Алтынньы 13 күнүгэр «DetSAT» айар холбоһук саҥа киинэтин сүрэхтиэ
«DetSAT» айар холбоһук быйыл төрүттэммитэ, киинэ эйгэтигэр чиҥник киирбитэ лоп-бааччы уон сыл буола оҕуста. Уолаттар саха киинэтин эйгэтин саҥа тыыннаатылар да диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Айар холбоһук үлэлээбитин тухары биир да сыл сынньанан көрбөккө, сылга биир-икки киинэни оҥорон таһаарар.
Былырыын баччаларга «DetSAT» холбоһук тутаах дьоно – Дмитрий Шадрин «Сахафильм» хампаанньа, оттон Алексей Егоров Саха эстрадатын тыйаатырын дириэктэрдэр буоланнар, киинэ устуутугар өҥөлөрө «сыппыыра», мөлтүүрэ буолоу диэн санаан ылыбттаахпыт. Сыыһа санаабыппыт! Номнуо былырын сайынтан уолаттар саҥа киинэлэрин устан саҕалаабыттар эбит. Үбүлүөйдээх уон сылы көрсө, уолаттар бэлиэ даатаны көтүппэтилэр киинэлэрин ситэ устан, номнуо Саха сирин бары киинэ тыйаатырдарыгар сүрэхтээри сүүрэ-көтө сылдьаллар. «DetSAT» айар холбоһук резиденэ Прокопий Иванов санаатын үллэстэр:
- Былырыын от ыйыгар Нам улууһугар устан саҕалаабыппыт. Син устуох дьону, күһүн түргэн баҕайытык кэлэ охсон, оту-маһы хагдарытна, саһардан, устар хартыынабытын уларытан кэбиспитэ. Онон устуубутун тохтоппуппут. Быйыл сайыны быһа үлэлээн, киинэбит үбүлүөйдээх сылбытын баттаһа күн сирин көрөн эрэр. Уолаттар «Гектрабытын» устрабытыгар бары даҕаны бэйэбитигэр саҥаны арыйдыбыт диэххэ сөп. Игорьбыт режиссердаата, мин уонна Гаврил Менкяров бастакыбытын продюсер оруолун толордубут, бастакыбытын иккиэн бииргэ сүрүн оруоллары оонньоотубут. Киинэбит ис хоһоонун, сценарийын бары бииргэ олорон толкуйдаабыппыт. Куорат уолаттара дэриэбинэҕэ эһээлэринээн бултуу баралларын туһунан. Эһээлэрэ бултуу сылдьан, өлөн хаалан, куорат уолаттарын моһуоктуурун туһунан киинэ. Эһээбит оруолун Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын дириэктэрэ Алексей Павлов оонньоото. Эһээбит бэйэтин аннынан суруйтарбыт бултуур сирдээх, аны ону былдьаан, сынньанар бааза оҥосто сатыыр киһи баар. Кинини Саха тыйаатырын дириэктэрэ Анатолий Николаев оонньоото. Соһуйуоххутт дуу, интэриэһиргиэххит дуу, киинэбитигэр түөрт дириэктэр уһулунна. Киинэбит аата Уһук Илин гектарын кытта ханан да сибээһэ суох. Нууччалыы эттэххэ, «на слуху» сылдьар тыл, ол иһин «Гектар» диэн буолла. Биир даҕаны саҥа артыыс оонньообот, барыта бэйэбит. Таптал тиэмэтэ таарыллыбат уонна дьахтар оруола суох.
Саҥа кэмиэдьиэйэ жанрдаах киинэ «Гектар» диэн ааттанна, алтынньы 13 күнүгэр норуот дьүүлүгэр тахсыа. Киинэ режиссерунан Игорь Говоров буолла. Игорь режиссер быһыытынан бастакы уопута. Тахса илик киинэ туһунан тугу үгүһү суруйуохпутуй, тахсыбыт кэнниттэн ырытыахпыт.
Кырдьык, күннээҕи олохпутугар сир былдьаһыыта, бэйэ-бэйэни кытта атааннаһыы баар көстүү. «DetSAT» уолаттара олох бу көстүүлэрин киинэнҕэ хайдах көрдөрдөрүөхтэрэй? Киинэни күүтэбит!
Айтана АММОСОВА