«АЛРОСА» сыл ахсын Ньурба улууһугар 324, 8 мөл. солк. төлүөҕэ

Бөлөххө киир:

Быйыл «АЛРОСА-Ньурба» аахсыйатын атыылаабыттарын кэнниттэн бырамыысыланнас содулуттан Бүлүү эбэ киртийбитэ бу диэки олорор дьоҥҥо икки бүк улахан охсуу буолбута. Бу балаһыанньаны көннөрөөрү өрөспүүбүлүкэ салалтата алмаастаах хампаанньаны кытта уһун-киэҥ кэпсэтии ыытан кэллэ. Ол түмүгэ ахсынньы 17 күнүгэр көһүннэ. Аан дойдуга алмааһы хостуур бөдөҥ хампаанньа сыллааҕы үлэтин түмүктэрин уонна 2019 сылга инники былааннарын көрүү кэмигэр Ньурба улууһун уонна «АЛРОСА» хампаанньа икки ардыгар сөбүлэһии түһэристилэр.

edersaas.ru

«АЛРОСА-Ньурба» урут улуус социальнай-экономическай сайдыытыгар куруук көмөлөһөр этэ. Өрөспүүбүлүкэ бас билэр аахсыйатын атыылаһан ылбыппытын да кэннэ ити үтүө үгэс салҕанан бара туруо. Хампаанньа Ньурба улууһун бүддьүөтүгэр киллэрэр социальнай төлөбүрдэрэ бары оннунан хаалыахтара.

Итиэннэ быйыл алмааһы хостуурга сыһыана суох активтартан босхолоннубут, билигин аан дойду ырыынагар төһө даҕаны синтетическэй алмаас киирбитин иһин кэлэр сылга быйылгы көрдөрүүттэн итэҕэһэ суох үлэлииргэ эрэллээхпит», — диэтэ «АЛРОСА» бэрисидьиэнэ Сергей Иванов.

Ил Дархан Айсен Николаев: «Быйыл бүддьүөккэ ыарахан балаһыанньа үөскээбитигэр Сергей Иванов уонна РФ Бырабыыталыстыбатын премьер-миниистирин бастакы солбуйааччыта Антон Силуанов өйөбүлүнэн дивиден төлөбүрүн уларытан, бүддьүөппүтүгэр эбии 10 миллиард солк. киирдэ. 2 миллиард 700 мөлүйүөн солк. алмаастаах улуустар бүддьүөттэригэр түстэ. Онон сылы этэҥҥэ түмүктээн эрэбит.

Бүлүү өрүс киртийбитин кэнниттэн дьыаланы суукка тиэрдибэккэ уопсай тыл буллубут. Ол курдук хампаанньа сыл ахсын «Кэнэҕэс көлүөнэ пуондатыгар» 150 мөлүйүөн солкуобайы угуоҕа. Ити харчы Бүлүү бөлөх улуустарын уонна Мииринэй оройуонун Сүлдьүкээр нэһилиэгин ыраас ууннан хааччыйарга туттуллуоҕа. Сир анныттан ууну хостуур скважина оҥоһуллан, ууну ыраастыыр ыстаансыйа үлэлиэҕэ, саҥардыллан иһиэҕэ. Бу бырагыраама 2019 сыл саҥатыгар оҥоһуллан, иккис кыбаарталга үбүлэниэҕэ. Ону таһынан, Ньурба улууһугар киирэр үп оннунан хааларын ситистибит», — диэн быһаарда.

«Бу иннинэ Ньурба улууһа «АЛРОСА» хампаанньаны кытта үс сылга 324 мөлүйүөн 800 тыһ. солк. суумалаах сөбүлэһиилээх этэ. Ол болдьоҕо бүппүтүн, «АЛРОСА-Ньурба» аахсыйатын атыылаабыттарын кэнниттэн туруорсан, оройуон социальнай-экономическай сайдыытыгар икки өрүттээх сөбүлэһии түһэристибит. Билиҥҥитэ үс сыл тухары алмаастаах хампаанньа улуус бүддьүөтүгэр сыл аайы 324 мөлүйүөн 800 тыһ. солк. түһэриэхтээх. Бу сөбүлэһии болдьоҕо кэлин уһатыллан биэриэн сөп. Ити бэриллэр үпкэ туох тутуллуохтааҕын инвестиционнай былаан оҥорон, Бырабыыталыстыбаҕа уонна «АЛРОСА» салалтатыгар киллэриэхпит” – диэн билиһиннэрдэ Николай Бурнашев, Ньурба улууһун баһылыгын экономикаҕа, үпкэ-харчыга уонна инвестицияҕа солбуйааччыта.

Билигин Бүлүү өрүс уутун хаһаайыстыбаҕа эрэ тутталлар, ынаҕы-сүөһүнү күөлгэ уулаталлар. Онон алмаастаах түөлбэ социальнай-экономическай сайдыытыгар кэлэр сылларга «АЛРОСА» өртүттэн көмө баар буолуо. Дьон-сэргэ туруорсуута, общественность өрө туруута таах хаалбатаҕа хайҕаллаах.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0