэригэр көмө көрдөөбүтэ. Тулаайах хаалбыт ыалга кинээс элбэх көмөнү оҥорон абыраабыта. Лүүчүҥҥэ олорор аймахтара Хаарпа ойуун үс түүннээх күн кыыран баран: «Үөһээттэн туттарыылаах удаҕан буолуоҕа. Орто дойдуга эмиэ хабааннаах. Аллараа дойдуга суох, онно кыырар анала суох. Биир кыыс оҕо сырыытын сылдьыаҕа. Билигин да суолу билэрэ буоллар иннибитигэр түһэ сылдьыах эбит. Билигин Дохсурума удаҕан диэн ааттанар. Үөһээ дойдуга Иэйэхсиккэ, Айыыһыкка, Күрүө Дьөһөгөйгө, Ала Мылахсыҥҥа барыларыгар тиийэр алгыстаныа. Кэлин аата-суола аан дойдуга тарҕаныа, суон сураҕа иһиллиэ», — диэн баран Хаарпа, Аана төбөтүгэр силлии-силлии имэрийбитэ, абын-хомуһунун биэрбитэ. Аана Хаарпа ойуун, алгыыр бириэмэтигэр уҥа өттүгэр дьалбыыр тутуурдаах олорон, алгыһын үүт түһэрэн иһэрэ. Хаарпа алҕаан-домноон баран:
«Оҕом, Аана, дьиҥнээх оҕо бэйэҕиттэн кэлэр тускута суох буолаахтыыра буолуо диэн көрүүлэнним», — диэн эппит (В.А. Кондаков).
Никифор кинээс Хаарпа «атаҕын соболоҥун» үчүгэйдик төлөөбүт. Сотору Аана үтүөрэн, дьонун үөрпүт. Ыҥырыыларга сылдьан дьону, сүөһүнү эмтээн аата киэҥник тарҕаммыт. Кыыс олус кэрэ дьүһүннээх буолан, чугастан, ыраахтан кэргэн кэпсэтэр дьон үксээбиттэр. Кыыс кимиэхэ да сөбүлэҥин биэрбэтэх. «Үчүгэйдик олорор ыал уолугар кэргэн тахсыбаккын», — диэн ийэтэ мөҕөр буолбут. Анна Дмитриевна ийэтин кытта кыыһырсан баран быраата Николай көмөтүнэн Бэстээх күөл соҕуруу өттүгэр Хайыҥда кытыытыгар дьиэ туттан онно олохсуйар, хас да чаҕары тутар.
Саха уһулуччулаах учуонай-топономиһа Багдарыын Сүлбэ суруйбутунан «киһини удаҕан бадьыыстаабытын ойуун кыайан төлөрүппэт». Удаҕаны хайа да бэйэлээх ойуун кыайан сиэбэт. Оннук түбэлтэни биһиги ааҕааччыбытыгар кэлин кэпсиэхпит. Алыһардаах удаҕантан чугас ойууннар куттаналларын, утары саҥарбаттарын туһунан Орто Бүлүү таҥаратын дьиэтин аҕабыыта Иннокентий Синицын консистория суутугар үҥсүү суруйбута баар («Ил Түмэн», 2006 с.).

КӨМӨЛӨҺӨӨЧЧҮЛЭРЭ
Аана 1888 с. тохсунньу 31 күнүгэр 35 саастаах Николай Павловка (Сыгынньах ойууҥҥа) Бүлүү куоратын таҥаратын дьиэтигэр кэргэн тахсан бэргэһэлэнэр, балачча уһуннук олороллор да оҕоломмоттор. Кэтэһэ сатаан баран Чохуу аҕатын ууһуттан кыыс оҕону ииттэ ылаллар. Бэйэлэриттэн оҕото суох да буоланнар, Даша диэн кыыһы көрөн-маанылаан иитэллэр. Бу кыыстара хороччу улаатан, ынах хомуйар буолтун кэннэ Аана, дьэ, ыарахан буолар. Ол туһунан Бычаан уола Сыымай Түмэппий кэпсиир: «Наһаа утуйар буолбут. Ыалдьаҕын дуо диэн ыйыппыттарыгар — суох, хат буолан ханайа сылдьабын», — диэн эппиэттээбит. Саас кэргэнэ Сыгынньах ойуун суох кэмигэр Аана сарсыарда эрдэ туран, титииккэ тахсыбыт. Ол тахсан уһаабытын иһин, биир чаҕар дьахтара титииги өҥөйөн көрбүт. Онуоха Аана: «Кииримэ!» — диэн хаһыыра түспүт. Дьахтар куттанан ааны саба баттыыр, ол чыпчылыйыах түгэнигэр манныгы көрбүт. Аана сыгынньахтанан баран олорор үһү, иннигэр от тэлгэнэ сытарыгар улахан баҕайы алыһар балык сытар үһү. Аана өр буолбат, дьиэҕэ киирэр уонна: «Хотуой, били эргэ даба ырбаахыны уонна биир саҥа ырбаахыны ылан кулу эрэ», — диэбит. Бэйэтэ суол ааныгар турар үһү. Онуоха дьахтар тугу эппитин аҕалан биэрбит. Ону харбаан ылаат, титиигэр тахсыбыт. Тахсан эргэ даба ырбаахытыгар оттору-мастары, балыктары суулаабыт, саҥа ырбаахытын кэтэн кэбиспит уонна ол таһаҕаһын дьиэтиттэн балачча ыраах баар дүөдэҕэ илдьэн кистээбит буолуохтааҕын сэрэйэллэр. Барарыгар доҕор дьахтарыгар: «Хотуой, мин кэлэ иликпинэ титииккэ сылдьаайаҕын», — диэбит.
Өр соҕус буолан баран Аана кэлэр. Дьахтарыныын эмиэ титииккэ тахсаллар. Ол-бу от тобоҕун, кири-хаҕы хомуйан торбуйах тириитигэр суулаабыттар, ол эрэ кэнниттэн Аана били сууламмыт таһаҕаһын туппутунан дүөдэтин диэки барар. Ол баран балачча уһаан кэлэр. Таҥна сылдьыбыт эргэ таҥастара суохтар, барыта саҥаны таҥныбыт. Сууммут-тарааммыт көрүҥнээх уонна этэр: «Хотуой, били баҕайыга ол-бу буолла диэн кэпсээйэҕин, манньатын эйиэхэ тугу да биэриэ суоҕа», — диэбит (ити кэргэнин Сыгынньах ойуун туһунан сэрэтэр).
Ааналаах уол оҕону иитэ ылаллар, Уйбаан диэн ааты биэрэллэр. Уйбаан араспаанньата иитиллибитинэн Барыыһап, айбыт аҕата Мэхээлэ. Онон толору аата Борисов Иван Михайлович буолбут. Дьоҥҥо биллэр аата Мэхээт уола Уйбаан. Кини аҕатын удьуордаан кус быһыйынан, ат бөҕөһүнэн, оһуокайдьыт, тойуксут быһыытынан биллибит, аатырбыт-сураҕырбыт киһи (НА РС(Я). Ф. 141. Оп. 4. Д. 245).
Икки сыл ааһар. Икки сыл буолан баран, Аана иһэ эмиэ биллэрдик улаатар. Эмиэ эргитэн утуйан тахсар. Ити күһүн биир киэһэ кэргэнигэр Сыгынньах ойууҥҥа этэр: «Доҕоор, бу дьиэҕэ мэнээк тугу гына олоруоххунуй, ол миигин кэтэһэ сытаргыттан туох да туһа тахсыа суоҕа. Дьон өрүс арыытын күөллэригэр киирэн муҥхалыы бараллар үһү, кинилэри кытта барыс. Эмис бөдөҥ собо сиэ этибит». Ону истээт кэргэнэ муҥхаһыттары кытта өрүс арыытын күөллэригэр бултуу барсар.
Кэргэнэ барта икки хоммутун кэннэ, көмүлүөк оһох уотун күөдьүтэн баран, хотонугар киирэр. Ол киэһэ Ааналаахха Бүүччүн Бүөтүр кэргэнэ хоно сытар эбит.
Аана хотоҥҥо киирбитин хоноһо дьахтар көрө сыппыт. Сотору буолаат хотон иһиттэн ньуу-ньаа саҥа иһиллибит. Дьахтар ыксаан, ойон туран хотону өҥөйөн көрөр. Арай тымтык уотугар көрдөҕүнэ, Аана сыгынньахтанан баран күкүргэ олорор эбит, дьахтар иннигэр от тэлгэнэ сытар, ол үрдүгэр улахан баҕайы тураахха дуу, суорга дуу маарынныыр көтөр олорор эбит. Хоноһо дьахтары көрөөт Аана хаһыыра түһэр. Дьахтар куттанан дьиэҕэ төннөн киирэн оронугар сытар. Ол сыттаҕына, хотон иһигэр үс төгүл суордуу саҥа иһиллибит.
Өр соҕус буолан баран, Аана дьиэҕэ киирэр уонна чаҕар дьахтарыгар: «Хотуой, били таҥаһы аҕал эрэ». Чаҕар дьахтар кыырар тэрилин аҕалан биэрэр. Аана суол ааныгар туран кыырар. Ис хоһооно үтэйэр курдук. Кыыран бүтэн баран, тымтай ылан хотоҥҥо киирэр уонна тугу эрэ суулаан угар, аҕалан суол ааныгар уурар, чаҕар дьахтарын ыҥыран ылан, кулгааҕар тугу эрэ сибигинэйэр уонна сытынан кэбиһэр. Чаҕар дьахтар тымтайы ылан тахсар, өр соҕус буолан баран, киирэн утуйар.
