АЛРОСА алмаас сэртипикээттэрин уонна макыаттарын туттарда

Бөлөххө киир:

2022 сыл муус устар 1 күнүгэр, САССР 100 сылын көрсө АЛРОСА хампаанньа Дьокуускайга бөдөҥ алмаастар ааттара иҥэриллибит уһулуччулаах дьону чиэстээтэ.
Саха сирин уһулуччулаах судаарыстыбаннай диэйэтэлэ, өрөспүүбүлүкэ алмааһы хостуур бырамыысыланнаһын төрүттэниитин олохтоспут Семен Захарович Борисов уонна РФ үтүөлээх геолога, Саха сирин геологиятын салаатын бэтэрээнэ Петр Романович Шишигин чиэстэригэр
ааттаммыт алмаастар куоппуйалара кинилэр тустарынан өйдөбүнньүгү илдьэ сылдьар чугас дьонноругар туттарылыннылар.

edersaas.ru

Пётр Шишигин

Саха Өрөспүүбүлүкэтин геологиятын салаатын биир биллэр бэрэстэбиитэлэ Петр Романович Шишигин аатын бөдөҥ алмааска иҥэрэр туһунан быһаарыыны 2019 сыллаахха АЛРОСА хампаанньа ылыммыта. Петр Шишигин аатын ал­­мааска иҥэрэр туһунан этиини өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев киллэрбитэ.
«Петр Шишигин – өрөспүүбүлүкэ геологиятын салаатын бэтэрээнэ, РФ үтүөлээх геолога, судаарыстыбаннай диэйэ­тэл, СӨ Госкомгеологиятын бэрэссэдээтэлэ этэ. 2015 сыллаахха саха биллиилээх геологар өйдөбүнньүк бэлиэтин быһыытынан, биһиги министиэристибэбит үлэлиир Киров уулуссатын 13 нүөмэрдээх ­дьиэтигэр мемориальнай дуоска ыйаммыта. Онтон билигин Саха АССР 100 сылын бырааһынньыктааһын чэрчитинэн, кини аатынан ааттаммыт алмаас куоппуйатын Петр Шишигин дьиэ кэргэнигэр туттарар чиэс бэрилиннэ», – диэтэ СӨ бырамыысыланнаска уонна геологияҕа миниистирин солбуйааччы Андрей Сычевскай.
Саха сирин геологиятын салаатын бэтэрээнэ, РФ үтүөлээх геолога, Геологияҕа уонна сир баайын туһаныыга СӨ судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ (1999-2003 сс.), СӨ үтүөлээх сири оҥорооччута Петр Шишигин геологияҕа олоҕун 40-тан тахса сылын анаабыта уонна өрөспүүбүлүкэ минеральнай-сырьевой базата сайдарыгар улахан кылаатын киллэрбитэ. Кини көмөтүнэн геологическай-чинчийэр са­­лааны салайыы структурата олохтоохтук уларытыллыбыта уонна дьоһуннаах ары­йыылар оҥоһуллубуттара, ол иһигэр «Ботуобуйа» уонна «Ньурба» туруупкалардаах Бүлүүтээҕи-Мархатааҕы алмааһы хостуур оройуон.
«Петр биһиги өрөспүүбүлүкэбит алмаастарынан баайын билэрэ уонна куруук: «АЛРОСА – бүддьүөтү оҥорор сүрүн тэрилтэ», – диэн этэрэ. Мин СӨ Бырамыысыланнаска министиэристибэтигэр бу дьаһалы тэрийбитигэр, Ил Дархан Айсен Николаевка өрөспүүбүлүкэ уһулуччулаах диэйэтэллэрин үйэтитэр


«Саха АССР 100 сылыгар 100 анал ал­­маас» диэн интэриэһинэй бырайыагын иһин махтанабын. Мин кэргэним инники кэккэҕэ бу бырайыакка киирбитэ икки төгүл үөрүүлээх. Биһиги быйыл өрөспүүбүлүкэбит 100 сылын, алмаас­таах салаа тэриллибитэ 60 сылын бэ­­лиэтиибит. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит сайдара ал­­мааһы хостуур, көмүһү хостуур бырамыысыланнас сайдыытын кытта ыкса си­­бээстээх. Мин олохпун эмиэ геологияҕа анаабытым, манна сылдьан тапталлаахпын көрсүбүтүм, бу салааҕа үлэлиир миэхэ мэлдьи интэриэһинэй этэ. Кэргэним олоҕун анаабыт үлэтэ бэлиэтэммититтэн биһиги дьиэ кэргэн олус үөрэбит», – диэтэ Федора Шишигина.

Саха биллиилээх геологын чиэһигэр ааттаммыт алмаас 2019 сыллаахха ыам ыйын 25 күнүгэр АЛРОСА Айхаллааҕы Хайа-байытар кэмбинээтин 14 №-дээх байытар фабрикатыгар «Юбилейнай» туруупка рудатыттан хостоммута. Октаэдр быһыылаах дьэҥкир кристалл 78,74 караттаах. Бу – АЛРОСА 2019 сыллаахха хостообут бөдөҥ ювелирнай алмаастарыттан биирдэстэрэ. Санатан эттэххэ, АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын кытары «Саха сирин 100 сылыгар 100 анал алмаас» бырайыагы олоххо киллэрэр. Көҕүлээһин ааптара -– эрэгийиэн баһылыга Айсен Николаев. 2019 сыл бүтүүтэ кини ювелирнай хаачыстыбалаах 100 бөдөҥ алмааска өрөспүүбүлүкэ 100 уһулуччулаах диэйэтэлин аатын иҥэрэргэ этии киллэрбитэ. Билигин бырайыак түмүктүүр түһүмэҕэр сылдьар. 2022 сылга анал ааттаах алмаастар репликаларын туспа экспозицията «Арассыыйа – мин устуоруйам» устуоруйа мусуойугар аһыллара былааннанар.

