“АЛРОСА-Ньурба” 10 % акциялара муниципальнай буолбатахтар

10.03.2017
Бөлөххө киир:

“Считаю важным” диэн “Саха” НКИХ биэриитигэр Уопсастыбаннай палаата чилиэнэ Михаил Федоров “АЛРОСА-Ньурба” 10 % акцията хара маҥнайгыттан судаарыстыбаннай бас билиигэ сылдьар, ол хаһан да муниципальнай бас билиигэ барбатаҕа” диэн бэлиэтиир.

Аграфена Кузьмина, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru

Санатан эттэххэ, бу хампаанньа “АЛРОСА” “кыыһын” быһыытынан, 1997 с. тэриллибитэ. “Кырдьык, тэрилтэ Ньурба улууһугар регистрацияламмыта. Ол эрээри ити кэмҥэ муниципальнай тэриллиилэр бары судаарыстыбаннай уорган быһыытынан сылдьалларын умнумуоҕуҥ. Онтон 2000 сыллардаахха былаас уорганыгар уларыйыы баран, туспа былаас уоргана буолбуттара. Олохтоох салайыныы диэн өйдөбүл киирбитэ. Итинэн сибээстээн, судаарыстыба баайа-дуола бэйэтигэр хаалбыта. Манна биири тоһоҕолоон бэлиэтиим: бастакы  бэрэсидьиэммит Михаил Николаев этиитинэн, алмаас хостооһуна айылҕаҕа буортуну аҕалар диэн “АЛРОСА” биирдии бырыһыан акцияларын алмаас хостонор улуустарыгар докумуонунан бигэргэтиллэн бэриллибитэ. Оттон “АЛРОСА-Ньурба” акцияларыгар оннук суоҕа. 10 % акция судаарыстыба өлүүтэ эрэ диэн баар”, — диэн этэр Михаил Федоров.
Манна даҕатан эттэххэ, билигин хампаанньа акционердарынан «АЛРОСА» АХ (87,48 %), Саха Өрөспүүбүлүкэтэ (10 %) уонна атын юридическэй уонна физическэй сирэйдэр (2,52 %) буолаллар. Ньурба улууһа хампаанньаны кытары дуогабар түһэрсэн, сылын аайы 260-290 мөл. солк. бүддьүөтүгэр эбии үбүлэнэр. Өссө бу кэлиҥҥи уларыйыынан, 324,8 мөл. солк. кырата суох сууманы хампаанньа улуус сайдыытыгар ыытыахтаах.

Аграфена КУЗЬМИНА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0