Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ төрүттэммитэ 95 сылын бэлиэтиир үбүлүөйдээх дьаһалыгар атын регионнартан ыалдьыттар кэлэ сылдьыбыттара. Кинилэр ортолоругар Александр Васильевич Кулахов диэн бэйэтэ бас билэр чааһынай тэрилтэтигэр уонунан тыһыынча ынах сүөһүлээх, барааннаах аймахтыы Алтаай баай киһитэ баарын билэммин тоһуурдаһан, көрсөн сэһэргэспитим.
Ыспыраапка
Алтаай Өрөспүүбүлүкэтигэр 217 тыһ. киһи олорор. Киин куората – Хайалаах Алтаай (Горно-Алтайск). Нэһилиэнньэ 70 бырыһыана тыа сиригэр олорор. Дойду бу дьоҕус субъегар 263300 ынах сүөһү, 661 тыһ. бытархай сүөһү (хой, коза), 154400 сылгы, 54500 мараал, 490 тэбиэн, 330 таба, 5 тыһ. як иитиллэн тураллар.
Кулаах сиэнэ
— Алтайдар ааккыт-суолгут, эмиэ биһиэнигэр дылы, бүтүннүү нууччалыы эбит дии?..
— Оннук. Нууччатымсытыы күүскэ ыытыллыбыта. Ол бэлиитикэ сэбиэскэй былаас олохтонуоҕуттан өссө күүһүрбүтэ. Мин эһэбин, баай киһини, туох баар сүөһүтүн, сирин былдьаан ылан, кулаахтаабыттар үһү. Биһиги ол иһин араспаанньалыын “кулаах” буолан хаалбыппыт.
— Александр Васильевич, оччоҕо эһэҕин удьуордаатаҕыҥ. Хаһаайыстыбаҕын хаһан тэриммиккиний?
— Бэйэм тутуу инженерэ идэлээхпин. Куоракка тутууга үлэлии сылдьан, 1987 с. оройуоҥҥасалайар үлэҕэ, онтон 1989 с. тыа хаһаайыстыбатыгар көспүтүм. Дойдум дьоно “салайар киһибит суох буолла” диэн көрдөспүттэрин иһин кэлбитим. Оччолорго ССКП XXII сийиэһин аатынан холкуос этэ. Онно бэрэссэдээтэллии олордохпуна, бөдөҥ хаһаайыстыбалары эһии бэлиитикэтэ саҕаламмытыгар хаһаайыстыбабыт киэбэ, аата араастаан уларыйбыта-тэлэрийбитэ. Онтон 1996 с. аҕа ууһум аатынан “Меркит” диэн ХЭУо-ны тэриммитим. Биһиги Усть Канскайдааҕы аймакпыт өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбатыгар саамай күүстээх оройуонунан биллэр.
Үүккэ көмө – 5 солкуобай
— Хаһаайыстыбаҕар төһө сүөһүлээххин?
— Ынах сүөһүбүт ахсаана сылга муҥутаан 15 тыһ. төбөҕө тиийэр. Ону таһынан 12 тыһ. хойу (барааны), 2 тыһ. кэриҥэ мараалы, 1,5 тыһ. сылгыны иитэбит. Сүрүн хайысхабыт – эти оҥоруу. Ол иһин герефорд уонна үрүҥ төбөлөөх казах боруода сүөһүлэри төлөһүтүүгэ үлэлиибит. Бэйэбит туттарбыт таһынан ыччат сүөһүнү уонна племенной тиҥэһэлэри атыылыыбыт. Биһигиттэн Казахстан уонна дойду иһиттэн Самара, Оренбург уобаластара, о.д.а. регионнар атыылаһаллар.
— Оҥорон таһаарбыт эккитин хастыы атыылыыгыт?
— Эһиэхэ оҥоһуллан тахсар ороскуота улахан буолан, сыанаҕыт үрдүк эбит. Биһиги ынах сүөһү этин 250, сылгы этин 200-220, хой этин 270-280 солкуобайга атыылыыбыт.
