Алта уолун кытта дьиэ тутар Макаарап

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

  Чурапчыга тутуунан дьарыктанар элбэх оҕолооох ыал аҕа баһылыга Николай Макаров кэпсэтиибитин: «Дьоҕус бизнес тэриниэм иннинэ тутууга сатабылыҥ аһыллыа диэбиттэрэ буоллар соһуйуом этэ», — диэн саҕалаата.

Елена ПОТОЦКАЯ «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

“Сельхозтиэхиньикэ” тэрилтэтин суоппара туох да кыһалҕата cуох үлэлии сырыттаҕына, аһатар-хамнастыыр тэрилтэтэ эстибитигэр эмискэ үлэтэ суох хаалбыт.

— Бэрт өр үлэтэ суох олорбутум. Суоппардыахпын, тустаах үлэ көстөн биэрбэт. Наар быстах хамнас, оттон мин улахан дьиэ кэргэммин иитиэхпин наада курдук. Өрүү: “Бээрэ, тугунан дьарыктаныахпын сөбүй?” — диэн санаа үүйэ-хаайа тутара. Тутуунан дьарыктаныахпын – бу эйгэҕэ олох “ньуулбун”. Тугу да сатаабаппын. Ол эрээри урут дьону кытта тутууга сылдьыбыт буолан, син ону-маны удумаҕалатар этим. «Хайдах маннык сылдьыахпыный, тугу эрэ гыннахха табыллар», — диэн санаанан салайтаран, 2009 сыллаахха тутуу биригээдэтин тэринэн баран, бастаан баанньыгы тутууттан саҕалаабытым. Оччолорго харчы суох буолан, хамнаспын этинэн-үүтүнэн аахсыбытым. Түөрт-биэс киһи баанньыгы өр гыммаппыт, бүтэрэн иһэбит. Онтон илиибит үөрэнэн, эйгэбитин улаатыннаран, аны дьиэ тутуутугар көспүппүт. Бастаан тутууга ылсарбар, тугум да суох этэ. Бэйэ дьыалатын тэринэрбэр улуустааҕы Үлэлээх буолуу киинэ 50 тыһ. солк. көмөлөспүтэ. Ол үппэр эбинэн пилорама ылыммытым. Бу тэрилбитигэр тирэҕирэн өрө тахсыбыппыт, — диэн кэпсиир Николай Степанович.

Билигин тутууга уопуттаах предприниматель алта уолун кытта дьиэ тутар. Саамай кыралара 7-с кылаас үөрэнээччитэ Коля эмиэ туһа киһитэ. Аҕатын уонна убайдарын кытта тутууга тэҥҥэ сылдьар. Макаровтар дьиэ кэргэн бэдэрээтинэн үлэлиир сыалай биир тутуу биригээдэтэ буолан, дьон сакааһын бэрт түргэнник толороллор. Тутуу маһын Мындаҕаайыттан дэлээнэ быстаран, биир саас иһигэр кэрдэн, бэлэмнээн кэбиһэллэр. “Сакаас үчүгэйдик киирэр. Биир сайыҥҥа үс дьиэни тутабыт”, — диэн кэпсиир ыал аҕа баһылыга. Сайыҥҥы өттүгэр Макаровтар, биллэн турар, эбии дьону наймылаһаллар.

Улуус дьаһалтатын кытта бииргэ үлэлиир буолан, улуустааҕы суолталаах араас социальнай сакаас онтон киирэр. Ол курдук, Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн тутуулара — балаҕан, күрүө биһиги нөҥүө барбыта. Мугудайга биригээдэбит биир сайын иһигэр кэргэним быраатыгар, бааһынай хаһаайыстыба салайааччытыгар Ылдьаа Дьячковскайга 57 м уһуннаах 100 ынах турар хотонугар тутуу маһын бэлэмнээбитэ. Ол дьыл күһүнүгэр хотон тутуллан киирбитэ, — диэн кэпсиир Николай Степанович.

Баанньык тутуутуттан саҕалаабыт сатабыллаах тутааччыга тиийэ үүммүт киһиттэн баанньыгы хайдах тутарга уопсай сүбэни биэрэригэр көрдөстүм.

  • Бастаан баанньык кээмэйин толкуйдуур наада. Кыараҕас хоско киһи холкутук сууммат да, таҥныбат да. Наһаа улахан эмиэ табыллыбат. Тоҥ дьиэни ириэрэр курдук буолар. Элбэх мас баранарыгар тиийэр.
  • Үс миэстэлээх баанньык иэнэ — 4х3 кв. м.
  • Таҥнар сирэ 1 м 20-тэн 3 м диэри буолуохтаах.
  • Паарданар сир 1 м буолара ордук.
  • Онтон ордуга барыта суунар сиргэ барар.
  • Баанньык оһоҕун биир хардаҕас батар уһуннаахха кыратык ордуктаан талар ордук.
  • Терассата — 1,5 м.

Николай Макаров – улууска ааттаах-суоллаах тутуу маастарыгар тиийэ үүннэ. Бэйэтэ норуоттан тахсыбыт киһи буолан, кини үгүс ыччаты тутууга сыһыаран үлэлэтэн, бэйэтин туйаҕын хатарааччыларын үүннэрэн эрэр. Николай Степанович өссө биир кэскиллээх баҕа санаатын олоххо киллэрээри сылдьар. Ол курдук, кини сайыҥҥы кэмҥэ 7-с кылаастан саҕалаан, обургу уолаттарга Үлэ лааҕырын аһан, окко үлэлэтэр соруктаах. Кини төрөппүт уола Коля 1-кы кылаастан оттообута. Билигин 7-с кылаас оҕото бэйэтэ тыраахтардаах, үлэһит бэрдэ киһи. Онон, уолаттарын хара үлэҕэ уһуйаары, үгүс төрөппүт сайын лааҕыр аһылларын эрэнэ кэтэһэр. 

… Хас биирдии киһи туохха эрэ дьоҕурдаах. Тыа сиригэр үлэ суох диэбэккэ, Николай Макаров курдук бэйэ сатабылыгар таба тайанан, “ньуултан” саҕалаан, сүүрбэччэ баанньыктан түөртүү-биэстии ыал олорор дьиэтигэр тиийэ тутуулары оҥорон таһаарыахха сөп. Онон, толкуйдаах дьон ис кыахтарын арыйан, Чурапчы предпринимателин холобурун батыһаллара буоллар диэн бу суруйдум. Киһи киһиттэн үөрэнэр.

Елена ПОТОЦКАЯ «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0