Алта оҕолоох ийэни быраабын быстылар

14.02.2020
Бөлөххө киир:

Саха сирин борокуротууратын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, сааһын ситэ илик алта оҕолоох Сунтаар улууһун 39 саастаах олохтооҕун ийэ быраабын быстылар. Оҕолору тулаайах оҕолору иитэр дьиэҕэ олохтоотулар.

edersaas.ru

Буруйданаччы уһун кэм устата оҕолоругар кыһаммакка, киһилии көрбөккө-харайбакка, сэттэтэ административнай эппиэтинэскэ тардылла сылдьыбыта. Ийэ иһэр буолан оҕолор барахсаттар хаста даҕаны Сунтаардааҕы реабилитационнай кииҥҥэ киирэ сылдьыбыттар. Ийэ киһи оҕолоругар оскуола тээбиринээҕэр буолуох, таҥнар таҥастарын даҕаны хааччыйбат эбит. Маны таһынан, инбэлиит оҕотун Дьокуускайга көрдөрө кэлэн баран, балыыһаҕа оҕотун хаалларбыт буруйдаах.

Борокуротуура бэрэбиэркэтин түмүгүнэн холуобунай дьыала тэрилиннэ.

Ульяна ЗАХАРОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0