Алта уоллаах Василий Пак

Ааптар: 
21.10.2017
Бөлөххө киир:

Аныгы кэмҥэ үстэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн элбэх оҕолоох ыалынан ааҕыллар. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт, алта уол тапталлаах аҕата, икки сиэн минньигэс эһээтэ, Аҕалар I уонна II Сийиэстэрин дэлэгээтэ, “Барҕарыы” фонда стипендиата, “Бастыҥ фотограф-2016” куонкурус кыайыылааҕа, СӨ “Аҕалар туруктарын үрдэтиигэ уонна дьиэ кэргэн институтун бөҕөргөтүүгэ кылаатын иһин” мэтээл хаһаайына, Россия Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Сайсары уокуругун Аҕаларын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ — Василий Пак.

edersaas.ru

Улахан дьиэ кэргэн

— Василий Николаевич, бэйэҥ, дьиэ кэргэниҥ туһунан ааҕааччыларбытыгар билиһиннэрэ түспэккин ээ.

— Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээхпин. Дьокуускайдааҕы 7-с нүөмэрдээх училищеҕа үөрэнэн, киинэ механига идэтин баһылаабытым. Салгыы Иркутскайдааҕы киинэ техникумун бүтэрэн, прибордары хонтуруоллуур-кээмэйдиир слесарь үөрэҕин уларыта тутуу сылларыгар бүтэрэн кэлэн, киинэ эйгэтигэр үлэ кыайан булбатаҕым. Хотугу сир физико-техническэй проблемаларын институтугар старшай лаборанынан киирбитим. Киинэ техникумугар үөрэппит прибордарым барыта институкка бааллара. Учуонайдар туох эрэ уопут оҥордохторуна, хаартыскаҕа түһэрэрим, видеоҕа устарым. Атын үлэҕэ көһөн да баран, хаартыскаҕа түһэрэр аппарааппын сүгэ сылдьарым. Ол курдук, сыыйа хаартыскаҕа түһэрии сүрүн үлэбэр кубулуйбута, күн бүгүҥҥэ диэри аппарааппын илиибиттэн ыһыктыбаппын.

Кэргэним Ульяна Федоровна үйэтин тухары үөрэх салаатыгар үлэлээбитэ. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.

Оҕолорбут бары оскуоланы бүтэрбиттэрэ. Улахан уол Андрей туспа ыал. Икки оҕо тапталлаах аҕата. Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет историческай факультетын бүтэрбитэ, үлэһит. Иккис уол Николай эмиэ кэргэннээх, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка математика уонна информатика институтугар магистратураҕа үөрэнэр. Юрий технология уонна дизайн кэллиэһин бүтэрбитэ, үлэһит. Алексей математика уонна информатика институтугар бакалавриаты бүтэрээт, тута ытык иэһин төлүү аармыйаҕа барбыта. Федор — Новосибирскайдааҕы архитектура-тутуу судаарыстыбаннай университетын устудьуона. Владимир Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет педагогическай институтугар үөрэнэр.

“Хаартыска холбообута”

— Кэргэҥҥин кытта хайдах билсибиккиний? Иккиэн Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээхпит диэн аһарбыттааххын.

— Институкка үлэлиир сылларым этэ. Оччолорго хамнас даҕаны кырата, онон, сүрүн үлэм таһынан, Сынньалаҥ пааркатыгар хаартыскаҕа түһэрэн “харах таһаарынарым”. Биир үтүө күн, 1990 сыл саас, Кыһыны атаарар бырааһынньыкка идэбинэн пааркаҕа тиийдим. Саха кыргыттара кэлэн: “Сыанаҥ төһөнүй, ити сылдьар атын фотограф төһө үчүгэйдик түһэрэрий?”, — диэн нууччалыы ыйыттылар. “Саха кыргыттара буолан баран сахалыы саҥарыаххытын. Мин сахабын ээ”, — диэтим. Ол курдук, миэхэ хаартыскаҕа түспүттэрэ, нэдиэлэнэн кэлэн ылыах буолбуттара да, биллибэтэхтэрэ. Икки нэдиэлэ курдук ааспытын кэннэ, Киров аатынан уулуссаҕа хаартыскаҕа түһэрбит кыргыттарбыттан биирдэрин көрсө түспүтүм. Тута билбитим. Үлэ күнүгэр түһэрбит хаартыскаларбын кыбына сылдьыбаппын, арыт кини пааркаҕа кэлбэт. Ол курдук, сыыйа билсэн-көрсөн ыал буолбуппут. Хаартыскатын ыал буолан баран биирдэ тиксэрбитим.

— Ыал буолуоҥ иннинэ элбэх оҕолонуом диэн санаа баара дуо?

Кэргэмминиин иккиэн элбэх оҕолоох ыалга төрөөбүппүт. Бииргэ төрөөбүттэр өрөспүүбүлүкэни биир гына тэнийэн олоробут диэтэхпинэ, арааһа, сыыспатым буолуо. Дьиҥэр, кыыс оҕолонуохпун баҕарарым. Бу сырыыга, баҕар, кыыс кэлиэ диэн кэтэспиппит, уол оҕо төрүүрэ. Кэлин доруобай эрэ буоллун диэн санаалаахпыт. Ити да буоллар, ээр-сэмээр син биир кыыһы кэтэһэрим.

Аҕа холобура

— Уол оҕону иитэр төһө уустугуй?

— Сорохтор, «кыыс оҕолоох үчүгэй, ийэҕэ сүрүн көмөлөһөөччү» дэһэллэр. Ол эрээри, уол оҕону хайдах иитэргиттэн тутулуктаах эбит. Улааттахтарына таҥастарын-саптарын бэйэлэрэ көрүнэллэр, дьиэҕэ-уокка көмөлөөхтөр. Итиэннэ уол оҕону иитэр арыый судургу, кыыс курдук киэргэли иилиммэттэринэн, муоданы батыспаттарынан ордук.

Саастара уларыйар кэмнэригэр “мин” диэн бэйэлэрин көрдөрөр түгэннэрдээхтэр. Айылгылара оннук буоллаҕа. Ол кэмҥэ куолаһы соноппокко, тэҥнээҕиҥ курдук кэпсэттэххэ, барыта этэҥҥэ ааһар.

Биллэн турар, улаатар саастарыгар куһаҕан дьаллыкка сыстыахтара диэн санаалар киирэн ылааччылар. Оҕону өсөһүннэрбэт туһугар, кыраны алыс дарбатымыахха наада. Хата, улахан кыһалҕалары көрсүбэтэхпит. Итинтэн уоскуйан хаалар, эмиэ сыыһа. Кэлин дириҥээн хаалыан сөп. Ол иһин арыгы, табах буортутун туһунан тэлэбиисэргэ биэрии кэллэҕинэ аһыы олорон саҥата суох ону холбоон кэбиһээччибит эбэтэр кэргэмминиин ити тиэмэҕэ кэпсэтээччибит, билэр дьоммутун холобур оҥостооччубут. Ону истэн, син туох эрэ түмүккэ кэлэн эрдэхтэрэ. Уол аҕатын холобурун батыһар дииллэрэ чахчы. Баҕар, бэйэм иһэрим-аһыырым эбитэ буоллар, атын буолуох эбитэ дуу… Туох да диэбит иһин, төрөппүттэртэн улахан тутулуктаах.

Оҕолорбут олус көхтөөхтөр. Саамай сүрүнэ — оҕоҕо дьарык наада. Оччоҕо туох даҕаны куһаҕан дьаллыкка сыстыбат эбит.

Охсуһарын охсуспаттар этэ эрээри, мөккүһүү хаһан баҕарар баара. Бэйэлэрин көрүүлэрин туруорсаллара, туруулаһаллара ханна барыай?! Оннук буолуохтаах даҕаны. Ити түгэҥҥэ бэйэ-бэйэни быһа түһүспэккэ, атыттар санааларын истэн, билэн эрэ баран этиҥ диэн үөрэтэрбит.

Үөрэҕи таһынан дьарык

— Эбии дьарык диэбиккэ дылы, уолаттарыҥ ханнык куруһуоктарга дьарыктаналларай?

