Алтынньыттан кыһын саҕаланар. Бу кэмҥэ Улуу Добдурҕа буолар. Сир-дойду барыта тоҥор. Хаар чараас. Сүөһү хотонугар киирэр. Сахалар оһохторун күүскэ оттор, бастакы идэһэни өлөрөр кэмнэрэ. Норуот синоптига Тарас Лукич Тарасов-Тускул тугу билгэлиир?
Сорох күөллэргэ муус киһини уйар буолар, бастакы муҥха саҕаланар. Тыа кыылларыгар сонор булда саҕаланар. Алтынньы 14 күнүттэн Бокуруоп таҥараттан сааскы Ньукуолуҥҥа диэри — ыам ыйын 22 күнүгэр диэри 220 хонук баар. Биһиги өбүгэлэрбит ону ааҕан-суоттаан, олох мындырдарын тобулан этэҥҥэ туорууллар.
Дэкээдэ диэн ый 10 хонук ааҕыллар:
— бастакы дэкээдэ: ый 1-10 күннэрэ;
— иккис дэкээдэ: ый 10-20 күннэрэ;
— үһүс дэкээдэ: ый 20-30 күннэрэ.
Киин улуустар
Ыйбыт бастакы дэкээдэтэ үгүс киин улуустарга хаара, ардаҕа кэмчи буолсу. Бу ый бастакы дэкээдэтэ урукку сылларга тэҥнээтэххэ сылаас күнүс +4C, +1C кыраадыс сылаас, түүнүн да тымныы соҕус буолсу –2C, -5C кыраадыс. Иккис дэкээдэ хаардаах, ардахтаах буолсу. Күнүс 0С, -5C кыраадыс сылаас, түүнүн -8C, – 4C кыраадыс тымныы. Бокуруоп саҕана кыстык хаар түһүүһүк. Үһүс дэкээдэҕэ хаара кэмчи соҕус буолсу, көннөрү тымныйыыһык. Күнүс -10C, -5C кыраадыс тымныы, түүн -6C, – 10C кыраадыс тымныы буолсу.
Бүлүү бөлөх улуустара
Бүлүү эҥээр бастакы дэкээдэ сөҥүүтэ кэмчи, сылаас буолсу, иккис дэкээдэттэн хаардаах, ардахтаах буолсу, алтынньы ый улахан тымныыта суох буолсу. Бу ый бастакы дэкээдэтэ күнүс +6С, +2C кыраадыс сылаас, түүн –3С, -1С тымныы буолар. Иккис дэкээдэҕэ балай да сөҥүүлээх буолсу, халлаан улаханнык тымныйбакка идэһэ өлүүтүгэр уустуктаах буолсу, улахан тымныы суох. Күнүһүн көннөрү тымныы буолсу 0C, –4C кыраадыс тымныы, түүнүн -3C, -11 C кыраадыс тымныы. Үһүс дэкээдэҕэ ый бүтүүтэ хаардаах буолсу. – 5C, -8C кыраадыс тымныы, түүн –9C, — 15C кыраадыс тымныы.
Өлүөхүмэ, Алдан, Нерюнгри улуустара
Соҕуруулуу-арҕаа улуустарга бастакы дэкээдэ сөҥүүтэ кэмчи сылаас буолсу. Иккис дэкээдэттэн хаардаах, ардахтаах буолсу. Алтынньы бу улуустарга улахан тымныыта суох буолсу. Бу ый бастакы дэкээдэтэ: күнүс +7C, +2C кыраадыс сылаас.
Түүн –3С, -1 C тымныы. Иккис дэкээдэҕэ балай да сөҥүүлээх буолсу, халлаан улаханнык тымныйыа суох. Күнүһүн сылыйыыһык, түүнүн тымныы буолсу +2С, +3С кыраадыс тымныы, түүнүн –3C, -7С кыраадыс тымныы. Үһүс дэкээдэҕэ ый бүтүүтэ хаардаах буолсу. -2C, -7С кыраадыс тымныы, түүн -5С, -12С кыраадыс тымныы.
Өймөкөөн улууһа
Бу саамай тымныы улууһунан биллэр, бастакы дэкээдэ сөҥүүтэ кэмчи соҕус буолсу, иккис дэкээдэттэн хаардаах күннэр элбэхтэр. Ый бүтүүтэ хаара кэмчи соҕус буолсу. Бу ый бастакы дэкээдэтэ күнүс -6C, +2С кыраадыс сылаас, түүн -12C, -5C тымныы. Иккис дэкээдэ балай да сөҥүүлээх буолсу, күнүһүн көннөрү тымныы буолсу, -9C, -4С кыраадыс тымныы. Түүнүн -13C, -16С кыраадыс тымныы. Үһүс дэкээдэҕэ ый бүтүүтэ хаардаах буолсу. Күнүһүн -11C, — 16С кыраадыс тымныы, түүн – 14C, -23С кыраадыс тымныы.
Дьааҥы улууһа
Дьааҥы Сахабыт сирин биир эмиэ тымныы улууһунан биллэр. Бастакы дэкээдэҕэ сөҥүүтэ кэмчи соҕус буолсу, иккис дэкээдэттэн хаардаах күннэр элбэхтэр. Ый бүтүүтэ хаара кэмчи соҕус буолсу. Бу ый бастакы дэкээдэтигэр күнүс -0С, + 1С кыраадыс сылаас, түүн -12C, — 5С тымныы. Иккис дэкээдэҕэ балай да хаардаах буолсу. – 10C, -5С кыраадыс буолсу. Түүнүн -12С, -16C кыраадыс тымныы. Үһүс дэкээдэҕэ ый бүтүүтэ хаардаах буолсу. Күнүһүн –14C , -18С кыраадыс тымныы, түүн -14C, -23С кыраадыс тымныы.
Абый, Муома, Халыма, Үөһээ Халыма, Аллараа Халыма улуустара
Халыма-Индигиир эҥээр улуустарга бастакы дэкээдэҕэ сөҥүүтэ кэмчи соҕус буолсу. Хаардаах күннэр элбэхтэр. Бу ый дэкээдэтэ күнүс +2C, +2С кыраадыс сылаас. Түүнүн тымныйар. Иккис дэкээдэҕэ балай да сөҥүүлээх, хаардаах буолсу. Күнүһүн -8C, 2С кыраадыс сылаас , түүнүн -10C, -12С кыраадыс тымныы. Үһүс дэкээдэҕэ ый бүтүүтэ хаардаах буолсу. Күнүһүн -8C, -12С кыраадыс сылаас.
Анаабыр, Өлөөн, Тиксии улуустара
Арктика эҥээр улуустарга ый бастакы аҥаарыгар балай да хаардаах буолсу, ый иккис аҥаара ый бүтүөр диэри балай да хаардаах булуоҕа. Бастакы дэкээдэҕэ күнүс 0C, 2C кыраадыс сылаас, түүн –9C, -3 кыраадыс тымныйыаҕа. Иккис дэкээдэ балай да сөҥүүлээх буолсу. Көннөрү тымныы туруоҕа. Күнүһүн – 4C, -7С кыраадыс тымныйыа, түүнүн -7C, -8С кыраадыс тымныы. Үһүс дэкээдэҕэ ый бүтүүтэ хаардыаҕа, күнүһүн -7C, -8С кыраадыс тымныйыа,түүнүн -7C, -9С кыраадыс тымныйыа.
Ульяна ЗАХАРОВА.