Былырыын баччаларга “Аляска- Сибиир” сөмөлүөт маршрута 75 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээбиппит. Аҕа дойдутун сэриитигэр фашистары кыайарга “АлСиб” салгынынан суол элбэх өҥөлөөх. Сэрии саҕана “АлСиб” сөмөлүөтэ Төҥүлүгэ мотуора алдьанан түспүтүн подполковник Иван Мохначевскай 93 сааһыгар диэри субу көрбүт курдук өйдүүр. Кини ол түбэлтэ туһунан биһиэхэ кэпсээтэ. edersaas.ru
Мин Чурапчы улууһун Алаҕар сэлиэнньэтигэр төрөөбүтүм. Аҕа дойдутун сэриитин саҕана төрөппүттэрим өлбүттэрэ. Онон миигин Төҥүлүгэ олорор таайым ылбыта уонна интэринээккэ олордон сэттис кылааһы бүтэттэрбитэ. Сэттис кылааһы бүтэрэн баран үөрэхпин салҕыахтаах этим. Биһиги аймахтан үс таайым сэриигэ сылдьаллара. Ол иһин таайым үөрэххэ ыытар баҕаттан, мин үөрэхпэр кыһалларбын ирдиир этэ. Кэлин саллааттыы барыан диирин өйдүүбүн. Аймахтарым сэриигэ сылдьар буоланнар, туох баар сонуну барытын истэ сатыыр этибит. Ол саҕана, Америка сөмөлүөттэрэ Төҥүлү үрдүнэн сотору-сотору көтөн ааһаллара. Биһиги таһырдьа тахсан сөмөлүөттэри көрөр, ааҕар этибит.
Сөмөлүөт охтубут күнэ
Арай биир күн Төҥүлү арҕаа өттүгэр турар «Ворошилов» холкуос сирин диэки дьон сүүрдэ. Аймалҕан бөҕөтө буолла. “Сөмөлүөт түстэ,”- диэн дьон кэпсэтэрин иһиттим. Миигин уонна уонча оҕону интэринээт сопхуоһа Аввакум Артемьев ыҥыран ылан, оскуолаҕа илдьэн кураанах маһынан оһохтору отуннарда. Ити аата охтубут сөмөлүөт лүөччүктэригэр анаан оһох отуннарбыт эбит. Оһоҕу оттон баран, биһиги охтубут сөмөлүөтү көрө ыстанныбыт. Төҥүлү арҕаа ойууругар дьон бөҕө мустубут этэ. Туохтан сууллубутун араастык таайан көрөллөр. Оттон сөмөлүөттэн биирдиилээн лүөччүктэр таҕыстылар. Онно дьэ, Төҥүлү олохтоохторо лүөтчүктэр тыыннаахтарын көрөн “ураа” бөҕөтүн түһэрдилэр. Кинилэри тута оскуолаҕа илдьибиттэрэ. Оттуллубут оскуола сылыйбыта сүрдээх этэ. Олохтоохтор ас аҕалан саахалга түбэспиттэри аһаппыттара. Интэринээттэн, ыаллартан хомуйан утуйар таҥастары аҕалталаабыппыт. Билигин санаатахха, онно үлэлэспит, сылдьыспыт дьон туохтарын да кэрэйбэккээлэр, ыарахан түгэҥҥэ түбэспит дьоҥҥо көмөлөспүт эрэ киһи диэн сылдьар дьон эбит. Дьон сэрии сонуннарын истэ сылдьар буолан өйдүүллэр этэ. Америка сөмөлүөттэрэ ньиэмэстэри утары сэриилэһэ сылдьалларын иһин, олус чугастык ылыналлара. Биһиги, сэттис кылааһы бүтэрээри сылдьар дьон, ама, ону өйдүө суохпут дуо.
Америка механигын кытта бастакы алтыһыым
Сотору кэминэн, оскуолаҕа сэбиэт бэрэссэдээтэлэ, араас салайааччылар кэлитэлээбиттэрэ. Саахалга түбэспит лүөччүктэрбитин оннуларын булларан баран, дьону кытта көрсүһүү тэрийдилэр. Сэрииттэн бааһыран кэлбит саллааттар уонна Төҥүлү олохтоохторо сылдьыбыттара. Үс хонон баран биһигини, интэринээт оҕолорун мунньан, баспытааталбыт экскурсияҕа илдьэ кэлбитэ. Бастаан биһиэхэ кимнээх саахалга түбэспиттэрин, хас чааһынан фронтан көтөн кэлбиттэрин билиһиннэрдилэр. Баспытааталбыт уһун кэпсээнин сорох оҕолор ситэ истибэккэ барбыттара. Оттон мин бүтүөр диэри иһитим. Тоҕо диэтэр, мин үс таайым сэриигэ сылдьаллар этэ. Ол туран, бу сөмөлүөт оҥоһулла охсон фроҥҥа тиийэ охсоро буоллар диэн санаатым. Мотуору оҥоро олорор механиктан туох эрэ “тыс” гынан баран хаарга кылбайбытынан түһэн хаалла. Механик миэхэ омуктуу туох эрэ диэтэ уонна далбаатаата. Ол аата ылан кулу диэбит быһыыта быһыылаах. Мин нууччалыы да аҕыйах тылы билэр киһи, хата, өйдөөтүм. Ол тимир түспүт сиригэр хааман тиийэн хаары тарыйан көрбүтүм, икки өттүлээх гайканы эрийэр күлүүс сытара. Ону ылан баран быраҕан биэрдим. Механик хабан ылла уонна махтанан тоҥхоҥноото. Мин эргиллэн баран интэринээппэр бараары гынным. Ону механик хаһыытаата. Эргиллибиппэр миэхэ үрүҥ өҥнөөх кыра малы бырахта — хабан ыллым. Онтукайым сакалаат эбит. Бастаан билбэккэбин туппахтаан, сыттаан көрдүм. Наһаа да минньигэс сыттаах этэ. Махтанан баран, интэринээтим диэки сүүрдүм. Кэһиилээх киһи быһыытынан уолаттарбар көрдөрөөрү, бэссээри олус түргэнник тиийдим. Уолаттарым барахсаттар сонун аһы көрөннөр бары үрүө-тараа түстүлэр. Тэҥ гына аҥаардаһан баран сиэбиппит.