Семён Борисов

Семен Борисов чиэһигэр ааттаммыт алмаас куоппуйата уонна ону бигэргэтэр сэртипикээт Мэҥэ Хаҥалас улууһун Лоомтука сэлиэнньэтигэр кини үөрэммит оскуолатын мусуойугар хараллыахтара. 2022 сыл атырдьах ыйын 24 күнүгэр Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын элбэх салаатыгар акылааты уурбут уонна өрөспүүбүлүкэ ситиһиилээхтик сайдыытыгар тирэҕи оҥорбут уһулуччу­лаах уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл төрөөбүтэ 111 сыла туолар.
«Семен ЗахаровичСаха сиригэр ал­­мааһы хостуур бырамыысыланнас атаҕар турарыгар, тэриллэригэр, сайдарыгар улахан тус оруоллаах, алмааһы көрдөөһүн саҕаламмытыгар геологтары өйөөбүтэ. Тоҕо диэтэххэ, өрөспүүбүлүкэ уонна бүттүүн дойду социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар бу сыаналаах таас суолтатын олус үчүгэйдик өйдүүрэ. Тоҕо диэтэххэ, 1957 сыллаахха “Якуталмаз” треһи тэрийии Саха сирин уонна дойду ал­­мааһы хостуур бырамыысыланнаһа саҕаланыытыгар олугу уурбута. Быйыл ол 65-с сыла үүннэ. ССРС Өҥнөөх металлургияҕа министиэристибэтэ ол кэмҥэ ал­­мааһы хостуур дойду бырамыысыланнаһын тэрийэр былаана суоҕа, арыый кэнники болдьоххо сыҕарытан испитэ. 1956 сыллаахха Семен Захарович Москваҕа саха бастакы алмаастарын бэйэтин кытары илдьэ кэлбитэ уонна баартыйа Киин Кэмитиэтин бастакы сэкирэтээрэ Никита Сергеевич Хрущевка көрдөрбүтэ. Кэлин КК пленумугар тыл эппитэ. Онтон икки ыйынан пленум быһаарыытынан Өҥнөөх металлургия министиэрис­тибэтэ Саха сиригэр алмааһы хостуур бастакы треһи – «Якуталмаз» тэрийбитэ», – диэн АЛРОСА СӨ былааһын уорганнарын кытары үлэҕэ отделын начаалынньыга Ладимир Аргунов үөрүүлээх тэрээһин аһыллыытыгар иһитиннэрдэ.


Тэрээһин кыттыылаахтара бэлиэтээбиттэринэн, Семен Захарович Борисов Саха сиригэр алмаастаах сирдэри баһылыырга, ону тэҥэ алмааһы хостуур салааны уотунан хааччыйар туһугар Мииринэй уонна Бүлүү куораттар, Бүлүүтээҕи ГЭС тутуллууларыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбитэ.
2001 сыллаахха С.З.Борисов аата Мэҥэ Хаҥалас улууһун Лоомтука сэ­­лиэнньэтин Тыыллыма орто оскуолатыгар иҥэриллибитэ. Бу кини үөрэммит оскуолатыгар мусуой аһыллыбыта. Үөрүүлээх сиэргэ-туомҥа улуус аатыттан Тыыллыма орто оскуолатын дириэктэрэ Федор Белолюбскай кытынна. Кини көҕүлээһининэн мусуойга биэрэргэ тустаах алмаас куоппуйата оҥоһуллубута.
«Мантан инньэ «Семен Борисов» диэн ааттаах алмаас куоппуйата биһиги оскуолабыт мусуойун экспозициятыгар дьоһуннаах миэстэни ылара үөрдэр», – диэтэ
Ф. Белолюбскай.
Үөрүүлээх сиэргэ-туомҥа С.З.Борисов уола, Семен Захарович туһунан кинигэ ааптара Афанасий Кириллин уонна документальнай киинэ ааптара уонна режиссера Иван Кривогорницын кытыннылар.

Семен Захарович Борисов аата 2000 сыллаахха 64,57 караттаах бөдөҥ алмааска иҥэриллибитэ. Алмаас 1999 сыллаахха ахсынньы 23 күнүгэр Айхаллааҕы Хайа-байытар кэмбинээт 14 №-дээх фабрикатыгар «Юбилейнай» туруупка рудатыттан хостоммута. «Биһиги оскуолабыт Семен Борисов аатын 2001 сылтан сүгэринэн киэн туттар. АЛРОСА хампаанньа «Семен Борисов» алмаас куоппуйатын биһиэхэ биэрэллэригэр көрдөспүппүтүн сөбүлэспитигэр махтанабыт. Алмаас куоппуйата биһиги мусуойбут сорҕотунан буолуоҕа, быыстапкаларга көрдөрүллэн биһиги кыраайбыт уһулуччулаах дьонун туһунан үүнэр көлүөнэҕэ санатыаҕа. Бу алмаас Семен Захарович биһиги өрөспүүбүлүкэбит сайдарын туһугар үлэлээбит уһулуччулаах киһи буоларын оҕолорго саната туруоҕа», – диэтэ Тыыллыма оскуолатын дириэктэрэ.

«Саха сирэ», edersaas.ru анаан Андрей ШИЛОВ суруйуутуттан тылбаас

Мария ВАСИЛЬЕВА түһэриилэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0