АЛРОСА алдьаммыт даамбаны балаҕан ыйын 8-гар диэри оҥоруохтаах

Бөлөххө киир:

Иирэлээх полигонун даамбатын чөлүгэр түһэрэргэ ханааба аһыллан, өрүс киртийиитэ хос хатыланна. «Кирдээх уу хаҥас биэрэгинэн киирэ турар. Даамба тоҕо барбытын курдук элбэх уу буолбакка, кыра эрээри, бастакы уонна алтыс даамбаны чөлүгэр түһэриэхтэригэр диэри өрүс уута киртийиэ», — диэн СӨ экологияҕа миниистирэ Сахамин Афанасьев иһитиннэрдэ.

edersaas.ru

Кини этэринэн, Иирэлээх Оччугуй Ботуобуйаҕа түһэр сирэ ыраастанна. Ботуобуйаттан Сунтаарга диэри өрүс уута кирдээх.

АЛРОСА үлэһиттэрэ дражнай полигоннар Иирэлээх өрүс сүнньүгэр баар даамбаларын чөлүгэр түһэрэр, бөҕөргөтөр үлэлэрин балаҕан ыйын 8 күнүгэр диэри бүтэриэхтээхтэр.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0