БЫЙЫЛ АЛРОСА ҮС КУЛТУУРА ЭБИЙИЭГИН ТУТАН КИЛЛЭРЭР

Ааптар: 
20.02.2022
Бөлөххө киир:

«Биһиги үгүс өрүттээх култуурабыт салгыы сайдарыгар улахан көҕүлээччинэн өрөспүүбүлүкэ 100 сааһын бэлиэтээһин буолуоҕа. Биһиги үбүлүөйү көрсө куораттарга уонна оройуоннарга хаһан да тутуллубатах култуура эбийиэктэрин дьэндэттибит. 2022 сылга Ньурба тыйаатырын уонна Намҥа Култуура дыбарыаһын аныгы дьиэлэрэ аһыллыахтара», – диэн өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Анал этиитигэр эппитэ.

2022 үбүлүөйдээх сылга АЛРОСА өрөспүүбүлүкэҕэ үтүө бэлэҕинэн култуура үс эбийиэгэ буолуоҕа. Бүгүн Уус Алдан улууһун Бороҕон сэлиэнньэтигэр В.В.Никифоров-Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» Култуура киинэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыллынна. Үөһээ Халыма улууһун Зырянка бөһүөлэгэр култуура-успуорт комплекса тутулунна, онтон Нам улууһун Нам сэлиэнньэтигэр Култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһын тупсарыы үлэлэрэ бара тураллар. Бу эбийиэктэр тутууларын СӨ Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата АЛРОСА үбүнэн үбүлүүр.

БОРОҔОҤҤО

Бороҕон сэлиэнньэтигэр Василий Никифоров-Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» култуура киинэ – 3 880 кв. миэтэрэ уопсай иэннээх, үс мэндиэмэннээх таас дьиэ. САССР 100 сылыгар уонна Саха сирин норуоттарын успуордун оонньууларыгар анаммыт Киин соторутааҕыта тутуллан бүттэ. Саҥа Кииҥҥэ бибилэтиэкэ, оҕо, улахан дьон электроннай, ааҕар саалалара, кинигэ харайар сир, 320 миэстэлээх актовай саала уонна буфет бааллар. «Тойон Мүрү» улуус уопсастыбаннай тэрилтэлэрэ тирэҕирэр кииннэринэн буолуоҕа, манна 30-тан тахса куруһуок уонна айар холбоһуктар үлэлиэхтэрэ. «Тойон Мүрү» Култуура киинин үлэтэ барыта норуот үгэс буолбут култууратын сайыннарарга, култуурунай
сынньалаҥы тэрийэргэ, сэлиэнньэ уонна улуус айар кыаҕын олоххо киллэрэргэ сөптөөх усулуобуйаны тэрийэргэ хайысхаланар.

«Биһиги улууспутугар 100-тэн тахса олоҥхоһут олорбута. «Мүлдьү Бөҕө» олоҥхо ааптара Д.М.Говоров, «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхо ааптара Бурнашев-Боодьоҕос уонна үс көлүөнэ бухатыырдарын дьоруойдуу быһыыларын туойар «Алаатыыр Ала Туйгун» дьиктилээхэй олоҥхо ааптара Р.П.Алексеев айар үлэлэрэ улууска норуот айар дьоҕурун көҕүлүөхтэрэ. С.Г.Васильев аатынан Найахытааҕы үҥкүү-хор норуодунай кэлэктиибэ, өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы оҕо академическай хорун кэлэктиибэ, РФ үтүөлээх бастыҥ кэлэктиибэ, «Кэнчээри» норуот ан­саамбыла өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, Арассыыйа таһыгар эмиэ аатыраллар», – диэн билиһиннэрдэ Уус Алдан улууһун баһылыга Алексей Федотов. – Билигин улууспут култуурунай уонна ду­хуобунай олоҕун салгыы сайыннарарга саҥа кыахтар баар буоллулар. В.В.Никифоров Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» Култуура киинэ кэрэ көстүүтүнэн номнуо үөрдэр уонна сотору кэминэн бэйэтин аанын үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйыаҕа».

Алексей Федотов этэринэн, «Тойон Мүрү» Култуура киинэ Уус Алдан улууһун нэһилиэнньэтин олоҕун хаачыстыбата тупсарыгар уонна култуурунай олоҕо сайдарыгар дьоһун суолталаах оруолу ылыаҕа.

