АЛРОСА Бэс Күөлгэ 200 мөлүйүөн солкуобайы көмөҕө ыытыаҕа

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

АЛРОСА кэтээн көрөр сэбиэтэ Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр саҥа дьиэлэри тутууга 200 мөлүйүөн солкуобайы ыытарга сөбүлэстэ. Бу үп дьиэлэри тутууга уонна хаһаайыстыбаннай эбийиэктэри чөлүгэр түһэриигэ ананыаҕа диэн СИА иһитиннэрэр.

«Бу уустук кэмҥэ АЛРОСА Саха сирин салалтатын кытта ыкса үлэлэһэр, көмөлөһөр. Бу көрүллүбүт үп эмсэҕэлээбит дьон олохторун-дьаһахтарын түргэнник оҥостоллоругар көмө буолуоҕар эрэнэбит», — диэн АЛРОСА генеральнай дириэктэрэ Сергей Иванов этэр.

Көрүллүбүт үп СӨ Үүнэр көлүөнэтин пуондатын нөҥүө ааһыаҕа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0