Дурда маһынан кутаа оттубутум
Ол кэмнэргэ олус тымныылар турдулар. Тыала сытыыта-күүстээҕэ сүрдээх. Сарсыныгар мин сөмөлүөтү көрө өссө киириэхпин баҕардым. Санаабар бу сөмөлүөт таайым аахха тиийиэхтээх дии саныырым. Арҕаа ойуурга ыстаннаран тиийдим. Сөмөлүөт үрдүгэр мотуор оҥоро сылдьыбыт киһим ол тухары олорор этэ. Миигин көрөн баран ытыһын үрэ-үрэ соттунна уонна сири ыйа-ыйа иттэ олорор киһини үтүгүннэ. Кутаата отун диэбитин эмиэ тута өйдөөтүм. Мин оттук мас көрдөөммүн тулабын көрүтэлээтим. Чугас эҥэр умайыах айыылаах туох да суох буолан биэрдэ. Арай хаарга туох эрэ бөлтөҕөйүн көрдүм. Саас иннэ дурда турбутун санаан кэллим. Ойон тиийбитим кырдьык дурда турар эбит. Хаарын тарыйбытым, анныгар мас бөҕө сытарын хомуйан ыллым уонна сөмөлүөттэн арыый тэйиччи кутаа отуннум. Механик сөмөлүөт кынатыттан ойон түстэ, кутаа уотугар илиитин ириэрэ уунна. Сэмээр дьон мустан киирэн барда. Тырахтарыыстар сөмөлүөт оҥоһуутун көрө кэллилэр быһыылааҕа.
Этэрбэстэниэҕим хаалбыт
Мин атаҕым тоҥон киирэн барда. Этэрбэһим иннитэ көтүллэн хаалбыт, уунньата тахса сылдьара. Хайаҕаһынан хаар киирэн атахпын үлүтүөхчэ буолла. Атахпын кутааҕа чугаһатан ириэрээри этэрбэспин уокка сиэтэ сыыстым. Механик ону көрдө уонна ханна эрэ баран хаалла. Киниэхэ анаан тоҥо-тоҥо мас таһан уот оттубуппун кэннэ баран хаалла диэммин хомойо санаатым. Сотору соҕус буолан баран механигым сөмөлүөт улаҕа өттүттэн көһүннэ. Илиитигэр тугу эр тутан баран мин диэки хааман иһэр эбит. Чугаһаабытыгар икки саппыкыны тута сылдьарын өйдөөн көрдүм. Онтукайым лүөччүктэр этэрбэстэрэ эбит. Таһа ыт тириитэ, иһигэр халыҥ түүлээх. Миэхэ этэрбэһи ууммутугар олус улахан эбит диэн бэлиэтии көрбүппүн өйдүүбүн. Ол ууммутугар, аны мин ылбаппын диэн төптөрү астым. Механик дьиктиргии көрөн баран санныбар этэрбэһи ыйаан кэбистэ. Санныбар ыйаабытыгар сыта кэллэ. Сабыс саҥа этэрбэһи мин ымсыыра көрөөхтөөтүм да, интэринээккэ маннык этэрбэстээх тиийдэхпинэ уорууга балыйыахтара диэн эмиэ ылбаппын диэтим уонна төттөрү ууннум. Киһим өрө тыынна, кэтэн турар этэрбэспин ыйда, тоҥмут курдук тутунна уонна эмиэ уунна. Мин төптөрү анньан баран оскуолам диэки сүүрэ турдум. Механик кэннибиттэн туох эрэ диэн хаһыытыы хаалла. Сөмөлүөт көрө кэлбит дьон эмиэ туох эрэ диэн хаһыытастылар. Интэринээппэр кэлэн уолаттарбар кэпсээбиппэр кырбыы сыыспыттара. Улахан уолаттартан мөҕүллүү бөҕөтүн мөҕүлүннүм. “Ылбытын буоллар ити этэрбэһи аска атастаһан аһыа этибит, баран төттөрү көрдөөн ыл”- диэбиттэрэ. Мин бэйэбин буруйдаах курдук сананным, эрээри төттөрү барбатым. Ити ырааҕы-уһуну өйдөөбөппүттэн ылбатаҕым буолуо. Дьиҥэ, тымныы кыһыны туоруурбар үчүгэй, халыҥ этэрбэстэниэхтээх этим. Кэмэ да оннук этэ, оҕо да буоламмын толкуйдаабатаҕым буолуо. Нэдиэлэ буолан баран Америка лүөччүктэрэ сөмөлүөттэрин мотуорун оҥостон фроҥҥа айаннаабыттара.
«Аҕа дойдутун сэриитин саҕана Америка уонна Сэбиэскэй Сойуус доҕордуу сыһыаннаах буоланнар бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэллэрэ. Сойуус үрдүнэн аччыктааһын турар кэмигэр, Америка бородууктанан, фроҥҥа сылдьар саллааттарга таҥаһынан көмөлөспүтэ баһаам. “Аляска-Сибиир” сөмөлүөтэ мин дойдубар мотуора алдьанан түспүтүн илэ хараҕынан көрбүттэртэн билигин соҕотох киһибин», — диэн сэһэргэһээччим Иван Мохначевскай кэпсээнин түмүктээтэ.
Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru