АЛРОСА сүрүн эколога: «Кириитикэҕэ түбэһэрбин биллэрбин да…»

08.10.2020
Бөлөххө киир:

АЛРОСА Экологияҕа киинин салайааччытын интервьютун  таһаарабыт. Бу кэпсэтииттэн биһиги Полина Анисимова хампаанньаҕа туох уларытыылары киллэрбитин, Саха сирэ Арассыыйа атын сирдэриттэн туох уратылааҕын, алмааһы хостооһун үлэтэ ньиэби хостооһунтан уонна көмүс бириискэлэриттэн тоҕо ырааһын, бырамыысыланнас дьоно экологтары тоҕо сөбүлээбэттэрин биллибит.

edersaas.ru

Полина АНИСИМОВА– АЛРОСА кылаабынай эколога, 40 саастаах. Бэйэтин сааһын кистээбэт. Хатыылаах тыллаах-өстөөх. Кэпсэтиигэ бэлэмнэнэрбитигэр биһиги Полина Сергеевна биир идэлээхтэриттэн ыйыталаһан хаалбыппыт. Онно эппиэттииллэригэр, үлэтигэр даҕаны, экологияҕа аналлаах аахсыйалары ыытарыгар даҕаны тэҥ көрүүлээҕин бэлиэтээн, үксүгэр төбөлөрүн быһа илгистибиттэрэ. Бэйэтэ этэрэ сөбүгэр ­эрэллээх буоллаҕына, ким да аптарытыата суолталаммат. Саха сиригэр саҥа киһи кэриэтэ, ол гынан баран, кини санаатын аахсарга номнуо үөрэттэ.

Полина Анисимова Уһук Хотугу сири кыра сааһыттан билэн барбыта. 1980-с сыллар саҥаларыгар кини төрөппүттэрэ Казахстан истиэптэрин Ханты-Мансийскай автономнай уокурук Мегион куоратыгар уларыппыттара. Кыысчаан оскуоланы бүтэрэн баран, Томскайдааҕы политехническай институкка үөрэнэ киирбитэ. 2001 сыллаахха институттан инженер-геоэколог дипломнаах тахсыбыта.

Эколог – кэбиниэт үлэһитэ буолбатах

Бу идэни бүтэрбит иккис бөлөх этибит. Онон, экология диэн тугун өйдүүр киһи аҕыйаҕа. Ол иһин, биһигини историческай геологияттан, минералогияттан генетикаҕа уонна социологияҕа тиийэ үөрэппиттэрэ. Бэл, кутуйахтары препараттыырбыт. Ити ханнык эрэ «солянка» этэ, ол гынан баран, көрүүбүт кэҥээбитэ, үчүгэй билиини биэрбиттэрэ.

Тоҕо эколог буолуоххун баҕарбыккыный?

— Аҕам экскаваторщик этэ, ийэм сааһын тухары ньиэп эйгэтигэр үлэлээбитэ. Кистээбэккэ эттэххэ, идэбин дьиҥнээхтик өйдөөбөккө эрэ сылдьан талбытым. Эдэр сааска максималист буолуу, барыны бары кыайыах санаа быһаардаҕа. Мин баҕам диэн, үрдүк үөрэх кыһатыгар киирии этэ. Төрөппүттэрим үөрэхпин төлүүр кыахтара суоҕун, ол иһин, бүддьүөт миэстэтигэр эрэ киирэр кыахтаахпын өйдүүрүм. Мин ол ­миэстэни Томскайдааҕы политехни­ческай институкка булбутум. Идэбин сөбүлүүрбүн уонна олус интэ­риэһиргиирбин үлэбин саҕалаан эрэ баран өйдөөбүтүм. Ити барыта хонууга быраактыкаҕа сылдьар кэммэр биллибитэ. Эколог идэтэ кэбиниэт үлэтэ буолбакка, инники күөҥҥэ сылдьыы, оҥорон та­­һаарыы үлэтэ, хонууга үлэ… диэн бигэ эрэллээхпин.

Полина Анисимова практическай экологияҕа маҥнайгы би­­лиитин-көрүүтүн Ханты-Мансийскай автономнай уокурук уонна Ямал уһуга биллибэт куйаардарыгар ылбыта. Саха сиригэр аан бас­таан 2014 сыллаахха, “Газпром Ноябрьск” Чайыҥда сирин-уотун баһылыыр кэмигэр кэлбитэ. Хас да командировка кэнниттэн, бэйэтэ да соһуйуон иһин, АЛРОСА-тан ыҥырыы туппута.

Полина Сергеевна, Эн Ханты-Мансийскай автономнай уокурукка, Ямалга үлэлээбиккин, билигин Саха сиригэр бааргын. Биһиги эрэгийиэммит атын хотугу сирдэртэн туох уратылааҕый?

— Саха сирин дьоно-сэргэтэ ураты. Мин эһиэхэ курдук инники кирбиигэ сылдьар дьону ханна да көрсүбэтэҕим. Бу куруук айылҕаҕа тапталынан быһаарыллар диэн этэр кыаҕым суох, ол эрэн, Саха сиригэр үрдүк гражданскай эппиэтинэс баара олус биллэр.

Ол аата, биһиэхэ экологынан үлэлиир ыарахан дуо?

— Интэриэһинэй. Мин Бүлүү бөлөх улуустарын барытын кэ­­риэтэ кэрийдим, онон дьон кэп­сээнинэн эрэ билэр буолбатахпын. Дьон дууһатыгар, санаатыгар долгуйуу мунньуллар, ол иһин, этиниэхтэрин, саҥарыахтарын баҕараллар. Онуоха ыллыктаах кэпсэтии саҕаланар: туох оҥоһуллубутун уонна оҥоһуллуохтааҕын кэпсиигин. АЛРОСА аһаҕастык кэпсиир хампаанньа. Хайдах үлэ­лиирбитин, экологияҕа сыһыан­наах ханнык дьаһаллар ыытыллалларын кэп­сиибит. Бэл, ардыгар сабыылаах эбийиэктэргэ ыҥырабыт. Холобур, былырыын Накыын былаһааккатыгар уопсастыбанньыктары илдьэ бара сылдьыбыппыт, хайа-байытар фабрикаҕа сырытыннарбыппыт, ханаалы ыраастыыр тутуулары, хвостохранилищелары уо.д.а. көрдөрбүппүт.

Экология уонна уопсастыбанньыктар

Уопсастыбанньыктар АЛРОСА экологияҕа ха­рыс­табыллаах сыһыанын биллилэр-көрдүлэр дуо?

— Биһиги ону ситиһэр сыалы-соругу туруоруммаппыт. Ол оннугар, хайдах үлэлиири, этэргэ дылы, тарбахпытынан көрдөрөбүт. Онон, үлэ хайдах барарын өйдөөн, үгүстэр санаалара уларыйар. Хомойуох иһин, ону үчүгэйдик билбэккэ эрэ, барыта куһаҕан диир дьон үгүстүк көстөр. Чопчу туох куһаҕанын ыйыттахха: “Эһиги ресурсалары туһанаҕыт! Эһиги экологияны киртитэҕит! Оттон биһиги манна олоробут…” – дииллэр. Оттон экологияҕа анал­лаах дьаһаллары ыытарга ол уоп­састыбанньыктар ханна баалларый? Биһиги “Айылҕаны харыстааҥ” аахсыйаны ыытабыт. Быйыл хоруона хамсыгыттан сылтаан, аахсыйаны тохтоттубут. Оттон былырыын Бүлүү кытылыгар барарбытыгар Сунтаар оро­йуонун Элгээйи уонна Маар Күөл оскуолаларын оҕолорун ылбыппыт. “Бөх бөхтөн атын” диэн оонньуу киэбинэн: “Айылҕаҕа ку­­мааҕы хас да сыл, оттон полиэтилен бакыат 200 сыл устата сытан дьайар” диэн бы­­һааран биэрбиппит. Өрүс кытылларыгар бөҕү-сыыһы ыраас­таабыппыт, оҕолор харахтара уоттаммыта. Оттон төһө улахан киһи баарын тарбахха эрэ ааҕыахха сөбө… Кириитикэҕэ түбэһэрбин билэбин, ол гынан баран, барыта куһаҕан диэн саҥаран бүтэн, би­­һиэхэ холбоһон, үчүгэйи оҥорорго көмөлөһүөххүт буолаарай.

Полина Сергеевна, Мии­ринэй эйигин аан бастаан хайдах көрсүбүтэй, эн кэлиэххиттэн АЛРОСА экологияҕа үлэтин хайысхатыгар туох уларыйда?

— Мин Мииринэй сиригэр-­уотугар аан бастаан 2016 сыл­лаахха икки чымадааннаах үктэммитим. Ол иннинэ төрөппүттэрим Москватааҕы даачабытыгар атаарыы киэһэтин тэрийбиттэрэ. Сөмөлүөттэн тахсааппын кытта сирэйбин хаар хаарыйбыта. Хотугу сиргэ улааппыт буоламмын, бу миэхэ соһуччу буолбатаҕа, ол да буоллар, кумуччу туттан ылбытым (күлэр).

