Ааспыт бээтинсэ киэһэ Бастакы ханаалга “Голос. Дети” биэрии финала буолбута. Онно куоластааһын түмүгүнэн ырыаһыт Алсу уонна банкир Ян Абрамов кыыстара 10 саастаах Микелла Абрамова кыайбыта. Кини түмүгэ 56,5%, икки финалистарга — 15,6% уонна 27,9% куоластаабыттар.
Ол эрээри, көрөөччүлэр бу сымыйа түмүк быһыылаах диэн, айдааны тардыбыттар. “Баай ыаллар атыылаһан ылбыттар” диэн сурах-садьык тарҕанна. Ол эрээри, Бастакы ханаалы атыылаһар кыаллыбата буолуо, арай, Киркоровтан саҕалаан Бузоваҕа тиийэ мөлүйүөнүнэн сурутааччылаах шоу-бизнес сулустара бары аҕытаассыйалаабыттара, ол дьайбыт буолуон сөп.
Бастакы ханаал салалтата куоластааһын түмүгүн бэрэбиэркэлиир буолла. Генеральнай дириэктэр Константин Эрнст этэринэн, куоластааһын түмүгэр дьайар кыахтара суох үһү. Ити курдук куоластааһын улахан араастаһыыта аан бастаан буолбут. 1tv.ru сайтка куоластааһын боротокуола бэчээттэммит.
“Голос” бырайыакка, буолаары буолан, оҕолор кыттыылаах биэриигэ, хара күлүк түһэрин көҥүллүө суохтаахпыт. Бары кыттааччылар тэҥ бырааптаахтар”, — диэн кини этэр.
“Голос. Дети” финалыгар казах уола, күүстээх куоластаах Эржан Максим уонна Дьокуускайтан төрүттээх Валера Кузаков киирсибиттэрэ.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru