«АЛРОСА» экологияҕа болҕомтотун уурар

04.04.2019
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Дьокуускай куоракка «АЛРОСА» хампаанньа Экологическай киинин салайааччыта, хоту аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттары кытта уонна экология эйгэтигэр үлэлэһэргэ сүрүн инженер солбуйааччыта Полина Анисимова кэлэ сырытта. Бүлүү сүнньүн эрэ буолбакка, бүтүн Саха сирин олохтоохторун долгутар ыйытыыларга кини бу курдук хоруйдаата.

edersaas.ru 

— Полина Сергеевна, ал­­маас хостуур бырамыысыланнас сүһүрдүбүт өрүстэрин чөлүгэр түһэрэргэ быйыл туох үлэ барыан сөбүй?

— «АЛРОСА» хампаанньа үгүс эби­йиэктэрэ, хайаны байытар фабрикалар, кирдээх уу мустар сирэ Саха сирин өрүстэрин кытта ситимнэрэ суох, онтон тэйиччи сыталлар. Өрүс таһыгар Иирэлээх уонна Анаабыр алмаастаах бытархай боруодалаах сирдэрэ бааллар.

Былырыын атырдьах ыйыгар тахсыбыт быһылаан ким да күүппэтэх өттүттэн ыксаллаах быһыыга-майгыга кубулуйбута. Уһун кэмнээх ардах түһэн, быһыт тоҕо баран, Иирэлээх айылҕа баайдаах сир ууга барбыта. Итинник улахан уу кэлэрин ким да көһүппэтэҕэ. Хампаанньаттан тутулуга суох балаһыанньа тыҥаабытын айылҕа алдьархайа диэн быһаараллар.

«АЛРОСА», дьиҥэ, туох да буруйа суох эрээри,  иэдээн содулун кыччатарга көмө быһыытынан, быйылгыттан «Үүнэр көлүөнэ ­пуондатын» экологи­ческай бырайыактарыгар сыл ахсын 150 мөлүйүөн солкуобайы угуоҕа. Хампаанньа тус экологическай бырагырааматыгар 5 сыл тухары 30 миллиард солкуобайы көрүөҕэ.

Ону таһынан, алмаас хостуур сирбит бырайыагын уларытан, ­драгалар тас өттүлэринэн өрүс сүнньүн кэҥэтэн, улахан ууну аһардар кыаҕын улаатыннарар санаалаахпыт.

Алмаас хостонор сирдэрин аттыгар баар өрүстэри, үрэхтэри, күөллэри барыларын кэтээн көрөбүт. Ыраастаммыт уу түһэр сирин, сүүрүк үөһээ уонна аллараа өттүн, чугастааҕы сири өрүү кэтиибит, быйылгыттан санитарнай сир кыраныыссатын эмиэ чинчийэбит.

Иирэлээх өрүс Мииринэй куорат аттынан ааһар, манна үгүс дьон кэлэн аһыыллар, сынньаналлар уонна бөхтөрүн хомуйбаттар, ол иһин 2019 сылга «Айылҕаны харыстаа» диэн экологическай тэрээһин ыытыахпыт.

— Өрүстэри чинчийэргэ дьон итэҕэйиэн сөптөөх тутулуга суох лабораторияны кытта үлэлэһэҕит дуо?

— СӨ Ситэриилээх бы­­лааһын кытта булгуччулаах усулуобуйа быһыытынан, ууну тиэхиньии­чэскэй сыалга туттуохпут иннинэ уонна кирдээх ууну ыраастаан баран тоҕорго биһиги састаабын куруук чинчийэбит. Хампаанньа хас биирдии хайаны байытар кэмбинээт аайы түөрт бырамыысыланнай санитарнай лабораториялаах. «Якутнипроалмаз» иһинэн тулалыыр эйгэ туругун кэтээн көрөр лаборатория баар. Кинилэр бары тустаах аккредитациялаахтар, аныгы оборудованиеҕа үлэлииллэр.

2017 сылтан СӨ Экологиятын министиэристибэлиин кыттыгас бырагыраама оҥорон, биир кэлим чинчийии ыытабыт. Уу туругун биэдэмистибэ эмиэ хонту­руоллуур, онон икки өттүттэн кыттыһан, кэтээн көрөбүт. Сыл аҥаарын иһигэр «АЛРОСА» эбийиэктэрин ситэриилээх былаас уорганнарын, уопсастыбаннай түмсүү, Но­­руот фронун бэрэстэбиитэллэрэ, дьокутааттар, суруналыыстар, блогердар о.д.а. кэлэн көрдүлэр-иһиттилэр. Уопсастыбанньыктар бэйэлэрин лабораннарын илдьэ кэлэн, чинчийбиттэрэ. Ол эрэн, аккредидитацияламмыт лаборатория тарбахха баттанар: СӨ Экологиятын министиэристибэтин РИАЦЭМ, «Росприроднадзор» уонна «Роспотребнадзор» гигиенаҕа уонна эпидиемиологияҕа киинин лабораторията түмүк оҥорор кыахтаахтар.

