Алтынньыттан «Аэрофлот» Таилаҥҥа рейсин сөргүтүөҕэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Кыраныысса таһыгар сынньалыҥ хамсык кэнниттэн сыыйа чөлүгэр түһэн эрэрэ бэлиэтэнэр. Холобур, Арассыыйа олохтоохторо сынньалаҥҥа биир сөбүлүүр хайысхаларынан Таиланд буолар. Манна сыл саҕаланыаҕыттан бүгүҥҥү күҥҥэ диэри 76 тыһыынча киһи ыалдьыттаабыт.

Урут ортотунан 1,5 мөлүйүөн киһи сынньанар көрдөрүүлэриттэн билигин даҕаны турист ахсаана быстар аҕыйах. Дьиҥэр, бу хамсык содулун хаалбыт көстүүлэрэ буолара өйдөнөр. Холобур, 2022 сыл 7 ыйыгар аан дойдуттан Таилаҥҥа 3,1 мөлүйүөн ыалдьыт кэлэ сылдьыбыт. 2019 сылга ити кэм иһигэр 39 мөлүйүөн киһи сынньана кэлбитэ биллэр.

Алтынньы ый бүтүүтэ Таилаҥҥа Арассыыйаттан сөмөлүөт рейстэрэ сөргүтүллүөхтээхтэр. “Аэрофлот” сөмөлүөттэрэ Пхукетка диэри тиэйэр буолуохтара.

Таиланд туризм дьаһалтатын салайааччыта Ютхасака Супасорна Арассыыйаттан бу сыл иһигэр 1 мөлүйүөн кэриҥэ турист кэлэрин былаанныылларын туһунан эппитэ. Арассыыйа эспиэрдэрин барыла арыый атын – 200-250 тыһыынча киһи бу сезоҥҥа Таиланд хайысхатын талыахтарын сөп диэн сабаҕалыыллар.

Ону кытта Арассыыйа ис туризма күүскэ сайдан эрэрин бэлиэтээн эрэллэр. Эрдэ туризм эйгэтэ улаханнык сайдыбатах эрэгийиэннэрэ бүддьүөккэ үп киллэрэр саҥа кэскиллээх хайысханы сайыннарарга бэлэмнэрин биллэрэллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0