АЛРОСА экология бырагырааматын олоххо киллэрэргэ Саха сирин Экологияҕа министиэристибэтин кытта үлэтин салгыыр.Ааспыт нэдиэлэҕэ АЛРОСА хампаанньа Саха сирин Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытары уочараттаах сөбүлэһиигэ илии баттаата. Сөбүлэһии чэрчитинэн, алмааһы хостооччулар бэйэлэрин үлэлэрин кытта быһаччы сибээһэ суох эбии эбэһээтэлистибэлэри хайыы үйэ төрдүс төгүлүн ылыннылар. АЛРОСА кылаабынай эколога Полина Анисимова өрөспүүбүлүкэ сүрүн хампаанньата 2022 сылы бу хайысхаҕа хайдах түмүктээх көрсүбүтүн уонна салгыы хайдах үлэлиирин кэпсээтэ.
edersaas.ru
Быйыл АЛРОСА Сунтаар улууһун Элгээйи мусуойун лабораториятын комплексын хааччыйыыны үбүлүүр, Ньурба улууһун Маалыкай орто оскуолатын «Эврика» экология научнай-чинчийэр лааҕырын өйүүр. Маннык сөбүлэһиилэр бырайыактара миэстэтиттэн АЛРОСА-ҕа быһа сайаапка быһыытынан, ону таһынан, Экология министиэристибэтин этиитигэр олоҕуран оҥоһуллар. Бу бырайыак соругунан үүнэр көлүөнэни тулалыыр эйгэҕэ кыһамньылаах сыһыаҥҥа үөрэтии буолар.
Холобур, аҥаардас ааспыт сылга АЛРОСА үбүнэн Ньурба оскуолаларыгар 10-тан тахса лаборатория атыылаһыллыбыта. Билигин оҕолор олохтоох уу уонна салгын хаачыстыбатын бэйэлэрэ сыаналыыр кыахтаахтар. Хампаанньа кылаабынай эколога Полина Анисимова иһитиннэрбитинэн, кинилэртэн суһал иһитиннэрии киирдэҕинэ, АЛРОСА Экологияҕа киинэ таһымнаах анаалыстары оҥорорго бэйэтин исписэлиистэрин ыытар. Онон үөрэнээччилэргэ лаборатория – идэҕэ хайысхалыыр оонньуу эрэ буолбатах, төрөөбүт айылҕаларын харыстабылыгар дьиҥнээх дьоһуннаах үлэ.
2021 сыллаахха АЛРОСА экологияҕа бырагыраамата 6,029 миллиард солкуобайынан быһыллыбыта. Бу үп үс гыммыт биирэ айылҕаны харыстыыр аналлаах эбийиэктэри тутууга уонна саҥардыыга барбыта. Ордубут үп атын ороскуоттарга: айылҕа харыстабылын эбийиэктэрин көрөргө-истэргэ, салгыны ыраастыыр, ууну туһанар уонна килиимэти харыстыыр, оҥорон таһаарыы кэнниттэн хаалар тобохтору көдьүүстээх туһаныы уонна харайыы дьаһалларыгар, научнай чинчийиилэргэ, мониториҥҥа уо.д.а. туһаныллыбыта.
Полина Анисимова кэпсээбитинэн, 2021 сылга хампаанньа ковидынан сибээстээн хааччахтаммыт дьаһаллартан ураты былааннаммыт дьаһалларын барытын толорору ситистэ. Ол да буоллар, олору умнан кэбиспэттэр, 2022 сылга төннүөхтэрэ, быйылгы сылга анаммыт үп-харчы бэриллибитэ.
Миллиардынан сыыппара кэннигэр алмааһы хостооччулар тулалыыр эйгэ харыстабылыгар чопчу ханнык үлэлэри ыыталларын көннөрү киһи ыйдаҥардара уустук. Ол иһин, холобурдаан эттэххэ, АЛРОСА балык Чернышевскайдааҕы собуотун кытта салгыы бииргэ үлэлиир. Былырыын манна 10,7 мөлүйүөн солкуобай бэриллибитэ. Ол гынан баран, Саха сирин өрүстэригэр сыаналаах боруодалары ыытыы былааннарын олоххо киллэрии кыаллыбата: собуот балыктар ыамаларын сөптөөх кээмэйдэрин кыайан биэрбэтэ. Ол да буоллар, хампаанньа балыксыттарга үпкэ бэйэтин эбэһээтэлистибэлэрин толору толордо (2022 сылга бородууксуйаны элбэтэллэригэр усулуобуйалаан).
Ону таһынан, АЛРОСА 2022 сылга Чернышевскайдааҕы собуокка үбүнэн көмөтүн 10,7-тэн 17,4 мөлүйүөҥҥэ диэри улаатыннарда. Эбии үп Бүлүү аһаҕас уутугар тыыннаах балыгы хаайар тэриллэри атыылаһарга ыытыллыаҕа. Онно ыамалары буолбакка, майаҕас боруодатын – күөллэргэ уонна өрүстэргэ арыый уһуннук олохсуйар кыахтаахтары үөскэтиэхтэрэ.
2022 сылга АЛРОСА өссө биир олус интэриэһинэй научнай-чинчийэр бырайыагы – Кыһыл кинигэҕэ киирбит пискулька хаас харыстабылын саҕалыаҕа. Кини сайын аайы биһиэхэ Кытайтан көтөн кэлэр, онон бырайыак Кытай учуонайдарын кытары бииргэ үлэлээһининэн олоххо киллэриллиэҕэ. Биһиги чинчийии хайдах ыытылларын кэтээн көрүөхпүт уонна икки дойду орнитологтара ханнык түмүккэ кэлэллэрин кэпсиэхпит.
Онтон «Тоҕо Саха сиригэр ытыктанар кыталык буолбатаҕый?» диэн ыйытыыга хоруйдуубут. АЛРОСА-ҕа быһаарбыттарынан, бу көрүҥ туруйалара хампаанньа баазаланар сиригэр чугас бааллара көстүбэтэҕэ. Оттон пискулька хааһы учуонайдар көрбүттэрэ. Онон айылҕа харыстабылын саҥа бырайыага кынаттаахтары сөргүтүүнэн буолуоҕа.
2022 сылга АЛРОСА бэйэтин экологияҕа бырагырааматыгар 7,204 миллиард солкуобайы туһаныаҕа – бу 2021 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 1, 175 миллиардынан элбэх.
Мииринэйгэ эмиэ дьаабылыка силигилии ситиэҕэ
Былырыын сайын Мииринэйгэ дьаабылыкалаах саад баар буолбута. Сибиир дьаабылыкатын өссө «Сибиир сакуратынан» ааттыыллар. Тоҕо диэтэххэ, олус бөдөҥ маҥан сибэккилэрдээх буолан, кыраһыабайдык үүнэр. Полина Анисимова холонон көрүү буоларын билиннэ — урут Мииринэйгэ ким да дьаабылыканы олордо илигэ.
«Биһиги 50 маспыт кыһыны хайдах туораабытын көрөөрү, сайыны долгуйа күүтэбит», – диэн АЛРОСА кылаабынай эколога долгуйарын биллэрдэ.
Куорат храмын эркиннэригэр дьаабылыкалаах саад Экология киинин үлэһиттэрин «мозговой штурмнарын» түмүгэр баар буолбута. Манна даҕатан эттэххэ, урут Мииринэйгэ эмиэ итинник рябина аллеята баар буолбута. Экологтар ситиһиилэриттэн өрө көтөҕүллэн, салгыы үлэлииргэ санаммыттара. Онуоха хампаанньа үлэһиттэрэ кинилэр этиилэрин үөрэ-көтө ылынан, саады олордо тахсыбыттара. Аҕыйах ыйынан Хотугу эргимтэ саамай тэллэҕэр үүнэр Сибиир сакуратын хаартыскаларынан ааҕааччыларбытын үөрдүөхпүт диэн эрэнэбит.
АЛРОСА 2022 сылга үүнээйигэ бэйэ питомнигын бэлэмнииргэ Арассыыйатааҕы Наука академиятын Сибиирдээҕи отделениетын кытары дуогабар түһэрсэргэ былааннанар.
Саха сиригэр баар производственнай кыамталар рекультивационнай үлэлэри кыайан толуйбаттар. Оттон кыра мастары, талахтары ыраахтан кэккэ ыарахаттардаах. Ону таһынан, кинилэргэ сөбө суох килиимэт тыйыс усулуобуйатыгар үөрэниэхтэрэ саарбах.
Итиннэ бэйэ питомнига элбэх кыһалҕаны быһаарыа этэ. Алмааһы хостооччулар питомнигы Мииринэй, Айхал эбэтэр Удачнай диэки оҥоруохтарын баҕараллар. Ол эрээри, түмүк быһаарыы – учуонайдарга. Сири рекультивациялааһын ирдэбиллэригэр сөп түбэһэр мастары уонна талахтары эмиэ кинилэр талыахтара. Икки сылынан бастакы түмүктэр хайыы үйэ биллиэхтэрэ. Кыра мастар улаатыахтара. Табылыннаҕына, питомник АЛРОСА мастарга наадыйар кээмэйин толуйуоҕа.
АЛРОСА энтузиастара бу питомникка урут Мииринэйгэ урут үүммэтэх үүнээйилэрэ силигилиэхтэрэ диэн эрэнэллэр.
Норуот маастардара кистэлэҥнэрин үллэстиэхтэрэ
Хампаанньа өссө тугу былаанныырый? АЛРОСА 2022 сыл күһүн Хотугу сир норуоттарын үгэс буолбут дьарыктарыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапка-дьаарбаҥканы тэрийэр былааннаах. Ити хампаанньа бастакы бырайыагынан буолуоҕа. Ол гынан баран, маныаха маарынныыр тэрээһиннэр киин куоракка элбэхтик ыытыллаллар. АЛРОСА бырайыага туох уратылаах буолуоҕай?
Хампаанньа кылаабынай эколога уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын кытары хардарыта сыһыаҥҥа эппиэтинэстээх Полина Анисимова иһитиннэрбитинэн, дьаарбаҥка хас биирдии кыттыылааҕа бэйэтин илиитинэн оҥорбутун көрдөрөр эрэ буолбатах, баҕалаахтарга маастар-кылаас ыытыахтаах. Оҕуруонан өрүү, маһы быһыы, быысыпка, муусука үнүстүрүмүөннэрин оҥоруу уо.д.а.
Бу дьаарбаҥкаҕа тугу баҕарбыккытын атыылаһаргыт тэҥэ, маастарыстыбаҕа сүүтүк сүбэлэри ылыаххыт. Бырайыагы өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар хайыы үйэ өйөөтүлэр. Билигин АЛРОСА «Куруһаала» эргиэн-быыстапка киинин кытта кэпсэтиилэри ыытар. Күнэ-дьыла быһаарылыннаҕына, хампаанньа дьаарбаҥкаҕа кыттыан баҕалаахтарга иһитиннэриэ. Быыстапкаҕа кыттыы босхо, дьаарбаҥкаҕа миэстэлэр ороскуоттарын АЛРОСА бэйэтэ уйунуо.
Саха сирин мультипликатордара үөрэнээччилэр бастыҥ остуоруйаларын уруһуйдуохтара
АЛРОСА хампаанньа «Остуоруйалар холуодьастара» кинигэҕэ мультипликационнай киинэни оҥорорго куонкуруһу биллэрдэ. Дойдуттан барытыттан, бэл, кыраныысса таһыттан уонунан эдэр суруйааччы бэйэтин остуоруйатын үллэстэн, бырайыакка кытынна. Үөрэнээччилэр толкуйдарын уонна уратыларын интэриниэти туһанааччылар сыаналаатылар.
Кинилэр санааларынан, төрөөбүт дойдуга уонна айылҕаҕа таптал туһунан 50 бастыҥ үлэ нууччалыы, сахалыы уонна эбэҥкилии тылынан бэчээттэммит «Остуоруйалар холуодьастара» хомуурунньукка киллэрилиннэ. Кинигэ уруһуйдарын эмиэ оҕолор бэйэлэрэ оҥорбуттара кэрэхсэбиллээх.
«Остуоруйалар холуодьастара» АЛРОСА Экологияҕа киинин көҕүлээһининэн баар буолбута. Ону салайааччы Полина Анисимова иһитиннэрбитинэн, хампаанньа сэбиэскэй кэм саҕанааҕы «Бэһиэлэй карусель» холобурунан, мультипликационнай хомуурунньук тахсыытын үбүлүүр санаалаах. Онно «Остуоруйалар холуодьастарын» түөрт кыайыылааҕын үлэтэ киириэҕэ, хас биирдиилэрэ быһа холоон икки мүнүүтэлээх буолуоҕа. АЛРОСА аһаҕас куонкуруһугар Саха сирин икки хампаанньата сайаапкатын киллэрдэ. Тиэхиньиичэскэй сорудахха мультипликационнай киинэни сахалыы уонна эбэҥкилии тылбаастыырга ирдэбил туруорулунна.
«Саха сирэ», edersaas.ru саайтка анаан Айталина НИКИФОРОВА суруйуутуттан тылбаас.
АЛРОСА пресс-сулууспатын, СИА хаартыската.