Сарсыарда Аана кыайан турбат, сытан эрэн: «Хотуой, ити ыалдьыт дьахтары аһатан баран, ампаартан аста ылан үтэ кэһиилээн ыыт», — диэбит уонна хоноһо дьахтарга: «Ити ким көмөлөс диэн ыҥырбытыгар киирэн, өҥөйөн көрөн, инники дьылҕаҕын тоҕо үктээтиҥ», — диэбит үһү.
Кырдьык, оччолорго эдэрчи дьахтар дьиэтигэр төннөн кэлэн уһаабатах. Ойоҕостотон ыалдьан өлөн хаалар (бу дьахтар уола Сыымай Түмэппий кэпсээнэ).
Ол иһин Куба Сиэбиттэн ааттаах-суоллаах Хаарпа ойуун бииргэ төрөөбүт быраата Ньукуу баай уола Сонтуорка ойууну ыҥыттараллар. Ойуун кэлээт көрүү көрүүлэнэр. Үс атахтаах төгүрүк сирэйдээх остуол оҥотторор уонна таҥаһынан муостаҕа тиийэ саба бүрүйтэрэр. Аана быыһанаатын кытта Сонтуорка ойуун туох эрэ суулааҕы тутан аҕалан бүрүөһүннээх остуол анныгар угарга дылы гыммыт. Ол укпут сиригэр кэмпиэт, саахар бытарытан таммалатан биэрбитигэр, туох эрэ тумсунан тоҥсуйарын курдук, тобугурас тыас иһиллибит. Ол тыаһы истэ сытан Аана: «Ол да иһин миигиттэн туох киһилии оҕото төрүө буоллаҕай», — диэн муҥатыйбыт.
Билгэ-Игнатьев кэпсииринэн, үс хонон баран, айыыһыт аттанар күнүгэр, Сонтуорка ойуун суор оҕотун кыбынан таһааран ортоку сэргэҕэ соҕуруу диэки хайыһыннаран олордубут уонна Аҕа Суору ыҥырбыт. Дьон бары үтэйиини көрөөрү таһырдьа тоҕу сууллан тахсыбыттар, оттон Аана оронугар олорон хаалбыт. Ойуун дьиэ аанын нэлэччи астарар уонна: «Аана, бу Хахсааттыыр Хара Суорунтан оҕоҕун айбыт аҕатыгар үтэйэн эрэбин, ыл, көрөн хаал», — диир. Инньэ диэн баран Сонтуорка ойуун быыстала суох дүҥүрүн лүҥсүйбүт, алгыы-алгыы кутуран дьигиһиппит. Ити курдук үс тоҥ күөс быстыҥа тохтоло суох кыыран бүтүүтүн саҕана, Суор оҕотунуун туруору дайбаан үөһэ халлаан диэки көтөн куһуйа турбуттар. Мустубут дьон суор оҕотун харахтарыттан сүтэриилэрин саҕана, ойуун былаайаҕынан чарапчыланан өрө хантайан туран: «Ийэҥ ыҥырдаҕына үөһэттэн кэлээр, сүллэрдииригэр көмөлөһөөр», — дии хаалар. Сонтуорка ойуун дьиэҕэ кыырбытынан киирбит уонна аал уоту аһата-аһата Аананы имэрийэн-томоруйан домнообут. Түмүгэр эппит: «Миигиттэн төһө да үрдүкү буолларгын, эйигин эмтиир дьылҕалаах-ыйаахтаах эбиппин», — диэн. Аана дьоно Сонтуорка ойууҥҥа улаханнык махтаналлар, бэрик-туһах биэрэн ыыталлар.
Дьэ, итинтэн ыла кини атын аналлааҕа, туспа дьылҕалааҕа дьонугар-сэргэтигэр өссө биллэн, ырааҕынан-чугаһынан сурах-садьык киэҥник тарҕаммыт. Эдэр удаҕаҥҥа сүөһүтэ турбатах, оҕоҕо өлүүлээх, араас ыарыылаах, чэ, быһата олохторо огдолуйбуттар, истиһэ-истиһэ, элбэхтик сылдьар, көмө көрдөһөр буолбуттар. Сүллэрдииригэр Суор уола улаханнык көмөлөһөр эбит. Ол туһунан Аана эмээхсин кырдьан олорон этэрин эдэр сылдьан истибит олохтоох кырдьаҕастар бары биирдик кэпсииллэрэ.

Хомуйан оҥордулар: М.П. Григорьев, А.А. Павлов.

«Алыһардаах Аана» кинигэттэн быһа тардыы.

«Айар» кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн тахсыбыта.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0