«АЛРОСА»-ны приватизациялыыр туһунан кэпсэтии тахса илик

Бөлөххө киир:

2017 сыллаахха 2019 сылга диэри алмаастаах хампаанньа хапытаалыгар судаарыстыба өлүүтүн 29 бырыһыаҥҥа уонна биир ааксыйаҕа диэри кыччатарга былаан баар этэ.

Ол эрэн, ырыынакка табыгаһа суох балаһыанньа үөскээн, бу кэпсэтии уота-күөһэ умулла быһыытыйбыта. СӨ бырабыыталыстыбата «АЛРОСА» хапытаалыгар судаарыстыба хонтуруоллуур өлүүтүн тутан олорорун хаалларарга туруорсар.

Судаарыстыба, ол эбэтэр «Росимущество» «АЛРОСА» аахсыйатын 33,02 бырыһыанын бас билэр, ону таһынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 25 бырыһыан аахсыйалаах, өссө 8% алмаастаах түөлбэ улуустарыгар баар. Көҥүл эргииргэ баар аахсыйа 34% биир­диилээн кыахтаах дьон үллэстэллэр.

«АЛРОСА» генеральнай дириэктэрэ Сергей Иванов бу тыҥааһыннаах тыын боппуруос туһунан «Россия-24» телеканаалга: «Арассыыйа уонна Саха сирэ улахан үбү-харчыны киллэрэр кэскиллээх тэрилтэҕэ өлүүлэрин кэлэр сылларга кыччатар интэриэстэрэ суох эрээри, ону акционердар быһаарыахтара. Билиҥҥитэ алмаас хостуур хампаанньаны приватизациялыыр туһунан боппуруос көрүллэ илик», —  диэн иһитиннэрдэ.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0