АЛРОСА үлэһиттэрин эбии биэнсийэтэ

Бөлөххө киир:

Алмаас хостуур хампаанньа үлэһиттэрэ бочуоттаах сынньалаҥҥа таҕыстахтарына, икки сиртэн биэнсийэ ылаллар: су­­даарыстыбаттан уонна «Алмаастаах күһүн» пуондаттан. Урукку бырагырааманан кинилэр ыйга эбии дохуоттара 5 760 солкуобай этэ. Оттон билигин ити харчы 17 510 солкуобайга тэҥнэстэ.

edersaas.ru

Хампаанньа 2018 сыллааҕы үлэтин түмүгүнэн, биэнсийэлээх дьоҥҥо 1 453 мөлүйүөн солкуобай төлөммүт, ол иһигэр 1 345 мөлүйүөн солкуобай корпоративнай уонна биирдиилээн биэнсийэ бырагырааматынан, 108 мөлүйүөн солкуобай булгуччулаах биэнсийэ страхованиетынан (мунньуллар биэнсийэҕэ).

Алмаасчыттары эбии биэнсийэнэн хааччыйарга «АЛРОСА» сүрүн үбү уурдарааччы уонна акционер буолар. Былырыын «Алмаастаах күһүн»  судаарыстыбаннайа суох биэнсийэ пуондатын үбэ 30,6 бырыһыан эбиллэн, 29,5 миллиард солкуобайга тэҥнэспитэ.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0