АЛРОСА-ҕа үлэлии кэлэрбэр экологтар хас биирдии үлэ са­­лааларыгар баар этилэр. Ол эбэтэр, хайа-байытар кэмбинээттэр, олохтоох өрөмүөн, материальнай-тиэхиньиичэскэй хааччыйыы управлениелара, тутуу тэрилтэлэрэ, социальнай комплекстар бары бэ­­йэлэрэ исписэлиистээхтэрэ. “Миэнэ барыта үчүгэй, оттон ыаллыы “оҕуруот” – мин кыһалҕам буолбатах”, – диэбит курдук этэ.

Мин 50-ча сыл устатыгар олохсуйбут көрүүлэри уларытарга бэйэбэр сыал-сорук туруоруммутум, ону хампаанньа салалтата өйөөбүтэ. Биһиэхэ “мин” диэн суох, мин – ол аата АЛРОСА. Мииринэйдээҕи хайа-байытар кэмбинээт үлэһиттэрэ массыына суолун Мииринэйдээҕи управлениетыгар (МУАД), Ньурбатааҕы ха­­йа-байытар кэмбинээккэ туох буола турарын, КСК бассейннарыгар ханнык ыраастыыр сириэстибэлэри тутталларын уо.д.а. билиэхтээхтэр. Ол иһин, экологтар ити салаалартан бары ылыллыбыттара уонна хаттаан тэриллибит, 2018 сыл олунньу 1 күнүттэн үлэтин саҕалаабыт  Экология киинигэр холбоспуттара. Холбоһуу, ону таһынан, интэриэстэр мөккүөрдэрин курдук олохтоох кыһалҕаны туораппыта. Мииринэйдээҕи ха­­йа-байытар кэмбинээт эколога, биллэн турар, хайа-байытар кэмбинээт салалтатыгар бас бэринэр. Ханнык эмэ эндирдээх, сэрэхтээх боппу­руостар үөскээтэхтэринэ, эколог олохтоох салалта тугу этэрин оҥороро. Билигин подразделениелар сала­йааччыларыттан ким даҕаны биһигини ыгар-түүрэр кыаҕа суох.

Оттон эһиги ким бас билиитигэр бааргытый?

— АЛРОСА кылаабынай инженерин.

Туох уратылааҕый?

— Биһиги кинилэри кытары хайдах мөккүһэрбитин билэргит буоллар (күлэр). Хайа-байытар кэмбинээттэргэ салгыны ыраастыыр саҥа эбэтэр саппаас сис­тиэмэлэр наадалар – онно улахан харчы бэриллэр. Дьиҥэр, баар систиэмэлэр өссө да үлэлиир кыахтаахтар уонна экология сокуоҥҥа көҕүлээһиннэрин бары ирдэбиллэригэр эппиэттииллэр. Ол да ­буоллар, систиэмэлэр болдьохторун иннинэ тохтоон хаалар тү­­бэлтэлэригэр тута уларытар курдук, эрдэттэн атыылаһабыт. Эһиги билэргит курдук, бэл хамсык кэмигэр алмааһы хостооһун кээмэйэ эмискэ аҕыйаабытыгар, сырьеҕа аан дойду сыаната түспүтүгэр, АЛРОСА кэмчилээһин бырагы­рааматын киллэрэргэ күһэллибитигэр, экология биир да хайысхатын үбүлээһинэ сарбыллыбатаҕа.

Экология киинэ тоҕо тэриллибитэй?

Экология киинин тэри­йиигэ төннүөххэ. Хомойуох иһин, араас холбооһуннар уонна оптимизациялар үбү-харчыны аҕыйатар соруктаахтар диэн үөрэппиттэрэ. Экологтары холбообуттарын кэннэ кинилэр ахсааннара уруккутунан хаалла дуо?

— Испииһэгинэн орто ахсааннара урукку таһымҥа хаалла. Ол гынан баран, мин тустаах боломуочуйалара суохтары идэлээх исписэлиистэргэ уларытан, хас да үлэһити уураппытым. Сэбиэскэй Сойууска экологияҕа үөрэтии суоҕа, онон бу идэҕэ үксүгэр биологтар, этнографтар, географтар бараллара. Холобур, мин Майя Плисецкаяны сөбүлүүр буоллахпына, мин фуэтэны эргитиэхпин сөп диэн буолбатах, түмүк баар буоларын туһугар туохха барытыгар үөрэниэххэ наада.

Даачабар мас олордуу уонна алмааһы хостооһун

Түмүктэргэ тиийиэххэ: АЛРОСА үлэлиир сиригэр-уотугар экология туругун хайдах сыаналыыгын?

— Ханнык баҕарар оҥорон таһаарыы экологияҕа дьайарыттан саҕалыахха. Холобура, биһиги массыынаҕа олорорбутугар таска гаас эрэ тахсарын буолбакка, металлургия, химиичэскэй бырамыысыланнас, бэнсиини оҥорорго ­ньиэби хостооһун баар буоларын өйдүөхтээхпит. Ол гынан баран, массыынаттан, төлөпүөнтэн ак­­каастанарга, бэйэбит таҥаспытын тириигэ уонна лүөҥҥэ уларытарга (балары оҥорон таһаарыы билигин химията суох сатамматын кэриэтэ) бэлэм дьон биһиги ортобутугар төһө элбэҕий? Оттон АЛРОСА экологияҕа дьайыытын атын туһалаах баайдары хостооһуну кытта тэҥнээтэххэ, алмааһы хостооһун экологияҕа дьайыыта олох улахана суох. Чохтоох разрезтар тулалыыр эйгэни чох быылынан киртитэллэр, уруудалаах көмүһү хостуурга химикаттар, химиичэскэй өттүнэн актыыбынай суурадаһыннар туттуллаллар уонна ньиэп-гаас хаспахтарыгар хачайданаллар. Биһиги алмаас туруупкатыгар тиийэрбитигэр, сир ханнык эрэ дьапталҕатын ылыахтаахпыт. Онуоха ханнык да химиялаах биэссэстибэлэр уонна эбиликтэр туттуллубаттар. Биһиэнэ – судургу үлэ. Ол гынан баран, биири өйдөөҥ – Арассыыйа сир кырсын, дьапталҕатын ылыыттан хаалбыт буору тобох курдук быһаарар аан дойдуга соҕотох дойду. Соҕотох! Өйдөнөрүн курдук эттэххэ, өскөтүн эһиги даачаҕыт учаастагар мас олордоору дьаама хастаххытына, биһиги сокуоммутунан, дьааматтан ордубут буор тобоҕунан ааҕыллар. 5 кылаастаах кутталга киирсэр, ол эбэтэр куттала суох кэриэтэ эрээри, экология со­­куоҥҥа көҕүлээһинэ итинник тобохтору харайары эбэтэр утилизацияны бэрээдэктиир. Логиката ханна баарый? Алмаастаах урууданы байытарга улахан токсичнай химиичэскэй биэссэстибэлэр уонна урууда тахсарыгар кирти­тиэн сөптөөх реагеннар туһаныллыбаттар.

АЛРОСА биһигини истэр эрэ буолбатах…

Арааһа, мас олордор дьааманы алмааһы хостуур карьердары кытары тэҥниир наһаа сөбө суох буолуо.

— Биллэн турар, далааһына араас, ол гынан баран, син биир ол мэхэньиичэскэй процесс уонна төрүт сырье. Алмааһы хостооһунтан үөскүүр тобох улахан. Ол гынан баран, 5 кылаастаах тобохтор, ол аата куттала суохтарын кэриэтэ! Биһиги экологтар быһыытынан сүрүн сорукпут – тулалыыр эйгэ харыстабылыгар уонна экологияҕа куттал суох буолуутугар үлэлиир сокуон ирдэбиллэрин халбаҥнаабакка толоруу. Ону тэҥэ, “сокуон” уонна” биисинэс” икки ардыларыгар арыты тутуһуу олус суолталаах. Манна сыһыаран эттэххэ, дойдуга парниковай гаас биир саамай улахан төрүөтүнэн тыа хаһаайыстыбата буолар. Оттон биһиэхэ туохха барытыгар бырамыысыланнас буруйдааҕын курдук саныыллар.

Биһиги бэйэбититтэн эп­­пиэтинэһи устуммаппыт. Ол гынан баран, тулалыыр эйгэҕэ оҥоһуллар ноҕуруусканы кыччатарга туох кыалларын барытын оҥоробут. Бу – уһун уонна кылгас кэмнээх араас бырагыраамалар уонна дьаһаллар.

Саҥардыллар уот энергиятын өлүүтэ улаатарыгар АЛРОСА инники иһэр, биһиги саҥардыллар уот энергиятын 98 бырыһыанын туһанабыт.

— Суол өрөмүөнүгэр уонна оҥоһуутугар, алдьаммыт сири-уоту тупсарыыга уонна чөлүгэр түһэриигэ “вскрышной боруоданы” тутуу матырыйаалын быһыытынан туһаныы; ресурсаны харыстааһын ха­­йысхатыгар көхтөөхтүк үлэ­лиибит – оҥоһуллубут ньиэп бородуукталарын иккис энергетическэй ресурса быһыытынан туһанабыт, хаттаан уунан хааччыйыы сис­тиэмэтин киллэрэбит.

Биһиги структурнай подразделениеларбыт была­һааккаларыгар экологическай хонтуруол тиһигин быспакка ыытыллар. Экология киинэ тэриллэн, экологияҕа куттал суох буоларын хааччыйарга аналлаах ис бэрэбиэркэ ахсаана 10 төгүл кэриэтэ элбээтэ (70-тан 683 тиийдэ).

— Экологияҕа мониторинг бырагырааматын чэрчитинэн тулалыыр эйгэҕэ боруобаны ылыы ахсаана кэнники үс сылга биэс төгүл кэриэтэ улаатта уонна 7 269 устуука боруобаҕа тэҥнэһэн, рекорд олохтонно.

АЛРОСА 2018 сылтан ыла дьайыы физическэй чахчыларын, оттон 2019 сылтан ра­диация балаһыанньатын сыл аайы хонтуруоллуур.

— Биһиги тулалыыр эйгэ ха­­рыстабылыгар стандартизация систиэмэтин киллэрдибит. Билигин хас биирдии структурнай подразделение тулалыыр эйгэ харыстабылын салаатыгар барыларыгар тэҥ быраабылалаларга бас бэринэр, араарыы, сымнатыы суох. Экологияҕа куттал суох буолуутугар АЛРОСА биир кэлим стратегията эрэ баар. Ону толорбот буолуу ис ирдэбилгэ тириэрдэр.

Оҥорон таһаарааччылар, арааһа, эһигини сөбүлээбэттэрэ буолуо?

— Оннук баар буолааччы (мичээрдиир). Ханнык баҕарар уларыйыылар, ордук өйгүнэн-са­­нааҕынан, судургута суох ылыныллаллар. Оҥорон таһаарыы култуурата экологияҕа куттала суох үлэни ситиһии биир төрүөтүнэн буолар. Онуоха, “тулалыыр эйгэ харыстабыла” хаһан да дохуоту аҕалбат чааһынан буолар – мэлдьи хоромньу ороскуоттаах ыстатыйата. Биһиги харчыны аҕалбаппыт, тугу да хостообоппут, тутууну ыыппаппыт. Кэлэммит: “Биһиэхэ онно харчы наада, манна харчы наада”, – эрэ диибит.  Биһиги АЛРОСА салалтатын улаханнык сыаналыыбыт. АЛРОСА – биһигини истэр эрэ ­буолбакка, болҕо­йор, сэргиир аҕыйах хампаанньаттан биирдэстэрэ. Мин тэҥниир кыахтаахпын, туох да диэбит иһин, 19 сыл үлэлээбит үөрүйэхтээхпин. Хампаанньа салалтатын сыһыана чопчу сыыппараларынан бигэргэтиллэр. 2019-2023 сылларга тулалыыр эйгэ харыстабылыгар уонна экологияҕа куттал суох буолуутугар АЛРОСА дьаһалларын биир кэлим бырагыраамата 30 миллиард солкуобай кэриҥэ үбүлээһини көрөр.

*  *  *

Дьэ, АЛРОСА Экологияҕа киинин салайааччытын кытары кэпсэтиини хас да ый устата күүппүппүт. Биһиэхэ көрсүһүүнү «хоруона хамсыга атахтыыр» диэн быһаарбыттара. Кэпсэтии тахсар буолбутугар, биһиги төһө бириэмэлээхпитин ыйыппыппытыгар Полина Анисимова: «Мин сарсыҥҥа диэри бириэмэлээхпин», – диэбитэ. Ол да буоллар, киэһэ бүппүппүт. Элбэҕи, ол иһигэр 2018 сыллаахха Иирэлээххэ быһыт тоҕо барбытын кэнниттэн туох уларыйыылар тахсыбыттарын уо.д.а. аны­гыскы кэпсэтиигэ салҕыахпыт.

«Саха сирэ», edersaas.ru сайтка анаан Айталина Никифорова,

Сергей Сумченко суруйууларыттан Надежда ЕГОРОВА тылбааһа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0