— Оҕо кыра сааһыттан үөрэҕи таһынан өрүү дьарыктаах, туох эрэ интэриэстээх буолара ордук. Оччоҕо куһаҕан дьаллыкка сыстыбат, ускул-тэскил сылдьыбат. Хас биирдии күнүн барытын аттаран, этэргэ дылы, куһаҕаҥҥа сыстарыгар иллэҥ бириэмэтэ даҕаны суох буолар. Улахан уолбут футболунан дьарыктанара. Халлаан сылыйда да, оскуолаттан кэлээт, таһырдьа ойоро. Билигин даҕаны футбол күрэхтэһиилэрин көтүппэккэ көрөр. Элбэх оҕо бэйэ-бэйэтин көрсөн улаатар дииллэрэ кырдьык. Кыралар улахан оҕолортон элбэххэ үөрэнэллэр. Ийэни, аҕаны таһынан холобур ылар сүрүн дьоно – ыал улахан оҕолоро. Улахаттар мөҕүлүннэхтэринэ, хайҕаннахтарына, кыралар “итинник гынар сыыһа эбит эбэтэр сөп эбит” диэн барытын көрө-истэ сылдьаллар. Футболу таһынан чэпчэки атлетиканан, тустуунан, акробатиканан уонна хомус, ырыа куруһуоктарыгар дьарыктаналлара, дуобаттыыллара. Оскуолаларыгар ыытыллар тэрээһиннэртэн, араас куонкурустартан, олимпиадалартан быыс булбаттара. Федя өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйгэ вице-бэрэсидьиэн этэ. Бүтэрэр сылыгар бэрэсидьиэнинэн талбыттара. Биллэн турар, сүрэхтэрэ сытар дьарыктарын көрдөөн сыымайдыыллара үгүс буолааччы. Кыраларыттан бэйэлэрин дьаһана үөрүйэхтэр, онон улаханнык орооһооччум суох.

Саамай күүстээх — тыл

— Аҕа быһыытынан төһө кытаанаххыный? Нууччалыы эттэххэ, “кнут и пряник” диэн ньыманы төһө туттааччыгыный?

— Курунан эҥин таһыйбыппын букатын өйдөөбөппүн. Ийэбит “аҕаҕытыгар этиэм” диэн куттуур түгэннэрдээх этэ эрээри, мин мөхпөккө, барыларын мунньан олорон кэпсэтээччибин, быһаарааччыбын. Ити олус туһалаах ньыма. Оҕо буруйу оҥордоҕуна күүс өттүнэн буолбакка, тылгынан өйдөтүөхтээххин. Таһыйар, мөҕөр букатын сыыһа. Оҕо оччотугар төттөрү түһэр, өсөһөр. Аан дойдуга саамай күүстээх – тыл. Тыл ханна баҕарар тиэрдиэн, кынаттыан сөп. Итини элбэх оҕолоох аҕа быһыытынан, тус бэйэм холобурбуттан этэбин.

Элбэх оҕолоох ыал кыһалҕата

— Аныгы кэмҥэ элбэх оҕолоох ыалга туох уустуктар баалларый?

— Билигин, дьиҥэр, судаарыстыба көмөтө балачча элбэх. Ол эрээри, тус бэйэм, арыый сыыһа дуу дии саныыбын. Бастатан туран, аҥаардас судаарыстыба бэлэмигэр олорор дьиэ кэргэн наһаа элбээтэ. Биллэн турар, дьиэ наада. Ол эрээри, бэлэми уунан биэрбэккэ, дьиэ тутталларыгар учаастак, матырыйаал көрөн, бэйэҕит туттуҥ дииллэрэ эбитэ буоллар, ордук куорат сиригэр олорор элбэх оҕолоох дьон оҕолоро сиртэн-буортан тэйбэттэригэр, бэйэлэрэ оҥорон таһааралларыгар кыах үөскүөх этэ. Аныгы ыччат хара үлэттэн тэйдэ. Итиннэ туох эрэ механизмы толкуйдууллара буоллар диэн баҕа санаалаахпын.

