АЛРОСА-ҕа үлэлиир кыах хас биирдиибитигэр баар

07.08.2021
Бөлөххө киир:

«Интернациональнай» рудник 2011 сыллаахха аһыллыбыта уонна билигин АЛРОСА флагманынан, Мииринэй оройуона эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэ киэн туттуутунан буолар. Маннык ситиһиини боростуой шахтердар аҕалбыттара. Билигин АЛРОСА өрөспүүбүлүкэҕэ үлэ саамай улахан ырыынагын оҥорор. Мииринэйгэ Саха сирин бары муннугуттан кэлэллэр. Ол гынан баран, үлэ чэпчэкитэ суох. Хампаанньа кэккэ үлэһиттэрэ бэйэлэрин устуоруйаларын үллэһиннилэр.

edersaas.ru

Билигин Арассыыйаҕа хостонор алмаас улахан өлүүтүн АЛРОСА хампаанньа хостуур. 2020 сыл түмүгүнэн хампаанньа Саха сирин олохтоохторуттан 1587 киһиэхэ, ол иһигэр ыччакка, үлэни биэрдэ. Ол курдук, “Олохтоох каадырдары – бырамыысыланнаска” бырагырааманы олоххо киллэрэргэ 3,5 мөлүйүөнтэн тахса солкуобай бэриллибититтэн хампаанньа 2 мөлүйүөнү алмааһы хостооһуҥҥа ыытта.

Олохтоохтор этэллэринэн, шахтер идэтигэр баҕа санаа аҕалара сэдэх. Ол да буоллар, баҕа санаа оҥостон кэлбиттэр эмиэ бааллар. Холобур хайа-шахта тэрилин өрөмүөннүүр уонна үлэлэтэр слесарь Дмитрий Гуляев:

  • Мин урут «иһигэр» үлэлиир этим, үөһээ тахсыахпын, сотору кэминэн шахтаҕа үлэлиэхпин баҕарарым. Ол эрээри, миигин аармыйаҕа ыҥырбыттара. Сулууспа кэнниттэн эмиэ үлэбэр кэлбитим, ханнык эрэ кэмҥэ эмиэ үөһээ үлэлээбитим, онтон мин баҕа санаам туолбута – шаахтаҕа бэйэтигэр үлэҕэ киириэхпин сөп. Мин доҕотторум бары онно – шаахтаҕа үлэлээбиттэрэ, кинилэр үрдүк хамнастаах этилэр. Миигин ол тардара. Үчүгэй хамнаһы өлөрүү баҕа санаа буолар буоллаҕа. Ол баҕа санаам туолбута.

Оттон Юрий Михайлов бэйэтин санаатынан, шаахта үлэтигэр дьылҕата аҕалбыт киһинэн буолар. Юрий Бүлүүттэн сылдьар, уон сыл анараа өттүгэр Мииринэйдээҕи рудникка үлэлии кэлбитэ. Электрослесарь үөрэнээччититтэн саҕалаан баран, билигин номнуо учаастак начаалынньыгын солбуйааччы дуоһунастаах. Кини билигин бэйэтин атын эйгэҕэ кыайан оҥорон көрбөт. «Интернациональнай» рудник учаастагын начаалынньыгын солбуйааччы Юрий Михайлов:

    • Уопсайынан барыта оскуолаттан саҕаламмыта, мин Бүлүүтээҕи гимназияны бүтэрэн, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ Мииринэйдээҕи салаатыгар үөрэххэ киирбитим. 2010 сыллаахха университеттан “Хайа инженерэ” диэн идэлээх тахсыбытым. Тута идэбинэн АЛРОСА-ҕа – Мииринэйдээҕи Хайа-байытар кэмбинээт “Интернациональнай” руднигар үлэҕэ киирбитим.

