Кэбээйиттэн Дьокуускайга диэри сылы эргиччи айанныыр суол арыллыаҕа

19.10.2020
Бөлөххө киир:

Дьокуускайтан Кэбээйигэ диэри айан суола бу бээтинсэттэн, алтынньы 23 күнүттэн, арыллыаҕа. «Бүлүү» федеральнай трассаҕа тахсар суол оҥоһуута түмүктэннэ.

Кэбээйи суола икки өттүнэн оҥоһулунна: Кэбээйи сэлиэнньэтиттэн Дьокуускайга диэри хайысханан уонна Горнай Бэс Күөлүттэн Кэбээйи сэлиэнньэтигэр диэри. Суол оҥорооччулар 25 килэмиэтирэттэн тахса уһуннаах суолу, Түгэнэ үрэҕи туоруур, Кэбээйини уонна Горнайы ситимниир 106 миэтэрэлээх муостаны оҥордулар.

 

«Бу суол арыллыыта биһиэхэ улахан суолталаах, үйэни быһа күүтүллүбүт тутуу буолар. Бастатан туран, Кэбээйи сэлиэнньэтэ уонна улуус даҕаны социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар төһүү күүс буолуоҕа. Пассажир ахсаана элбиэҕэ, айан төлөбүрэ, ас-үөл сыаната аччыаҕа. Суол арыллыытынан ынах уонна сылгы аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ систиэмэлээх үлэ барарыгар боппуруос туруоҕа», — диэн Кэбээйи улууһун баһылыга Иван Левин санаатын үллэстэр.

Билигин үлэ улахан өттө түмүктэммитэ, суол бэлиэлэрин туруора сылдьаллар. Улуус баһылыга этэринэн, Кэбээйи сэлиэнньэтин олохтоохторо Дьокуускайга диэри ортотунан 4,5-5 чаас айанныыр буоллулар.

Иван Левин Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн уонна «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн ааспыт икки сыл устата суол тутуута тэтимирбитин бэлиэтиир.

Юлия Шадрина-Джонс, СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0