Алтынньы 15 күнүттэн биэрэпис саҕаланар

Бөлөххө киир:

Бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһэ  өссө былырыын ыытыллыахтаах этэ да, биллэр төрүөтүнэн болдьоҕо уһатыллыбыта.

Онон быйыл алтынньы 15 күнүттэн  сэтинньи 14 күнүгэр диэри тустаах тэрээһин ыытыллыаҕа.  Санатар буоллахха, РФ Бырабыыталыстыбатын 2019 с. ахсынньы 7 күнүгэр таһаарбыт Ыйааҕар уларытыылары киллэрэр туһунан 1347 №-дээх уурааҕынан биэрэпис тэриллэр.

Дьиҥэр,  хотугу улуустарга, ол аата суола-ииһэ суох нэһилиэктэргэ биэрэпис кыһыҥҥы суол хаалыан инниттэн ыытылла турар. Холобур, муус устар диэкиттэн 8 хоту улууска, сайын Өлүөхүмэҕэ, Алдаҥҥа, Өймөкөөҥҥө уонна Уус Маайа улуустарыгар тустаах тэрээһин ыытыллыбыта. Итинэн сиэттэрэн, 17 улуус кииннэриттэн ыраах сытар нэһилэктэргэ хайыы-үйэ биэрэпис биэтэккэ чугаһаабыт.

Бу күннэргэ буолуохтаах тэрээһин биллэр төрүөтүнэн судаарыстыбаннай өҥө порталын gosuslugi.ru  көмөтүнэн ыытыллыаҕа. Кыттааччылар QR-куоду ылан, биэрэпис докумуонун толорон ыытыахтара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0