Алмааһы хостооччу идэтэ көрсөр кутталларыгар шахтердар уонна кинилэр аймахтара, чугас дьоно үөрэммиттэр. Кылаабынайа, бырамыысылыннаска куттал суох буолуутун уонна үлэ харыстабылын тутуһуу чэрчитинэн. Анал таҥаһы уонна көмүскэнэр маасканы кэтии булгуччулаах. Бэйэҕин кытары бэйэни көмүскэнээччини – кислородтаах капсуланы илдьэ сылдьыы суолталаах. Дьолго, ону туһанар түгэн аҕыйахтык көстөр.
«Аан бастаан аймахтарым, биллэн турар, долгуйаллара, күн аайы: «Эһиги хайдаххытый?, «Үлэҕит хайдаҕый?», «Сир анныгар сылдьар кутталлаах буолуо?» диэн ыйыталаһаллара. Ол эрэн, барыта үчүгэй, манна толору үлэлиир балаһыанньа баар. Биһиги үлэбитигэр кэккэ куттал баар, ол эрэн, хампаанньа салалтата уонна биһиги үлэһиттэрбит үлэһиккэ куттал суох буоларыгар барытын оҥороллор», диэн Юрий бэлиэтээн этэр. Бу чэпчэкитэ суох идэҕэ атахха турарга кырата суох оруолу настаабынньыктар ылаллар. Манна «Бэйэ-бэйэҕэ итэҕэйсиэххэ уонна көмөлөһүөххэ” диэн хас биирдии киһи билэр. «Этэргэ дылы, киһи туохха барытыгар үөрэнэр. Барыта уопуту кытта кэлэр. Онуоха улахан оруолу настаабынньыктар ылаллар. Миэхэ көмөлөспүт уонна салайбыт дьоҥҥо барыларыгар махтал. Кинилэр саҥа үлэһиттэргэ олус көмөлөһөллөр, саҥа үлэһиттэр чэпчэкитик ылынар буолаллар, уопсайынан ураты ыарахаттары көрсүбэттэр», — диэн Юрий Михайлов кэпсиир.

Бырамыысыланнаска үлэҕэ настаабынньыктар оруолларын туһунан хайа-шахта тэрилин өрөмүөннүүр учаастак маастара Иннокентий Герасимов эмиэ кэпсээтэ:- Мин хампаанньаҕа үлэҕэ киирээт да, быраактыка тиийбэтин тута билбитим. Институкка үөрэнэр кэмҥэр теория үчүгэйдик иҥмит этэ, оттон үөрүйэх суоҕа. Ол гынан баран, үчүгэй, аламаҕай настаабынньыктар бааллара олус үчүгэй этэ, оробуочай үлэ уратыларыгар барытыгар үөрэппиттэрэ. Онон, икки сылынан мин бэйэм слесарь буолбутум. Ол гынан баран, кылгас кэмҥэ ситиһии мэктиэтин ким да биэрбэт. Юрий Михайлов бырамыысыланнас салаатыгар ситиһиилэнэргэ, үлэ атын эйгэлэригэр курдук. элбэхтик уонна сыралаһан үлэлиэххэ наадатыгар итэҕэйэр.

«Мин куттамматаҕым. Манна үлэлии кэлбит элбэх ыччат эмиэ үлэлииртэн куттамматаҕа, билигин дьоллоохтор. Туһааннаах үөрэхтээх уонна үөрүйэхтээх буоллаххына, АЛРОСА-ҕа үлэлии кэлэргэ туох да мэһэй баарын көрбөппүн. Манна хамнас дьоһуннаахтык төлөнөр, ол аата кыбартыыра, массыына уонна дэлэй олох туһунан ыраланар тоҕо сатаммат буолуой?”— диэн Юрий Михайлов кэпсээнин түмүктүүр.

Санатан эттэххэ, 2018 сыллаахха АЛРОСА “Олохтоох каадырдары – бырамыысыланнаска” бырайыагы олоххо киллэрэргэ өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай кэмитиэтин кытта хардарыта бииргэ үлэлииргэ сөбүлэһиигэ илии баттаабыта. Ол аата, Мииринэй рудниктарыгар кэлэр уонна үлэни саҕалыыр кыах хас биирдиибитигэр баар. Кылаабынайа – дойду бөдөҥ бырамыысылыннай хампаанньатын сорҕотор буоларга баҕарыы.

«Саха сирэ», edersaas.ru сайтка анаан Саргылана НЕУСТРОЕВА, Владимир ПАВЛОВ

АЛРОСА пресс-сулууспатын хаартыскалара

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0