Алтан Сарын кылаата

05.12.2016
Бөлөххө киир:

Гаврил Васильевич Баишев (Алтан Сарын) манна дьоһун олохтоох, дириҥ киэҥ өйдөөх санаатынан дьон–сэргэ кэпсээнигэр сылдьар эдьиийигэр Айыыһа эмээхсиҥҥэ куруук сылдьар эбит.

Алтан Сарын, саха үөрэхтээҕэ
Алтан Сарын, саха үөрэхтээҕэ

Ийэм төрөөбүт дойдутун туһунан кэпсэтии буоллаҕына Буукуба диэн дьоннорун сайылыгын наһаа истиҥник санаан ахтан ааһар буолара. Биирдэ Чурапчы улууһун Мугудайыгар баар аймах уолаттарын Архаадьыйдааҕы  кытта матасыыкылынан бара сылдьыбыттарын кэпсээбиттээх.  Дьэ, билигин кэлэн санаатахха оччолорго өй ылан ийэбитин  дойдутугар баар алаастарынан тиэйэ сылдьан кимнээх-хайдах туох олорбуттарын кэпсэтэн хаалбатахпыт хомолтолоох эбит. Быйылгыттан  санаа булан ийэбит сайылыгын үөрэтэн көрбүтүм сурукка киирэр аата Бокума диэн эбит уонна уонна саха биллэр тыл үөрэхтээҕэ Гаврил Васильевич Баишев (Алтан Сарын) манна дьоһун олохтоох, дириҥ киэҥ өйдөөх санаатынан дьон–сэргэ кэпсээнигэр сылдьар эдьиийигэр Айыыһа эмээхсиҥҥэ куруук сылдьар эбит. Итинтэн сылтаан ийэм туһунан кинигэ суруйар санаалаах киһиэхэ Бокума сайылыгы тахсан көрөр санаа иллэрээ сайын арахпахтыы киирдэ. Сайын иккитэ тиийэ сатаан баран суол куһаҕан буолан аараттан төннүтэлээбиппит.  Үһүс төхтөрүйүүбүн күһүн сир тоҥуута, хаар түһүөн иннинэ оҥорбутум.  Убайбын Онотуолуйу кытта аймахпыт уол Хаанньа массыынатынан таһааран  көрөн киирдибит. Саха сиэринэн ийэбит дойдутун иччитин аал-уот оттон айах тутан, күөлүн уутууттан чэй оргутунан чэйдии-чэйдии Айыыһалаах балаҕаннарын, титииктэри, анала биллибэт иҥнэри түспүт үрдүк пааматынньыгы, хоту халдьаайы анныгар турар Ньукуускалар диэн биһиги ийэбит аах дьиэлэрин туһунан эниэ үрдүттэн көрөн олорон отур-ботур кэпсэттибит.

6

Чинчийээччи сиэринэн пааматынньыгы хас даҕаны өттүттэн хаартыскаҕа түһэртээтим. Бүтэһигин  аллараа түннүгүнэн сыылан киирэн алларааттан үөһээ өттүн эмиэ хаартыскаҕа түһэрэн ыллым. Ити 2014 сыл күһүнэ этэ.

Эргэ өтөх
Эргэ өтөх

Балаҕан ис өттө ньиэмэскэй муннуктаах гына охсуллубут, хоту эркинэ түөртүү кырыылаах бэрэбинэлэринэн бүтүннүү охсуллубут уонна утуйар хаппахчы хос эркиҥҥэ сыһыары эмиэ түөртүү кырыылаах бэрэбинэлэринэн тутуллубуттара кырдьык даҕаны кыахтаах киһи олоро сылдьыбытын туоһулууллара.

“Туох эрэ”

Ол үөһэ туох эрэ көстөр
Ол үөһэ туох эрэ көстөр

Бокумаҕа бара сылдьыбытым даҕаны көмөлөстө быһыылаах былырыын ийэм туһунан кинигэбин кудуххай соҕустук суруйан бүтэрэн бэчээттээтэн таһаардым. Кинигэбэр Бокума сайылыкка устубут хаартыскаларбыттан туһанным. Быйыл арай үөлээннэҕим Василий Трофимович эмиэ Бокумаҕа тахса сылдьыахха диэн хаайар уонна Бокума кистэлэҥин арыйыыга бэйэтин көрүүтүн этитэлиир.  Онтон сылтаан  урут устубут хаартыскаларбын компьютерга көрөн бэрийэ олорон Бокумаҕа сылдьан пааматынньык иһигэр алларааттан үөһээ диэки түһэрбит хаартыскабын болҕойон көрбүтүм пааматынньык үөһээ төбөтүн хоту эркинин уонна ортоку баҕана, икки кытыы баҕаналар икки ардыларыгар түөрт муннуктуҥу быһыылаах “туох эрэ” кыбытыллан турар эбит. “Туох эрэ” аллараа өттүнэн эркиҥҥэ икки хайаҕас баара көстөр. Пааматынньык хоту диэки иҥнэйбитинэн сабаҕалаатахха ити “туох эрэ”   син ыйааһыннаах соҕус буолан иҥнэри тардан баттаатаҕа.

