АЛРОСА корпоративнай университета

Ааптар: 
08.09.2022
Бөлөххө киир:

Хаачыстыбалаах үөрэҕи уонна наадалаах дьоҕурдары АЛРОСА Корпоративнай университетыгар ылыахха сөп. Корпоративнай университеты хампаанньа 2022 сыл саҥатыгар Каадырдары бэлэмниир киин базатыгар тэрийбитэ. Университет сүрүн соруга -– хампаанньа үлэһиттэрин кыаҕын сайыннарыы. Соторутааҕыттан ыла университет үөрэтэр бырагыраамаларын истээччилэринэн АЛРОСА-ны кытары сибээһэ суох туора дьон да буолуон сөп.

Университекка оробуочай идэлэргэ үөрэтэллэрин сэргэ, оскуолаларга идэни таларга үлэлэр ыытыллаллар уонна биисинэс стратегическай сайдыытыгар хайысхаламмыт бырагыраамалары оҥороллор. Үөрэтии географията киэҥ — Мииринэй, Айхал, Удачнай, Ленскэй, Дьокуускай, Новосибирскай, Москва, Смоленскай уонна Архангельскай.

Олохтоох каадырдары — бырамыысылыннаска

АЛРОСА Корпоративнай университета «Олохтоох каадырдары -– бырамыысыланнаска» бырагырааманы олоххо киллэрэргэ дьоһуннаах оруоллаах. Бу үлэ АЛРОСА уонна «Анаабыр алмаастара» АУо икки ардыларыгар нэһилиэнньэ дьарыктаах буоларыгар СӨ Судаарыстыбаннай кэмитиэтин кытары хардарыта бииргэ үлэлиир туһунан 2018 сыллааҕы сөбүлэһиитин чэрчитинэн ыытыллар.

АЛРОСА ыччаты уонна тыа сирин олохтоохторун үөрэ-көтө үлэҕэ ылар, кинилэр үлэҕэ дьоҕурдарын сайыннаралларыгар кыаҕы биэрэр. Ыччаттар араас идэҕэ, оробуочайынан, инженер-тиэхиньигинэн үлэлииллэр. Урут идэ ылбатахтар АЛРОСА Корпоративнай университетыгар үөрэнэллэр. Саҥа кэлбиттэргэ үлэһиттэри үөрэтээччи (наставничество) бырагыраамата уонна ис тренердэр институттара үлэлиир.

Университет үлэтэ хампаанньа үлэһиттэрэ араас үөрэтэр корпоративнай бырагыраамаларга кыттан, куруук сайдар кыахтаналларын курдук ыытыллар. Кинилэртэн саамай улаханнара: «АЛРОСА кыаҕа» — инновационнай уонна рационализаторскай үлэҕэ көҕүлүүргэ, хампаанньаҕа инженердэри уонна наукаҕа ыччат каадырдарын саппааһын оҥорорго анаммыт бырагыраама. «АЛРОСА лиидэрдэрэ» — хампаанньа салайар састаабын корпоративнай бырагыраамата, корпоративнай компетенциялары уонна салайар дьоҕуру сайыннарарга көмөлөһөр. «Аргыс» («спутник») -– дойду ыраах сытар бары муннугуттан саҥа үлэһиттэр, ол иһигэр Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктара, АЛРОСА бырамыысыланнай былаһааккаларыгар сөп түбэһэр бырагыраамалара.

Идэни таларга үлэ

Корпоративнай университет идэни талыы үлэтигэр биир кэлим бырагырааманы утумнаахтык олоххо киллэрэр. Ол соруктар ортолоругар оскуола үөрэнээччилэригэр уонна орто, үрдүк үөрэх кыһаларын устудьуоннарыгар АЛРОСА-ны эппиэтинэстээх үлэни биэрээччи быһыытынан билиһиннэрии, ыччат корпоративнай бэлиитикэтин олоххо киллэрии, хампаанньа талааннаах ыччатын холбоһуктарын тэрийии киирсэллэр.

Билигин АЛРОСА корпоративнай кылаастара Мииринэйгэ Политехническай лиссиэй базатыгар 10 уонна 11 кылаастарга бааллар. Быйыл бырайыак географията онлайн-үөрэхтээһин суотугар биллэ кэҥээбит. Сотору 10‑с «АЛРОСА-кылааска» сайаапкалары түһэрии хампаанньата саҕаланыаҕа, манна өрөспүүбүлүкэ баҕалаах үөрэнээччилэрэ бары үөрэниэхтэрин сөп.