Иккиһинэн, көмөнү харчынан буолбакка, бэйэҕит үлэлээн үптэ киллэриниҥ диэн, үнүстүрүмүөнүнэн көрөллөрө буоллар. Тоҕо диэтэххэ, харчы – уу. Биирдэ баар, биирдэ суох. Оттон тэрил хаһан даҕаны хаалбат.

Үсүһүнэн, кыбартыыраҕа коммунальнай төлөбүр чэпчэтиитэ. Тоҕо диэтэххэ, хамнаһыҥ тиийинэн олорор кээмэйтэн биэс мөһөөҕүнэн даҕаны аһары бардаҕына, субсидия көрүллүбэт. Уопсастыбаннай үлэбинэн элбэх оҕолоох дьону кытта үгүстүк алтыһабын. Кэпсэтэр дьонум ити кыһалҕаны куруук таарыйаллар. Элбэх оҕолоох дьоҥҥо 30 бырыһыаннаах чэпчэтии көрүллэр дииллэр да, сымыйа, үлэлээбэт бырагыраама.

Аҕа дьарыга

— Василий Николаевич, эйигин кыралаан араас оҥоһуктары оҥорор диэн истибитим.

— Кыра оҥоһуктардаахпын, улахан саба быраҕан көрдөрөр үлэ буолбатах. Туочуканан ойуулаан (точечная роспись) араас харысхаллары, мастан куукунаҕа туттуллар тэриллэри, туостан кыра бэлэхтэри-туһахтары оҥортуубун. Тимиргэ уруһуй түһэрэргэ холонон көрбүтүм. Табылыннаҕына, атыҥҥа ылсан иһэр идэлээхпин. Сынньалаҥҥа таҕыстахпына, баҕар, дьарыктаныам диэн кыралаан үөрэнэ сылдьабын. Батсаапка анаан-минээн “Уран талба талааннаахтар”, “Кыл, сиэл, туос оҥоһуктар”, “Дьарык (уустар)” бөлөхтөрү арыйбытым. Биллэн турар, сүрүн дьарыгым – хаартыска.

Былырыын “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга бырайыак толкуйдаабыппыт. Кэлии спортсменнар ханнык судаарыстыбаттан, ханнык спорт көрүҥэр кытталларын көрдөрөр былаах тикпиппит. Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар олорор дьон А 4 кээмэйдээх үлэлэрин ыыппыттара. Сорохтор оҕуруонан тиспиттэрэ, сорохтор быысыбайдаабыттара. «Уран талба талааннаахтар» диэн батсаап бөлөх куоракка баар дьоно бары түмсэн, холботолообуттара. Букатын улахан көбүөр саҕа буолбута.

— Бэрт интэриэһинэй дьарыктаах аҕа эбиккин. Сэһэргэһииҥ иһин махтал.

 

Олоҕун олуктара

Пак Василий Николаевич

1963 с. от ыйын 19 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ төрөөбүтэ.

1981 с.  оскуоланы бүтэрбитэ.

1981-1982 сс.  киномеханик идэтигэр үөрэммитэ.

1983-1985 сс.  аармыйаҕа сулууспалаабыта.

1986-1989 сс. Иркутскайдааҕы киинэ техникумугар үөрэммитэ.

1989-1995 сс. Хотугу сир физико-техническэй проблемаларын институтугар лабораннаабыта, инженердээбитэ.

1995-2004 сс.  атыы-тутуу систиэмэтигэр үлэлээбитэ.

2004-2008 сс.  бэйэ дьыалатынан дьарыктаммыта.

2009 с. – күн бүгүнүгэр диэри  “Кэскил”, “Юность Севера” хаһыаттарга фотограбынан үлэлиир.

Кэргэннээх, алта уол оҕолоох.

Сэмсэ тыл

Мария Петрова, Дьокуускай куорат ыччат уонна дьиэ кэргэн политикатыгар управлениетын сүрүннүүр исписэлииһэ:

— Василий Николаевич бэйэтин кэллиэгэлэрин ортотугар эрэ буолбакка, бүтүн Дьокуускай куорат учууталларын, төрөппүттэр уопсастыбаларын биһирэбилин ылар. Аҕа быһыытынан олус кыһамньылаах, эппиэтинэстээх. Атыттарга чахчы холобур буолар аҕа.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0