Дьөлө охсон ылбыттар
Дьөлө охсон ылбыттар

Итиччэни көрөн баран олоруом дуо, Бокумаҕа тиийэн ити “туох эрэни” көрөргө быһаарынным. Хата, быйыл балаҕан ыйа ардаҕа суох буолан  айаннаан тиийэр от үрэхпит уута тардан суолга моһуогурбакка эрэ бырааппынаан Миитээлиин тиийдибит. Бокумаҕа тиийээчитин пааматынньык хоту эҥэрин көрбүтүнэн тиийбитим кимнээх эрэ номнуо үөһээ ытта сылдьыбыт суоллара баар. Номнуо хойутаабыппыт диэн ытырыктата саныы-саныы пааматынньык аллараа түннүгүнэн эмиэ сыыллан киирэн үөһээ били “туох эрэ” кыбыллыбытын көрбүтүм, сэрэйбитим курдук суола сойбут. Аллараанан, сиртэн балтараа миэтэрэ  үрдүккэ, пааматынньык эркинин кытыыларынан быһах уһугунан икки үүтү тэспиттэр. Бука сэрэйдэххэ ол үүттэргэ мас угаттаан салҕаммыттар быһыылаах. Үөһээ баар урукку хайаҕастары кэҥэтэ быһаҕынан хаспыттар. Сулус аннынааҕы үрдүкү хайаҕас хаартыскатын улаатыннаран көрдөххө ортоку остуолба-баҕана элийэ кыһыллыбыта көстөр. Арааһа “туох эрэни” инчэҕэй тирии тирбэҕэнэн баайбыттара хам сыстыбытын  быһаҕынан элийэ кыһан араарбыттар бадахтаах. Урукку хайаҕастар хаптаһыннар эмэхтийэн үөскээбиттэрэ буолуо диэбитим хаартыскалары улаатыннаран көрдөххө хаптаһыҥҥа эрдэтээҥҥи дьон оҥорбут дьөлө хаһыыларын суоллара туох даҕаны саарбаҕа суох бааллар. Онон сылыктаатахха уруккуттан билэр дьон анаан-минээн хайдах ылалларын эрдэттэн толкуйдаах кэлэн ылан барбыттар.

Баһылай Баишев уһуннук толкуйдаан, маҥнай тыаҕа сири хаһан  кистээбитин көһөрөн,  кэлин эмэхтийэн суулуннаҕына дьон буларын курдук  мас пааматынньык охсон, онно кистээн, Алтан Сарын баҕа санаатын өлүөн иннинэ толорон орто дойдуттан арахпыт буолуон сөп.

Ийэтэ
Ийэтэ

Чэ, онон Алтан Сарын кумааҕыларын көрдөөһүҥҥэ сыраларын-сылбаларын уурбут дьон булбут буоллахтарына, били бэйэтэ эппитин курдук булбут кумааҕыларын дьон-сэргэ билиитигэр таһааран үтүө аатын өссө ааттаталлар эни диэн эрэх-турах санаалаах суруйуубун түмүктүүбүн.

Ыспыраапка

Баишев Гаврил Васильевич – Алтан Сарын (Хахайдаах Хабырылла)

1898 сыллаахха Мэҥэ улууһугар Дьабыыл нэһилиэгэр билиҥҥитэ Алаҕар нэһилиэгэр  дьадаҥы ыалга төрөөбүт. Кыстыктара Булгунньахха, Анхайынан, Тыымпынан сайылыыллара үһү. Төҥүлү оскуолатын, онтон Дьокуускайга реальнай училищены бүтэрбит. Революция иннинэ аҕай Дьокуускайга почтовай-телеграфнай хонтуораҕа үөрэнээччинэн  киирбит. 1918-21 сс. Аллараа Амма (Чычымах) дэриэбинэтигэр сибээс надсмотрщигынан үлэлээбит. 1921 сылга Киллэм уонна Никольскай сэриилэригэр бастаанньаһыттарга “байыаннай коммунизм ыытар политикатын сөбүлээминэ” этэрээт хамандыырынан сылдьыбыт. 1922 сылга амнистияланан баран Дьокуускайга киирэн педтехникумҥа үөрэммит, Саха омук общество сэкиритээринэн, литературнай тылбаас комиссиятын чилиэнинэн үлэлээбит. Дьокуускайга «Саха омук», «Саха кэскилэ» тэрилтэлэргэ  үлэлээбит. 1924 сылга Ленинградка үрдүк үөрэххэ киирэн үөрэммит, 1928 сылга үөрэҕин бүтэрэн лингвист-тюрколог идэтин ылан дойдутугар кэлбит. Соҕуруу үөрэнэ сырыттаҕына 1926 сылга “Кыһыл Сулус” литературнай түмсүүгэ П.А. Ойуунускай бэйэтин дакылаатыгар Алтан Сарыны хайҕаан ахтыбыт: ”Г.В. Баишев (Хахайдаах Хабырылла)… саха тылын күүһүн, илбиһин (силу и вдохновение) туппут киһи. Хас даҕаны бэрт ырыалардаах. Сайыҥҥы ардах түһүөн иннинээҕи кэми ырыанан суруйбута олус бэрт. Суруйар идэ суох. Кэнники сыаналаах күндү үлэни күүтэбит” диэн. 1928 сылга төрөөбүт республикатыгар кэлэн саха саҥа алфавитын комитетыгар учуонай-сэкириэтээринан, онтон Наркомземҥа  үлэлээбит. Үлэтин быыһыгар кылгас кэм иһигэр “Кыһыл өрт” поэманы, “Сайыҥҥыт түүн дьалыҥнара”  курдук хоһоонунан суруллубут хас даҕаны кэпсээннэри  “Чолбон” сурунаалга таһааттарбыт.

