«АЛРОСА» уонна Саха сирэ: бииргэ үлэлэһиигэ саҥа таһым

Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев уонна “АЛРОСА” хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Сергей Иванов 2021-2023 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын туһунан дуогабарга илии баттаатылар.

Бу дуогабар үөрэҕириигэ, доруобуйа харыстабылыгар, дьарыктаах буолууга, айылҕа харыстабылыгар, култуураҕа, наукаҕа, спорду сайыннарыыга туһуламмыт социальнай бырайыактары, бырагыраамалары үлэлэтэргэ олук уурар.

Ол чэрчитинэн, 2021 сылга “АЛРОСА” 700 мөлүйүөн солкуобайы, онтон 2025 сылга диэри сыллата 800-түү мөлүйүөн солкуобайы ыытыаҕа. Бүлүү бөлөх улуустарын уунан хааччыйыы систиэмэтин сайыннарыы судаарыстыбаннай бырагырааматын үбүлээһинэ 2024 сылга диэри 833 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэһиэ диэн Сергей Иванов иитиннэрдэ. 2019 сылтан хампаанньа бу бырагыраамаҕа 450 мөлүйүөн солкуобайы номнуо ыыппыт.

Ону тэҥэ, бырамыысыланнас үлэтэ тулалыыр эйгэҕэ куттала суох буоларыгар, экологияҕа, бу сиргэ олорор дьон интэриэстэрин көмүскээһиҥҥэ кэккэ тэрээһиннэр ыытыллыахтара.

Аҕыс алмаастаах улуустары кытары бииргэ үлэлэһэргэ сөбүлэһиигэ эмиэ илии баттастылар. Биэс сыл иһигэр хампаанньа Анаабыр, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Ленскэй, Мииринэй, Ньурба, Өлөөн, Сунтаар улуустарыгар 46-лыы мөлүйүөн солкуобайы (барыта 370 мөлүйүөн солкуобайы) көмө быһыытынан ыытыаҕа.

Саха сирин уонна 8 алмаастаах улуустар социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларын туһунан дуогабарга илии баттаһыы — өрөспүүбүлүкэ уонна “АЛРОСА” хампаанньа бииргэ үлэлэһиилэрин саҥа таһыма. “АЛРОСА” өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар киллэрэр өҥөтө улахан. Бииргэ үлэлэһиибит ситиһиигэ сирдиэҕэ диэн эрэллээхпин, — диэн Айсен Николаев эттэ.

Бу иннинэ маннык дуогабар 2011 сыллаахха 10 сыл болдьохтоох баттаммыта. Бу сыллар усталарыгар социальнай бырайыактарга хампаанньа 7,2 миллиард солкуобайы ыыппыта. Онон “АЛРОСА” көмөтүнэн 19 улууска 39 эбийиэк (3 олорор дьиэ, 10 спортивнай саала, 7 култуура-спортивнай комплекс, 5 мэдиссиинэ эбийиэктэрэ, 4 оҕо реабилитационнай киинэ, о.д.а.) тутуллубута.

Оттон 8 улууһу кытары сөбүлэһиилэр эмиэ 2011 сылтан үлэлииллэр. Бу ааспыт 10 сылга бу улуустар 870 мөлүйүөн солкуобайы ылбыттара.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0