Бүлүүгэ, Мархаҕа балыгы ууһатыы

— Хампаанньа хамсыыр харамай ахсаана аҕыйаабатын туһугар элбэх үлэни ыытар. Холобур, кыыл таба үөрүн харыстыырга, оттон быйылгыттан балыгы ууһатарга улахан болҕомто ууруллуохтаах, ол туһунан кэпсиэххит дуо?

— Өскөтүн үтүө дьыаланы оҥоро сатаан, өрүскэ, эбэтэр күөлгэ тиийэн, балык ыыттахпытына, эппиэтинэскэ тардыахтарын сөп. Ол эбэтэр айылҕа оҕотун хас биирдии көрүҥэ сокуон быһыытынан хас ахсааннаах, төһө кээмэйдээх буолуохтааҕа чуолкайданан турар. 2019 сыл туругунан Бүлүү, Светлэй водохранилищетыгар уонна Өлүөнэ, Дьааҥы өрүстэргэ балыгы ыытар көҥүллэммитэ. Бүлүү, Марха өрүскэ балыгы ыытыы бобуллубута эрээри, көмүс хатырык­таах ыамын ыытарга көҥүллүүллэригэр Росрыболовство федеральнай ааҕыныстыбатын Өлүөнэтээҕи салаатыгар сурук суруйбуппут даҕаны, сокуон барыларыгар биир. Дьиҥэр, көҥүллэммит эбийиэктэр ахсааннарын инникитин кэҥэтиэххэ сөп. Ол туһугар тустаах лаборатория научнай-чинчийэр үлэ оҥоруон наада, Саха сиригэр итинэн Бүтүн дойдутааҕы чинчийэр-үөрэтэр институт өрөспүүбүлүкэтээҕи салаата дьарыктанар. Бу үлэ түмүгүнэн 2020-2022 сылларга Бүлүүгэ, Мархаҕа күндү балыгы ыытыыны былааҥҥа киллэрэр санаалаахпыт.

Хампаанньа 2019 сылга Бүлүү ууну мунньар сиригэр быраҥаатта 1,205 мөлүйүөн  ыамын, Өлүөнэҕэ күндүөбэй 0,357 мөлүйүөн ыамын ыытар былааннаах. Итиниэхэ Чернышевскайдааҕы балык собуотун кытта 2013 сылтан бииргэ үлэлэһэбит.

Бу үлэ туох түмүктээҕин Арктика дьыалатыгар СӨ су­­даарыстыбаннай кэмитиэтин иһитиннэриитинэн сыаналыахха сөп. Холобур, 2016 сылга быраҥааттаны балыктыырга 4,9 туонна көҥүллэммит, оттон 2019 сылга ону 23 туоннаҕа диэри улаатыннарбыттар.

— «АЛРОСА» тулалыыр эйгэни харыстыыр бырагы­рааматыгар кыыл таба уонна балык ахсаанын элбэтии таһынан, хамсыыр харамайы, үүнэр үүнээйини көмүскүүргэ «Саха сирин тыыннаах ал­­маастара» паарка тэриллибитэ. Ону таһынан, хампаанньа өссө туох үлэни ыытарый? 

— Саха сиригэр олохтоох дьон төрүт дьарыктара – табаны иитии уонна балыктааһын, ол иһин бу икки хайысханы өйүүргэ улахан үлэ ыытыллар. Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тулалыыр эйгэни харыстыыр бырагыраамаҕа биһиги кыттыһарга өрүү бэлэммит. Холобур, Экология министиэристибэтигэр орнитологическай үлэ ыытылларыгар көмөлөһүөхтээхпит. Саха сирин төрүт олохтоох дьоно өбүгэ үгэһин сүтэрбэттэрин туһугар биһиги кыһамньылаахтык үлэлиибит.

— Бырамыысыланнас салгыны киртитэрин туһунан элбэхтик этэллэр. Кэлиҥҥи кэмҥэ айылҕа уларыйан, кыһыммыт биллэрдик сылыйан, салгын хаайтарыыта үөскээтэ дииллэр, бу хайысханан хампаанньа туох үлэни ыытарый?

