“АЛРОСА”-ны Иванов салайыа дуо?

Ааптар: 
20.02.2017
Бөлөххө киир:

“АЛРОСА” хампаанньа салайааччытынан РФ бэрэсидьиэнин дьаһалтатын  урукку салайааччыта Сергей Иванов уола Сергей Иванов буолуоҕун түүйэллэр.

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru


Bloomberg ааҕыныстыба Арассыыйа бырабыыталыстыбатыгар “АЛРОСА” хампаанньа салайааччытын уларытар туһунан толкуйдууллар диэн эрдэ иһитиннэрэн турар. Оттон иллэрээ күн хампаанньа бэрэсидьиэнинэн Сбербаан вице-бэрэсидьиэнэ Сергей Иванов ананыан сөп диэн сонуну тарҕатта.

Хампаанньа салайааччытынан 2015 сылтан үлэлии олорор Андрей Жарков оннугар ким ананыаҕар бүтэһиктээх быһаарыы ылынылла илик, ол эрээри ити дуоһунаска Сергей Иванов билиҥҥитэ соҕотох хандьыдаат диэн буолар.

“АЛРОСА” хампаанньаҕа уонна Сбербааҥҥа ааҕыныстыба ыйытыыларыгар хоруйдууртан туттуммуттар. Онно “АЛРОСА” бэрэстэбиитэлэ биһиги ол-бу сураҕы-садьыгы комментарийдаабаппыт диэбит.

Bloomberg ааҕыныстыба Арассыыйа  бырабыыталыстыбатыгар «АЛРОСА»  хампаанньа салайааччытын уларытар туһунан  толкуйдууллар диэн эрдэ иһитиннэрэн турар. Онно Андрей Жарков хампаанньа инники сайдыытыгар тутуһар санаата чунуобунньуктар киэннэриттэн уратылаһара сүрүн төрүөт буолбут. Ол курдук, былырыын ахсынньыга буолбут хампаанньа Дириэктэрдэрин сэбиэтигэр кини инвестицияны, хапытаалынай ороскуоту аҕыйатыыны, 2017 сылга хамнаһы сарбыйыыны утаран куоластаабыта. Ол кэнниттэн “Ведомости” хаһыат федеральнай чунуобунньуктарга сигэнэн, Жарковы кытта үс сылга түһэрсиллибит хантараак уһатыллыа суоҕун туһунан иһитиннэрбитэ.

Андрей Жарков “АЛРОСА” бэрэсидьиэнинэн 2015 сыл муус устар 23 күнүгэр анаммыта. Кинини кытта хантараак үс сылга түһэрсиллибитэ, ол эбэтэр болдьоҕо 2018 сыл муус устарыгар бүтэр. Бу иннинэ Андрей Жарков РФ Гохранын салайааччытын солбуйааччынан үлэлээбитэ.

Сергей Иванов 2016 сыллаахха Сбербаан вице-бэрэсидьиэнинэн анаммыта. Бу иннинэ «СОГАЗ» хампаанньаны салайбыта.

“АЛРОСА” алмааһы хостооһуҥҥа аан дойду биир бөдөҥ хампаанньатынан буолар. 2016 сыллаахха алмаас, бриллиант атыытыттан $4,486 млрд киллэриммитэ. Ити сыл хампаанньа предприятиелара 37,4 мөл. караты хостообуттара. Бу көрдөрүүнү 2019 сылга 41,5 мөл. каракка диэри тиэрдэр былааннаахтар.
“АЛРОСА” бөдөҥ акционердарынан Судаарыстыбаннай баайы-дуолу салайыыга федеральнай ааҕыныстыбанан сирэйдээн Арассыыйа Федерацията уонна Саха сирэ буолаллар – 33-түү бырыһыан өлүүлээхтэр. 2017 – 2019 сылларга приватизацияны ыытыыга бырабыыталыстыбанан бигэргэммит торумнааһын былаанынан, хампаанньаҕа судаарыстыба өлүүтүн 29 бырыһыаҥҥа итиэннэ онно эбии биир акцияҕа диэри кыччатыы көрүллэр.
Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0