Муус устар 12 күнүгэр иһитиннэрэр-көрдөрөр сириэстибэлэр сүрүн эрэдээктэрдэрин кытта үгэс буолбут көрсүһүүтүгэр Ил Дархан Егор Борисов “АЛРОСА-Ньурба» акцияларын тоҕо атыылыырга соруммуттарын туһунан санаатын үллэһиннэ.
Чокуур Гаврильев, “Саха сирэ”, edersaas.ru
Егор Афанасьевич этэринэн, “АЛРОСА-Ньурба» акцияларын билигин батарбатахпытына, букатын да илиибитин соттон хаалыахпытын сөп. Улахан АЛРОСА саҥа салалтата тэрилтэни биир сутурук, биир сомоҕо оҥорор санаалаах. Урут «Нижнеленскэйи» «Анаабыр Алмаастарыгар» холбообуттара. Профильнайа суох актыыптартан босхолонор АЛРОСА 38 үлэһиттээх, туох да производственнай мощнаһа суох, лицензиялаах эрэ “АЛРОСА-Ньурба» тэрилтэни аҕыйах сылынан сабан кэбиһиэн сөп. Оччоҕо букатын да мэлийэбит. Аны акциялары атыылаатахпытына, экономика уонна тэрилтэни салайыы өттүнэн (хонтуруоллуур бакыат Саха сиригэр баар) улаханнык тугу да сүтэрбэппит. Онон аны күһүн акция сыаната үрдүүрүн саҕана, бырабыыталыстыба акциялары атыылыырга бэлэмнэнэр.
Салгыы приватизация туһунан этэригэр, Ил Дархан Егор Борисов, Арктическай пароходство дьылҕатын холобурдаата. Пароходствоны приватизациялыыры дьокутааттар утарбыттар эбит. Ол эрэн, тэрилтэ моҥкурууттан син-биир эстибит. Оттон устар ааллара онно-манна иэс суотугар бэриллибиттэр. Тэрилтэ билигин суох. Егор Борисов этэринэн, оччолорго өскөтө ити тэрилтэ атыыга барбыт буоллун, пароходство билигин хааһынаҕа нолуок төлүү олорор, сүүһүнэн киһи үлэнэн хааччыллыбыт буолуохтаах этэ.
«Акция атыытыттан киирбит үбү күннээҕи түбүккэ, иэскэ-күүскэ буолбакка, уһун сыаллаах бырагыраама оҥорон, онно туһаныахпыт. Төһө да бүддьүөппүт улахан дефициттээх буоллар, харчыны онно бараабат соругу бырабыыталыстыбаҕа туруордум,” – диир Егор Афанасьевич.
Ыспыраапка:
“АЛРОСА-Ньурба” хампаанньа акционердарынан «АЛРОСА» АХ (87,48 %), Саха Өрөспүүбүлүкэтэ (10 %) уонна атын юридическэй уонна физическэй сирэйдэр (2,52 %) буолаллар. “АЛРОСА-Ньурба” (“АЛРОСА” Ньурбатааҕы хайаны байытар кэмбинээтэ) “Ньурбатааҕы” уонна “Ботуобуйатааҕы” кимберлит туруупкатын, ону сэргэ, алмаастаах бытархай боруоданы хостуур.
“АЛРОСА-Ньурба” акцияларын 10 бырыһыана атыыланыаҕа, оттон «АЛРОСА» акциятын атыылаабаппыт»
Виктор Федоров: “АЛРОСА-Ньурба”-ҕа блокируйдуур акциябыт суох