ХАРАҤА ХОС: Онтон ыла көстүбэт буолбута…

Бөлөххө киир:

Былыр Аммаҕа Алтан Хотун диэн өлөн баран үөр буолбут дьахтар туһунан Саха сирин олохтоохторо үксүлэрэ билэрэ буолуо. Алтан Хотун туһунан үгүс кэпсээннэр, үһүйээннэр билиҥҥэ диэри элбэх сэҥээриини ылаллар.

Алтан Хотун үөр буолан баран дойдутун ыһыаҕар сайын аайы көтүппэккэ илэ сылдьар эбит. Онон ыһыахтара өлбүт киһи ыалдьыттаах буолан курустук, үөрүүтэ-көтүүтэ суох ааһара үһү.

Дьэ, биир сайын икки доҕордуу уолаттар сүбэлэһэн, дьоҥҥо көстүбэт, ыһыаҕы мэһэйдэспэт, ол «дойдуттан» быкпат гыныахха диэн буолбуттар. Уолаттар иккиэн саастыы, сүүрбэлэрин туола илик эбиттэр. Биирдэстэрэ кыралаан ичээмсийэр, ол гынан баран, онтун дьонтон-сэргэттэн кистиир эбит. Доҕоро — биир биллэр баай хамначчыта, сылгыһыт уола эбит. Доҕордуулар ыһыах ыһар алаастан чугас биэрэстэттэн эрэ ордуктаах ойуур быыһыгар дириҥ иин хаспыттар, түгэҕэр куруҥах маһы мастаан, быһаҕаһыгар диэри симпиттэр, уот оттордуу былааннаммыттар.

чээмсийэр уол доҕоругар ыһыах буолуон биир күн иннинэ эппит: «Дьэ, доҕоор, киһи буолар дуу, кии буолар дуу кэм-кэрдии кэллэ. Онон, доҕорум эрэ буолларгын, мин этэрбин өйдөөн-төйдөөн уу дьулайгар умнубаттык хатаан кэбис. Сарсын — ыһыах. Сүбэлэспиппит курдук баайбыт сүүрүк аккын, олох бэлэм гына түһүлгэттэн чугас баайаҕын. Ыһыах ортолуу буола турдаҕына, Алтан Хотун кэлиэҕэ. Кинини чиэстээн, урукку сыллар курдук бастыҥ олоххо олордон, үрүҥ көмүс үрүүмкэҕэ арыгы кутан айах тутуохтара. Онуоха Алтан Хотун түһүлгэ дьонун кэриччи көрөн баран, миигин ыҥыран ылан арыгытынан күндүлүөҕэ. Мин арыгыны иһээт, мэй-тэй барыам. Доҕорум эрэ буолларгын, миигин сүгэн илдьэн аппар биллэҕэ быраҕаат, оттуллубут, били бэлэмнээбит уоттаах умуһахпытыгар харса суох сүүрдэн тиийэн өҥөтөн сытыараар. Мин ол уокка хотуолаатахпына, киһи буолбаппын. Дьэ, онон, бука диэн кытаатаар».

Доҕоро толоруох буолан тылын биэрбит. Ыһыах буолар күнүгэр уолаттар бэлэмнээбит умуһахтарыгар уоттарын оттубуттар, бэйэлэрэ ыһыахха тиийбиттэр. Ыһыахха дьон-сэргэ кэмэ суох мустубут. Ыһыахтарын аһан бүтэрэн, аһылык саҕаламмыт. Дьэ, бу кэмҥэ Алтан Хотун толору симэхтээх үүт кэрэ атын мииммитинэн бу тиийэн кэлбит. Кырдьаҕастар Алтан Хотуну көрсөн, сиэтэн аҕалан бастыҥ олбоххо олодубуттар, иннигэр ас арааһын тарпыттар уонна үрүҥ көмүс үрүүмкэҕэ арыгы кутан биэрбиттэр. Алтан Хотун дьону-сэргэни кэриччи көрөн баран, били уолу чуо ыйбыт: «Бу арыгыны илдьэн ити уолга иһэрдиҥ», — диэбит. Арыгыны илдьэн уолга биэрбиттэр. Уол эрэйдээх хайыай, сүдү эдьиийэ хотун биэртин кэннэ, арыгыны иһэн кэбиспит. Арыгыны иһэн туймааран турар уолу доҕоро тута сүгэн илдьэн атыгар биллэҕэ бырахпыт да, атын тэһиинин төлө тардаат үрдүгэр миинэ түһээт, били бэлэмнээбит кутааларын диэки ойуппут. Ыһыах дьоно соһуйа көрөн эрэ хаалбыт. Атын харса суох таһыйан муҥутуур ойуутунан истэҕинэ, доҕоро иһэ кутаалаах уотунан умайан ыарыытын тулуйбакка, айа-дьойо бөҕөнү түһэрэ иһээхтээбит. Нэһиилэ тулуйан,  били умайа сытар ииннэрин кутаатыгар кэлбиттэр. Доҕорун сүгэн илдьэн умайа сытар уоту өҥөппүт уонна синньигэс биилиттэн кытаанахтык тутан турбут. Доҕоро эрэйдээх кутааны өҥөйөн туран хотуо бөҕөтүн хотуолаабыт. Хотуота барыта үөн-көйүүр эбит. Икки хараҕа уһулла сыһыар диэри хотуолаан баран, дьэ, кэҥээн киһи киһитинэн буола түспүт.

Оттон Алтан Хотун түһүлгэҕэ аһыы олорон эмискэ аттыын-бэйэлиин мэлис гынан хаалбыт. Ыһыах дьоно олус диэн соһуйбуттар. Онтон ыла кэлин сылларга  ыһар ыһыахтарыгар Алтан Хотун көстүбэт, тыыннаах дьону-сэргэни куттаабат буолбута үһү.

Били уол кэлин ойуун буолан аатырбыта иһиллибэт, оннук кэпсээн тоҕо эрэ саха дьонугар хаалбатах.

Бу үһүйээни оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпына, элбэх сиргэ үлэлээбит, былыргы үһүйээннэри, кэпсээннэри кэмэ суох билэр, билигин биһиги ортобутугар суох буолбут, учууталым Николаев Николай Николаевич 1964 сыллаахха кэпсээбитэ.

Серафим Федоров, Суотту.

1995 сыллаах «Эдэр саас» хаһыаттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0