— Судаарыстыбаттан субсидия ылаҕыт дуо?
— Племенной сүөһүнү иитэрбит иһин 1 ынах төбөтүгэр 3 тыһ. солкуобайы ылабыт, мантан 95 бырыһыана – федеральнай, 5 бырыһыана – өрөспүүбүлүкэ киэнэ. Көннөрү ынах төбөтүгэр 5-тии мөһөөҕү биэрэллэр. Ону таһынан үүт туттарааччыларга, бытархайыттан-улаханыттан тутулуга суох, киилэтигэр 5-тии солкуобайы төлүүллэр.
«Суоппары өрө тутабыт»
— Хас үлэһиттээххит?
— Бастайааннай төрүккэ 100 киһини үлэлэтэбин. Оттон саас ыһыыга, күһүн хомуурга наймыластахха, 200 киһиэхэ тиийэр.
— Хамнаска төһөнү төлүүгүт?
— Биһиэхэ сэбиэскэй былаас сууллуоҕуттан авиацияны эһэннэр, массыынанан эрэ тиэйинэн-таһынан олорор буоламмыт, суоппары уһулуччу суолталыыбыт. Элбэхтик барар-кэлэр суоппардар ыйга 70-80 тыһ. солкуобайы аахсаллар. Хаһаайыстыба атын үлэһиттэрэ 12-20 тыһ. солк. хамнастаахтар. Холобур, сүөһү көрөөччү былаанын толорор буоллаҕына, 30 тыһ. солкуобайы ылар.
Хотон оннугар – хоспох
— Ынах сүөһүгүтүн хайдах кыстатаҕыт?
— Айылҕабыт сымнаһыар буолан, сүөһүлэр сылы быһа сыһыыга сылдьан мэччийэллэр. Арай, кыһын ахсынньы уонна тохсунньу ыйдарга, дьыл муҥутаан тымныйар кэмигэр (билигин онно түүнүн 27, күнүс 15 кыраадыска диэри тымныйар үһү. – В.Н.), хоспох курдук сарайдаах хаххаҕа хаайабыт. Оттон төрүүр сүөһүнү бэрэбинэ маһынан ампаардыы охсон туппут хотоннорбутугар туруорабыт.
— Аһылыкка оччоҕуна улаханнык ороскуотурбат буоллаххыт. Төһө оттуугут?
— Оту, сенаһы, сиилэһи син биир бэлэмниибит. 2,5 тыһ. гектарга эбиэс, ньэчимиэн ыһабыт. Онон сүөһүгэ дороххой уонна сүмэһиннээх аһылык аҥаар аҥаарга буолар. Тиэхиньикэбит барыта саҥа, 30 ед. баар. Лизиҥҥэ иэскэ киирбэккэ, хаһаайыстыбабыт бэйэтин кыанар буолан, утары харчытыгар атыылаһабыт.
Сүөһүтэ атыылаһыҥ!
— Хаһаайыстыбаҥ сүөһүтүттэн Саха сиригэр атыылыаххын баҕарбаккын дуо?
— Ылар буоллахтарына, эгэ эрэ. Биһиги ынахтарбыт олунньу бүтүүтэ төрүүллэр. Онон аны саас-сайын бороохтуйбут ньирэйдэри тыыннаах ыйааһынынан (үгэс курдук, 200 киилэни үктүүллэр), тиэйэн илдьиитин аахсан туран, 1 киилэтин 180-нуу солкуобайга атыылыыбыт. Саха сиригэр кэлбиттэрин кэннэ 4 ый устатыгар үчүгэй мэччирэҥҥэ сырытыннаран аһаттахха, сууккаҕа 1 киилэ 300 грамм эбиллиини ылан, 350 киилэҕэ диэри төлөһүтүөххэ сөп. Оччоҕо хас биирдии ньирэйтэн күһүн сэтинньигэ тиийэн, 150 киилэ ыраас эти ылаҕыт. Ороскуота суох. Бэйэҕит ааҕан-суоттаан көрүҥ. Маны таһынан хааны тупсарыыга племенной оҕустары уонна 1-2 саастаах төрүөх биэриэхтээх тиҥэһэлэри 2 тыһ. төбөҕө диэри атыылыыр кыах баар.
