Алта ойуур баһаара умуруорулунна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:
Саха сиригэр ааспыт хонукка Алдан, Уус Маайа, Орто Халыма оройуоннарыгар уопсайа 38 367 га иэннээх сиринэн алта ойуур баһаара умуруорулунна.
Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ сүрүн лесничэйэ Андрей Коноплев брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.
Орто Халымаҕа уонна Аллараа Халымаҕа икки ойуур баһаарын булбуттар.
Бүгүн, атырдьах ыйын 12 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 142 238 га иэннээх сиринэн 25 ойуур баһаара бэлиэтэнэр. Ол курдук, 14 — Уус Маайаҕа, 7 — Алдаҥҥа, биирдии — Өймөкөөҥҥө, Орто Халымаҕа, Томпоҕо уонна Аллараа Халымаҕа. Икки ландшафтнай баһаар Өймөкөөн оройуонугар баара ыйыллар. Уот хаппыт уопсай иэнэ 23 га.
Былырыын бу кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 3 948 540,7 га иэннээх сиринэн 171 ойуур баһаара бэлиэтэнэн турар.
Билигин уопсайа 39 815 га иэннээх сиринэн Уус Маайаҕа икки ойуур баһаарын утары охсуһаллар. Баһаары умуруорууга 596 киһи, 8 тиэхиньикэ үлэлиир.
Кэнники хонукка ойуур баһаардарын умуруорууга үс салгын аала үлэлээбит, аҕыс салгын аала кэтээн көрүүгэ сылдьыбыт.
Томпо, Уус Маайа оройуоннарыгар бэһис кылаастаах, Тааттаҕа төрдүс кылаастаах ойуур баһаардара бэлиэтэнэллэр.
Муниципальнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ Уус Маайа оройуонугар салҕанар. Оттон эрэгийиэн таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ өрөспүүбүлүкэ бары сиригэр-уотугар. Саха сиригэр уонна Хабаровскай кыраайга федеральнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ салҕанарынан, ойуур баһаардарын утары охсуһууга күүһү эбэллэр.
Сааскы кэмтэн өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 515 ойуур баһаара (уот хаппыт уопсай иэнэ 504 707,01 га) бэлиэтэнэн турар. Былырыын бу кэмҥэ уопсайа 5 941 663,77 га иэннээх сиринэн 1 412 ойуур баһаара баара бэлиэтэнэн турар.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0