Үөрэтээччилэр таһымнарын үрдэтэргэ «FluentRussia» үөрэх хампаанньатын кытары сөбүлэһии түһэрсилиннэ. Ол түмүгүнэн «АЛРОСА-кылаастарга» Челябинскй куорат физико-тиэхиньиичэскэй лиссиэйин педагогтара, БКЭ сорудахтарын ааптардара уонна эспиэрдэрэ үөрэтэллэр. Ону таһынан корпоративнай кылаастар оҕолоро английскай тиэхиньиичэскэй тылы үөрэтэллэр, бырагыраамаҕа идэни сатаан талыыга блок уонна «Топ-кылаас» бырайыагынан хампаанньа салайааччыларын кытары көрсүһүү киирэллэр.

Мииринэй улууһун 8–10 кылаастарын бары үөрэнээччилэригэр «Мой выбор» идэни талыы оонньуута сыл аайы ыытыллар буолла. Корпоративнай кылаастар ону таһынан CASE-IN аан дойдутааҕы инженернэй чемпионат оскуолатааҕы лигатыгар кытталлар. 2019 сылтан АЛРОСА Чемпионат устудьуоннарын лигатыгар «Хайа дьыалата» уонна «Геологоразведка» хайысхаларыгар старетигескай бииргэ үлэлэһээччинэн буолар. Онтон 2022 сылга «Хайа массыыналара уонна тэриллэр» диэн саҥа хайысха баар буолла.

Үлэ атын хайысхалара

Корпоративнай университет саҥа бииргэ үлэлэһээччилэргэ уонна үөрэх технологияларыгар аһаҕас. Үлэ атын хайысхаларыгар булгуччулаах уонна идэлээх үөрэх, ис тренердэри бэлэмнээһин уонна сайыннарыы, идэлээх уопсастыбалары сайыннарыы, ыччаты кытары үлэ, араас сайыннарар уонна үөрэх хайысхаларыгар хамаанданан уонна стратегическай сессиялары ыытыы, үлэһиттэри сайыннарарга бырагыраамалары оҥоруу уонна олоххо киллэрии уо. д.а. киирэллэр.

Корпоративнай университет бартыбыалыгар производственнай үөрэх 273 бырагыраамата, 60 онлайн-куурус, 49 тренинг бааллар. Университет исписэлиистэрэ вебинардары, трениннэри ыыталлар, сорох истээччилэр бэйэлэрэ асихороннай онлайн-куурустары бараллар, кэккэ түгэннэргэ үөрэх гибриднай көрүҥэ туттуллар.

АЛРОСА 8 тыһыынчаттан тахса үлэһитэ бырамыысыланнаска куттал суох буолуутун уонна үлэ харыстабылын бырагыраамаларыгар үөрэнэр. 9 тыһыынчаттан тахса киһи сыл аайы идэни үрдэтиигэ, идэҕэ бэлэмнэниигэ үөрэнэр.

«Үлэһиттэри үөрэтии уонна сайыннарыы – биһиги хампаанньабыт корпоративнай стратегиятын дьоһуннаах өрүтэ. АЛРОСА-ҕа, арааһа, биһиги университеппыт үөрэтэр бырагыраамаларыгар кыттыбатах киһи суоҕа буолуо», —– диэн АЛРОСА Корпоративнай университетын салайааччы Алла Попова кэпсиир уонна баар бырагыраамалары кытта тэҥҥэ саҥа трениннэр оҥоһуллалларын уонна бөлөҕүнэн хардарыта бииргэ үлэлээһин саҥа көрүҥнэрэ тиэстэнэллэрин туһунан эбэн эттэ.

Корпоративнай университет биир сүрүн уонна суолталаах соруктарынан оробуочай идэҕэ бэлэмнииргэ быраактыка-ориентация өттүн сайыннарыы буолар. Уопсай тиэхиньиичэскэй куурустары уонна сокуону кытары сибээстээх бырагыраамалар теоретическай өттүлэрэ онлайн-көрүҥҥэ көһөллөр. Бу үөрэнээччилэр бэйэлэригэр табыгастаах кэмҥэ дьарыктаналларыгар кыаҕы биэрэр. Теория бүппүтүн кэннэ хаалбыт бириэмэни оҥорон таһаарыы уратыларын учуоттаан, дьоҕуру иҥэринэргэ аныахтарын сөп. Бу быраактыка тэриллэри кытары үлэлиир кыаҕы эрэ буолбакка, хомолтолоох түбэлтэлэр тахсар кутталларын аҕыйатар.

АЛРОСА пресс-сулууспатын суруйуутуттан тылбаас.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0