Хатас сэлиэнньэтин олохтоохторо Оконушкиннар алта уол оҕолоохторунан киэн тутталлар. Мэҥэ-Хаҥалас Мэлдьэхситин алта оҕолоох Винокуровтар улахан оҕолоро Ольга Хатас олохтооҕо Георгий Оконушкиҥҥа 2002 сыллаахха кэргэн тахсыбыта. Георгий төрөппүттэрэ биэс оҕолоох ыал.
Уон сыл – алта оҕо
Үс сылынан Оконушкиннар бастакы күүтүүлээх оҕолоро Антон күн сири көрбүтэ. Онтон өссө икки сылынан субуруччу икки уол төрөөбүтэ. Кинилэр кэннилэриттэн 2011, 2013 уонна 2015 сылларга кэлбит оҕолор эмиэ уол буолан биэрбиттэрэ. Төрөппүттэр улаханнык санаарҕаабатахтар. Ыал ийэтэ: «Кэргэннии буоларбытыгар бачча оҕолонуохпут диэн былааннаабат этибит ээ. Таҥара төһөнү биэрбитинэн Билигин уопсай хаартыскабытын көрө-көрө, ама бу барыта биһиги оҕолорбут дуо дэһэбит», – диэн күлэр.
Аҕабыт сварщик
Элбэх оҕолоох ыал аҕа баһылыга Георгий сварщик. Дьиэ кэргэнин иитэр туһуттан икки үлэҕэ сылдьар. Эбиэккэ диэри Хатас маҕаһыыннарыгар массыынанан килиэп таһар, эбиэт кэннэ сварщигынан нэһилиэнньэ сакааһыгар үлэлиир. Үлэтин быыһыгар түөрт сыллааҕыттан саҕалаабыт икки этээстээх дьиэлэрин ситэрэр-хоторор. «Дьиэ хайдаҕа тиэргэниттэн биллэр» диир буоллахха, дьиэ сылааһа хаһаайынтан биллэр. Оконушкиннар сып-сылаас дьиэлэригэр оҕолор кыһыннары атах сыгынньах сүүрэкэлииллэр.
Күннээҕи түбүк бараммат
Оконушкиннар күннээҕи түбүктэрэ сарсыарда 7:00 чаастан саҕаланар. Улахан уолаттар 11-с, 5-с, 4-с, 3-с кыл. үөрэнэллэр. Биир оҕо Хатастааҕы оҕо уһуйааныгар сылдьар. Ийэлэрэ дьиэтигэр икки кыратын кытары хаалар. Аҕалара Георгий үлэтигэр бара таарыйа оҕолорун илдьэттиир. Манна даҕатан эттэххэ, былырыын Хатас оскуолатын анал автобуһа Оконушкиннар олорор Баҕарах учаастактарын оҕолорун биир уулуссаттан таһан абыраабыта.
Оконушкиннар оҕолоро киэһэ бэйэлэрэ кэлэ үөрэммиттэр. Күнүс үөрэх кэнниттэн дьиэлэригэр кэлэн чэйдээн баран, салгыы ким ханнык куруһуокка сылдьарынан дьарыктана ойоллор.
Дьиэ таһын ыраастааһын, хортуоппуйу олордуу, хомуйуу – барыта улаатан эрэр эмдэй-сэмдэй уолаттар эбээһинэстэрэ. Иһиттэрин да кылбаччы сууйаллар, дьиэлэрин да дьаһайаллар.
Улахан дьиэ тутталлар
Оконушкиннар ыал буолаат, аан бастаан икки этээстээх уопсай дьиэ биир хостоох кыбартыыратыгар олорбуттар. Онтон куортамныы сылдьыбыттар. Таҥара бэлэҕэ – күндү оҕолоро кэлэннэр, улахан дьиэ туттар кэмнэрэ кэлбитин өйдөөбүттэр. Иккис оҕоҕо кэлэр өрөспүүбүлүкэ уонна федеральнай хапытаалынан, өссө эбии кирэдьиит ылан улахан дьиэ туттарга быһаарыммыттар. Хатас саҥа оройуонугар учаастак атыыласпыттар.
Оҕуруот үүннэрэбит
Эйэҕэс, үөрүнньэҥ майгылаах, кэпсэтинньэҥ хаһаайка дьиэ кэргэнин, оҕолорун туһунан наар үчүгэйи эрэ кэпсиир. Кыаллыбаты, ыараханы тумнар. Ол да буоллар, элбэх оҕолоох ыал тугу ыарырҕатарын ыйыталастым.
— Барыта үчүгэй. Арай, үп-харчы өттүнэн ыарахаттары көрсөбүт. Аҕабыт эрэ үлэлиир, кини эрэ булар-талар. Хата, Баҕарахха сайыҥҥы уу ситимэ тардыллан, быйыл теплица тутуннубут. Оҕурсуну айахпытыгар тото сиэн астынныбыт. Эһиил өссө элбэҕи олордор былааннаахпыт. Хортуоппуйу манна кэлээт да, тута олордубуппут. Бастакы сылбытыгар 8 куулу, быйыл уон куулу ыллыбыт.
Оҕолорбут олоҥхолууллар
Биллэрин курдук, өрөспүүбүлүкэ элбэх оҕолоох ыалларыгар социальнай хантараак көрүллэр. Ол курдук, Оконушкиннар эмиэ социальнай хантараакка киирсэн, сыбааркалыыр аппарат, генератор о.д.а. тэриллэри атыылаһан, нэһилиэнньэҕэ туһалаах өҥөнү оҥороллор. Ол, биллэн турар, элбэх оҕолоох ыалга улахан өйөбүл.
– Аҕабыт туруу үлэһит. Дьаһалтабытыттан улахан көмө, өйөбүл көрдөөбөппүт. Кыахпыт баарынан олоробут. Оҕолор үөрэхтэригэр этэҥҥэлэр, оскуола актыбыыстара. Тустуунан, футболунан дьарыктаналлар. Оҕо уһуйааныгар сылдьар уолбут ыллыыр, олоҥхолуур. Удьуор быстыа суохтаах. Оҕолор төрөөбүт сирдэрин-уоттарын билиэхтээхтэр.
Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, быйыл сайын түөрт улахан уол Суола Ыһыаҕар тахсан олоҥхолоон, уон тыһыынча харчынан бириэмийэлэммиттэрэ. Ол харчынан кабельнай телевизор тэриэлкэтин атыыласпыттар. Онон Оконюшкиннар уһун унньуктаах кыһыҥҥы киэһэлэргэ таптыыр биэриилэрин көрөөрү сүргэлэрэ көтөҕүллэ сылдьар.
Надежда ЕГОРОВА-Намылы