— 21 үйэ кирбиитигэр айылҕа уларыйан, кыһыммыт улам сылы­йан иһэрин туһунан аан дойду үрдүнэн кэпсэтэллэр.

Айылҕа уларыйыытыгар сыһыаннаах аан дойду ирдэбилигэр эппиэттиир Парижскай сөбүлэһии баар эрээри, биһиги дойдубутугар өссө киирэ илик. Икки сыллааҕыта «АЛРОСА» хампаанньа анал тиэхиньикэни күөх уматыкка, онтон хочуолунайдары ньиэпкэ көһөрбүтэ кирдээх эттиктэри таһаарыыны быдан кыччатта.  2015 сыл туругунан, Арассыыйаҕа СО2 парниковай гааһы таһаарыы  уопсай кээмэйиттэн «АЛРОСА» өлүүтэ 0,034%, бу дьиҥэ олус кыра. Бырамыысыланнас хампаанньаларын кытта тэҥнээн көрдөххө,  алмааһы хостооччулар парниковай гааһы олох кыраны таһаараллар.

Үлэһиттэри үөрэтии

— Хампаанньа экология боппуруоһугар улахан болҕомотун уурарынан сибээстээн, үлэһиттэр идэлэрин үрдэтиигэ туох үлэ ыытыллар?

— Үлэһиттэр идэлэрин үрдэтии – бу хампаанньа ситиһиилээх уонна таһаарыылаах үлэтин төһүү күүһүнэн буолар. Арассыыйаҕа сокуоннар уларыйа туралларынан сибээстээн, сыл ахсын саҥаттан-саҥа боппуруостар үөскүүллэр.  Онон тулалыыр эйгэни, айылҕаны харыстааһыҥҥа үөрэтии, идэти­йии тиһигин быспакка ыытыллар. “АЛРОСА” Каадырдары бэлэм­ниир киинигэр сыллата 200-чэ киһи үөрэнэр. Манна Санкт-Петербург, Москва, Новосибирскай кыһаларын исписэлиистэрэ кэлэн үөрэтэллэр. Экологическай менеджмеҥҥэ, уунан туһаныы (водопользование) нуормаларыгар уонна быраабылаларыгар, айылҕаны харыс­тааһыҥҥа уонна да атын салааларга үөрэнэллэр.

2017 сыллаахха, Арассыыйаҕа Экология сылынан сибээстээн, “АЛРОСА” киэҥ далааһыннаах со­­циальнай-экологическай суолта­лаах тэрээһиннэри ыыппыта. Ол курдук, «Подари природе вечность…» хаартыска күрэҕэ, «Зеленая Саха – с любовью к природе» ­быыстапка уонна кыра оҕолорго «Я — маленькая частичка большого Мира» тэрээһиннэр ыытыллыбыттара.  Оскуола үөрэнээччилэрэ биһиги ыытар күрэхтэрбитин сэргээн, сэҥээрэн, көхтөөхтүк кыттыбыттара хайҕаллаах.

2018 сыллаахха хампаанньа Саха сиригэр аан бастакытын «Сделаем…!» аан дойдутааҕы аахсыйаҕа кыттыспыта. Бу аахсыйа балаҕан ыйыгар ыытыллан, дьону биир хамаандаҕа түмэн, куораты ырааһырдыыга саҥа хардыылар оҥоһуллубуттара.

Үүммүт сылга социальнай-экологическай хабааннаах тэрээһиннэр эмиэ ыытыллыахтаахтар. Ол курдук, ураты суоллаах-иистээх «Один день из жизни эколога» диэн аахсыйа ыытыллыах­таах. Хампаанньаҕа 2018 сыл  олунньу 1 күнүттэн Экологическай киин үлэлиир. Ол гынан баран, үгүс дьон эколог туох үлэни оҥорорун, кини кимин-тугун чопчу билбэт.  Онон  Мииринэйгэ үрдүкү кылаас оҕолоро «Один день из жизни эколога» аахсыйа чэрчитинэн, Экологическай киин үлэтин биир күн баран билсиэхтэрэ диэн бы­­һаарыы ылынныбыт. Бу кииҥҥэ тулалыыр эйгэни харыс­тааһын, хотугу сир аҕыйах ахсааннаах норуоттарын кытары үлэ­­лиир, бырайыактыыр, хонтуруоллуур салаалар үлэлииллэр. Иккилии-үстүү оҕо бу салааларга кыттыһан,  сарсыарда 8 чаастан 17.30 чааска диэри производственнай эбийиэктэргэ, былаһааккаларга, мунньахтарга сылдьан эколог үлэтин кытары ыкса билсиэхтэрэ.  Оскуола саҕаттан үөрэнээччилэр эколог үлэтэ кэбиниэт үлэтэ буолбатаҕын, бу уустук, ыарахан үлэ буоларын билиэхтэрэ. Онон, мин саныахпар, маннык тэрээһиннэр оҕолор инники идэлэрин талалларыгар күүс-көмө буолуохтара.

Аҕыйах ахсааннаах но­­руоттар тылларын аан дойдутааҕы сылларын иитинэн, биһиги «Язык предков» көрүү-куонкуруһу ыытыахпыт. Бу, бастатан туран, өрөспүүбүлүкэ төрүт олохтоохторун үгэстэрин харыстыыр сыал­лаах ыытыллар.

Маны таһынан, «Скажи нет пластику» аахсыйа, Мииринэйгэ Экологическай аллея аһыллыыта, «Зеленые пионеры Якутии» слет уонна да атын тэрээһиннэр сыл устата ыытыллыахтара.

Экологическай бырайыактары өйүүбүт

— Өрөспүүбүлүкэ  дьоно-сэргэтэ аһара көхтөөхтөр диэтэхпитинэ, арааһа алҕаһаабаппыт буолуо. Маны таһынан, кэмиэрчэскэйэ суох уопсастыбаннай тэриллиилэр күүскэ үлэлииллэр. Хампаанньа ханнык эбит кэмиэрчэскэйэ суох экология тэрилтэлэрин кытары бииргэ үлэлиир дуо? Холобур, Арассыыйа бөдөҥ хампаанньаларын курдук граннары олохтуугут дуо?

— “АЛРОСА” социальнай эп­­пиэтинэстээх хампаанньа диэн өссө төгүл тоһоҕолоон бэлиэ­­тиэм этэ. Онон сыл ахсын Кэтээн көрөр сэбиэт спонсорскай хантараахтары, араас сөбүлэ­­һиилэр испииһэктэрин бигэргэтэр. Экологическай бырайыактар эмиэ бу манна киирэллэр.

Номнуо СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын иһинэн үлэлиир биологическай ресурсалар уонна ураты харыстанар айылҕа сирдэрин дириэксийэтин кытары сөбүлэһии түһэрсибиппит. Итиэннэ “Барҕарыы” национальнай пуонданы кытары айылҕа харыстабылыгар кинигэ, сурунаал, буклет та­­һаарыытыгар сөбүлэһии түһэрсээри сылдьабыт. Уонна, буоларын курдук, “АЛРОСА” эмиэ бу сыл  айылҕа пааркатыгар үбүнэн-харчынан көмөлөһүөҕэ.

— Түмүкпэр, маннык ыйытыылаахпын. Арааһа, бу ыйытыым Саха сирин үгүс олохтооҕун долгутар буолуохтаах. Билигин олох-дьаһах, хомунаалынай хаһаайыстыба са­­лаатыгар – кытаанах бөҕү-саҕы хомуйуу боппуруоһун тула үгүс кэпсэтии тахсар. Оттон эһиги хампаанньаҕыт араас тобоҕу, бөҕү таһыыга, суох оҥорууга туох үлэ ыытар?

— Бүгүҥҥү күҥҥэ судаарыстыбаннай реестргэ киллэриллибит тобохтору харайар  эбийиэктэр ахсааннарыгар киллэриллибит оҥорон таһаарыы уонна хомунаалынай эйгэ тобохторун хому­йар эбийиэктэр тарбахха баттанар аҕыйахтар. Ирдэбилгэ эп­­пиэттиир эбийиэктэр суохтара, дьэ бу кырдьык, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах кыһалҕа. Иккиһинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ бөҕү, араас тобохтору таҥастыыр, туһаҕа та­­һаарар эбийиэктэр суохтар.

Хампаанньа айылҕаны туһаныыга эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар. Онон тобохторун бэйэтин эбийиэктэригэр мунньар биитэр эрэгийиэннээҕи операторга тиксэрэр. Мииринэйгэ оннук операторынан – Мииринэйдээҕи олох-дьаһах хаһаайыстыбатын пред­приятиета буолар.

Хампаанньаҕа тобохтору кылааһынан наардыыбыт. Маны таһынан сорох тобохтору, ол иһигэр туттуллубут уматыгы иккиһин туһаҕа таһаарабыт.

Үүммүт сылга массыына көлүөһэтин туһаҕа таһаарыыга улахан куонкурус оҥороору сылдьабыт.

Анивера АКИМОВА, Марианна ТЫРТЫКОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0