— Александр Васильевич, оттон биһигиттэн тугу ылыаххыт этэй? — Холобур, мин эһигиттэн ыларым суох, тиэйэргэ ороскуота улахан. Кыһын, баҕар, тоҥ балыгы ылыахха сөп буолуо…
“Аймахтаргыт манна, Алтаайга, баарбыт”
Кэпсэтиигэ салгыы Алтаай Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы-тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Поликарпович Манзыров кыттан санаатын маннык үллэһиннэ:
— Эһиги, сахалар, дьиҥнээх аймахтаргыт манна, Алтаай Өрөспүүбүлүкэтигэр, баарбыт. Ленин Алтай кыраайыттан арааран турар, онно нууччалар олороллор. Биһиги, аймахтыы норуоттар, хардарыта өйөстөхпүтүнэ табыллар. Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга барыллааһын сөбүлэһии түһэристибит. Түөрт күн сылдьарбыт тухары элбэх дьоннуун билистибит. Сүнньүнэн, астыыр-үөллүүр тэрилтэлэри көрдүбүт. “Саха сиригэр оҥоһулунна” бренди кэрэхсээтибит. Саҥаны-сонуну оҥоро сатыыргыт – олус үчүгэй. Биһиэхэ дьон тыа хаһаайыстыбатыттан дохуоттанан олорор. Сүрүн дьарыкпыт – сүөһү иитиитэ. Эт уонна үүт хайысхаларыгар үлэлиибит. Мантан үүтү оҥоруу 30 бырыһыанын ылар, 4 оройуоҥҥа идэтийэллэр. Саамай дьиҥнээх, сымнаҕас сыры биһиги астыыбыт.
Сэмсэ тыл
Николай Петров, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирин солбуйааччы:
— Биһиги Алтаай кыраайын кытта сибээстэһэбит, оттон Алтаай Өрөспүүбүлүкэтинээн саҥардыы билсэн-көрсөн эрэбит. Быйыл бастакы кыбаарталга Алтаай Өрөспүүбүлүкэтигэр анаан дэлэгээссийэ ыытан, хаһаайыстыбаларга сырытыннаран көрдөрөргө, билиһиннэрэргэ министиэристибэҕэ былааннаан олоробут. Дэлэгээссийэҕэ эти оҥоруу хайысхатыгар үлэлиир, сүөһү атыылаһыан баҕалаах хаһаайыстыбалар салайааччылара уонна племенной үлэ исписэлиистэрэ киириэхтэрэ. Мин ааспыт күһүн алтынньыга сылдьыбытым. Сүөһүлэрин төрүөҕэ, кырдьык, төрөлкөй. Сүрүннээн, эккэ үлэлииллэр.
Олоҕун олуктара
Кулахов Александр Васильевич
1957 с. тохсунньутугар Усть-Канскай оройуон Икки-Нор сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. 1979 с. Новосибирскай куоракка Сибиирдээҕи тутуу институтун үөрэнэн бүтэрбитэ. 1979-1987 сс. – Горно-Алтайскай куоракка тутуу тэрилтэтигэр маастарынан, прорабынан, учаастак начаалынньыгынан үлэлээбитэ. 1987-1989 сс. — Усть-Канскай оройуон Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы. 1989-1995 сс. – ССКП XXII сийиэһин аатынан холкуос, КП, табаарыстыба салайааччыта. 1995-1996 сс. – Москва куоракка федеральнай ас-үөл корпорациятыгар агентство дириэктэрэ. 1996 сылтан “Меркит” ХЭУо дириэктэринэн үлэлии олорор.
Тылы быһаарыы: хой – аймахтыы түүр тыллаах омуктарга, ол иһигэр алтайдарга, бараан диэн суолталаах. Холобур, сахаҕа түҥ былыргыны санатар «хой баһын туойума» диэн сомоҕо домох баар.
Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар: ааптар түһэриитэ уонна интэриниэт