1929 сыл  сэтинньи 5 күнүгэр ОГПУ органнара тутан хаайбыттара. Репрессиялаан үс сылга концлагерга ыыппыттара. Алтан Сарын онтон төннүбэтэх.

Алаҕар кырдьаҕаһа Иннокентий Федорович Гоголев кэпсииринэн 1936 сыллаахха Алтан Сарынтан Финляндияттан сурук кэлбит диэн сурах тарҕаммыта үһү. Бука доҕоругар Тит Ивановка суруйдаҕа буолуо дииллэрэ үһү. Онно Финляндияҕа ханнык эрэ тумул арыыга баарбын диэбит дииллэрэ үһү.

1991 с. бэс ыйын 11 күнүгэр реабилитацияланан үтүө аата бар дьонугар төннүбүтэ.

Кылаат туһунан

Хаан аймаҕа Гаврил Афанасьевич Оконешников кэпсээнинэн Алтан Сарын тутуллуон иннинэ  эрэ дойдутугар Аҥхай сайылыкка  тахсан балтараа ый буолбут. Бу сырыытыгар Бүөчээниттэн Мугудай ыпсыытыгар Бокума диэн сайылыкка аймахтарыгар кистээн диэн буут кэриҥэ ыйааһыннаах кумааҕыны ыыппыт. Онно эппитэ үһү: “Билигин маны харахтаах көрүө, кулгаахтаах истиэ суохтаах. Онтон кэлин миигин абыраатаҕына бу эрэ кумааҕы абырыа” (Г.В. Баишев – Алтан Сарын. Научнай ыстатыйалар хомуурунньуктара: Саха Республикатын наукатын академията, Гуманитарнай чинчийии института – Дьокуускай, 2000 с.). Алтан Сарын ити кистэппит кумааҕыта таайыллыбатах таабырын буолан элбэх дьону көрдөтөн таайтара сатыыр. Тугу кистэппитин “… миигин бу эрэ кумааҕы абырыа…” диэбититтэн сэрэйэн эттэххэ арааһа соҕуруу үөрэнэ сылдьан суруйбут бэчээттэнэ илик айымньылара буолуон сөп диэн таайа саныыбын.

Мугудай нэһилиэгин кинигэтигэр суруллубутунан Алтан Сарын репрессияҕа түбэһэн хаайыллыан иннинэ икки дьааһык кумааҕыны тирии хааһахха укпуттар уонна ат далын кэтэҕинэн тыаҕа тахсан кистии барбыттарара үһү.

Василий Трофимович ийэтэ Липпэлигэ олохтоох Субуйаанкы Лөгөнтөй кыыһа Толстоухова Татьяна Иннокентьевна (1910 сыллаах төрүөх) Айыыһа эмээхсин кыра уолугар Трофимҥа кэргэн тахсан Бокума сайылыкка кийиит буолан кэлбит. Оччолорго Татьяна 18-19 саастаах кыыс эрдэҕинэ эбитэ буолуо күһүн маҥнайгы хаар түспүтүн кэннэ Алтан Сарын кэлэ сылдьыбыта үһү уонна онно быыс нөҥүө Баһылай Баишевы уонна Кычкины  кытта “ким даҕаны билиэ да, көрүө да суохтаах” диэн кэпсэппиттэрин истибит. Ол кэннэ оҕонньоттор икки балык дьааһыгын салаасканан соһон хоту тумус тыа диэки барбыттар уонна сотору төннүбүттэрэ үһү.

Баһылай Баишев кэлин өлөрүн саҕана Дьаакынап диэн Сылан ууһугар көмүс сирэйдээх ыҥыырга  кэпсэтэн сүдү улахан биэс салаалаах сулус памятнигы туруортарбыт. Кимҥэ анаабыта биллибэт, дьон сэрэйэн көрөн Алтан Сарыҥҥа анаабыта буолуо дииллэр эбит.  Айыыһа кыра уола Трофим аҕа дойду сэриитигэр ыҥырыллыбыт уонна эргиллибэтэх. Иккис уола Мэхэтээн Түөйэҕэ тиийэн олохсуйбут. Алтан Сарын туһунан суруллубуту уонна Бокума сайылык кистэлэҥин туһунан дьон кэпсээнин ырытан көрдөххө итинник эбит.

Николай АРЖАКОВ – Боло Уус.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0