«Култуура киинэ аныгы технологическай тэриллэринэн толору сэбилэннэ уонна туһааннаах исписэлиистэринэн хааччылынна. Маннык наадалаах уонна киэҥ хабааннаах эбийиэги туппуттарыгар АЛРОСА-ҕа уонна Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатыгар улахан махталбытын биллэрэбит», – диэн улуус баһылыга иһитиннэрдэ.

НАМҤА

Нам сэлиэнньэтигэр Култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһын үс мэндиэмэннээх дьиэтэ 5 692 кв. м уопсай иэннээх. Манна 400 миэстэлээх көрөөччүлэр саалалара, кыраайы үөрэтэр мусуой, ЗАГС отдела, хартыына галереята уонна бибилэтиэкэ баар буолуохтара.

Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов бэлиэтээбитинэн, АЛРОСА үбүнэн кыттыытынан тутуллар Култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһа Нам улууһун олохтоохторун өр күүппүт ыра санааларын олоххо киллэриинэн буолар.

«Култуура саҥа дыбарыаһа национальнай култуура улахан комплексын киининэн буолуоҕа. Дыбарыас таһыгар саха уһулуччулаах бэйиэтэ Илья Винокуров-Чаҕылҕан мусуойа (саха омук архитектурата стиллээх), Максим Аммосов аатынан болуоссат баар буолуохтара.
Санатан эттэххэ, эбийиэк бастакы сыбаайата 2020 сыл муус устар 27 күнүгэр, Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр ууруллубута. Бырайыак М.К.Аммосов төрөөбүтэ 125 сылын бырааһынньыктааһын чэрчитинэн социальнай эбийиэктэри тутуу уонна дьаһаллары ыытыы былааныгар сөп түбэһиннэрэн, Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев сорудаҕынан олоххо киллэриллэр. СӨ Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата АЛРОСА үбүн суотугар уопсайа 450 мөлүйүөн солкуобайы көрбүтэ.

ЗЫРЯНКАҔА

Зырянка бөһүөлэгэр 2 475, 03 кв.миэтэрэ уопсай иэннээх, 2 мэндиэмэннээх култуура-успуорт комплексын дьиэтин тутуу түмүктэннэ. Үөһээ Халыма улууһун олохтоохторун көҕүлээһиннэринэн, Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба өйөбүллэринэн, Зырянка бөһүөлэгэр саҥа култуура-успуорт эбийиэгин тутуу СӨ Үүнэр көлүөнэ пуондатын 2016-2020 сылларга «Кэскилбит туһугар» тус сыаллаах бырагыраамаҕа киллэриллибитэ (АЛРОСА үбүн суотугар
уопсайа 268,5 мөлүйүөн солкуобай үбүлэнэн).

Комплекс успуорт, кулууп уонна киирэр-тахсар үс блоктан турар. Успуорт блогар успуорт саалата, 218 миэстэлээх
түрүбүүнэ, снаряднай, душтаах уонна санузеллаах эр дьон уонна дьахталлар таҥастарын уларыттар хосторо бааллар. Кулууп блогар 212 миэстэлээх көрөөччүлэр саалалара уонна эстрада үлэлиэхтэрэ.

Кинилэри холбуур блокка комплекс дьаһалтатын, мэдиссиинэ кэбиниэттэрэ, артистическай уонна сүрүн вестибюль баар
буолаллар. Саҥа комплекс Үөһээ Халыма улууһун ду­хуобунай-култуурунай олоҕун улахан киининэн, кэпсэтэр-алтыһар аныгы сиринэн, чуолаан оҕолорго уонна ыччаттарга чөл уонна көхтөөх олоҕу тарҕатааччынан буолуоҕа.

***

Манна даҕатан эттэххэ, АЛРОСА-ҕа Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын кытары бииргэ үлэлээһинэ – хампаанньа аһымал үлэлэриттэн биир киэҥ хабааннаах хайысхата. АЛРОСА 2011 сылтан пуонда нөҥүө өрөспүүбүлүкэҕэ социальнай соруктары быһаарарга 7 миллиартан тахса үбү биэрдэ. Бу кэм устата хампаанньа үөрэхтээһин, успуорт, култуура уонна доруобуйа ха­рыстабылын эйгэлэригэр 39 эбийиэк уонна 3 олорор дьиэ тутуутун үбүлээтэ.

«Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһа дьэндэйдэ

АЛРОСА ПРЕСС-СУЛУУСПАТА.
ОЛЬГА ШЕПЕЛЕВА, ЕЛЕНА ЛИНЬКОВА, СЕМЕН АРГУНОВ ХААРТЫСКАЛАРА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0